Сылгы иитиитин сайдыытын дьүүллэһиэхтэрэ

Share

Сарсын, сэтинньи 29 күнүгэр,  Дьокуускайга “Сылгыны үөрдээн иитии – ааспыт, билиҥҥи уонна кэлэр кэм” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа.

Кэмпириэнсийэ тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх зоотехнига, СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, М.Г.Сафронов аатынан ТХНЧИ лабораториятын сэбиэдиссэйэ Иванов Реворий Васильевич 70 сааһыгар ананар. Арассыыйа таһымнаах тэрээһиҥҥэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров сүрүн дакылааты оҥоруоҕа.

Арассыыйаҕа бородууксуйаны биэрэр сылгыны иитии туругун уонна кэскилин туһунан Бүтүн Арассыыйатааҕы НЧИ  тыа хаһаайыстыбатын дуоктара Валерий Болаев, “ЮжУралПлемАктив” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Ольга Аксенова, Саха сиригэр сылгыларга племенной үлэни тэрийии туһунан “Сахаагроплем” тэрилтэ салайааччыта Алексей Жирков, татаар боруодатын генетическэй структуратын туһунан Ленар Загидуллин (Татарстан), Башкир сылгытын сайдыытын туһунан Камид Фархутдинов (Башкортостан), Бурятияҕа сылгыны үөрдээн иитии туһунан Цырен Жаргалов (Бурятия) уо.д.а. дакылааттарын истиэхтэрэ. Онон үрдүк научнай таһымнаах кэмпириэнсийэ буолара күүтүллэр.

Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара салгыы Ньурба улууһун сылгы баазаларын көрүөхтэрэ, Ньурбаҕа баран иһэн Бүлүү улууһун сылгы баазатыгар таарыйыахтара.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айыына Кожурова «Блогема» бириэмийэ кыайыылааҕынан буолла

Сэтинньи 27 күнүгэр Москваҕа «Блогема» бириэмийэ кыайыылаахтарын ааттаатылар. Саха сириттэн эдэр блогер кыыс Айыына Кожурова…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сергей Иванов СӨ Ыччат бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн талылынна

Сергей Иванов СӨ Ыччат бырабыыталыстыбатын V састаабын бэрэссэдээтэлинэн талылынна. Сэтинньи 25 күнүгэр бирикээскэ СӨ Бырабыыталыстыбатын…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо көрүүтэ суох сылдьарыттан уонна буруйу оҥороруттан сэрэтэр эрэгийиэннээҕи сокуоҥҥа уларытыылар киирэллэр

Ил Түмэн X пленарнай мунньаҕар “СӨ сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо көрүүтэ суох сылдьарын уонна…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускай үс олохтооҕо ийэ хапытаалын сэртипикээттэрин сокуоннайа суох туһаммыттар

Дьокуускай  куорат үс олохтооҕо ийэ хапытаалын үбүн-харчытын ылыыга түөкүннээһиҥҥэ буруйданаллар. Кинилэри буруйдуур дьыалаларын, СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эн туох диигин: «кыра тыаллаах», «улахан тыаллаах»

Саха тыла баай даҕаны. Ол эрээри, ол сүмэтин ситэ туһаммакка, күннээҕи “кэл-бар” диэн тылга көһөн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас улууһугар Мохсоҕоллоох-Хачыкаат хайысханан кыһыҥҥы суол аһылынна

Хаҥалас улууһугар сэтинньи 28 күнүттэн Мохсоҕоллоох-Хачыкаат хайысханан кыһыҥҥы суол аһылынна. Бу суолунан үс туоннаҕа диэри уйуктаах…

2 часа ago