Сылгыга, сүөһүгэ субсидия үрдүөҕэ
Саха сиригэр сылгы, сүөһү төбөтүгэр бэриллэр субсидия суумата үрдүөҕэ. Алтынньы 1 күнүгэр диэри тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын кэнсиэпсийэтин оҥоруохтара. Бу туһунан Ил Дархан “Россия 24” ханаалга анал биэриигэ кэпсээтэ.
Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ Арктикатааҕы сиригэр-уотугар нэһилиэнньэ олоҕун таһымын үрдэтии инники күөҥҥэ сылдьар хайысха буоларын бэлиэтээтэ.
— Арктика – биһиги инники кэскилбит. Манна тыа хаһаайыстыбатын бары көрүҥнэрэ сайдаллар. Нэһилиэнньэни олохтоох оҥорон таһаарыы бородууксуйатынан толору хааччыйар кыахтаахпыт. Бу хайысханан чопчу сорудахтары биэрдим. Алтынньы 1 күнүгэр диэри Арктика зонатыгар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ бэлэм буолуоҕа. Сылгыны, сүөһүнү көрүүгэ субсидия кээмэйэ үрдүүрүгэр сорудах биэрдим, — диэн кини эттэ.
Быйыл Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын өйүүргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн муҥутуур улахан суума – 14,2 миллиард солкуобай көрүллүбүтэ диэн СИА суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: