Сылгыһыт күнэ Дьааҥы улууһугар ыытыллыаҕа

Сылгыһыт күнэ Дьааҥы улууһугар ыытыллыаҕа

Ааптар:
12.03.2024, 12:00
Хаартыска: СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Быйыл Саха сиригэр Сылгыһыт күнэ муус устар 5-7 күннэригэр Дьааҥы улууһугар ыытыллыаҕа.

Кулун тутар 21 күнүгэр сыл ахсын Саха сиригэр Сылгыһыт күнэ бэлиэтэнэр. Бэлиэ күн өрөспүүбүлүкэҕэ аан маҥнайгытын 2017 сылтан бэлиэтэнэр.

Бырагыраамаҕа араас улуустартан сылгыһыттар, сылгы исписэлиистэрэ, учуонайдар мустаннар, «төгүрүк остуол» тула олорон, сылгыны иитии тирээн турар боппуруостарын дьүүллэһиэхтэрэ, уопут атастаһыахтара, племенной сылгылар быыстапка-атыылара, ат сүүрдүүтэ уонна сылгыһыттар күрэхтэһиилэрэ тэриллиэҕэ.

Санаттахха, Сылгыһыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күнэ 2022 сыллаахха Ньурбаҕа, 2023 сылга Амма улууһугар буолан ааспыттара. Былырыын Аммаҕа «Сылгыһыт күрэҕэр» 11 улуустан 19 хамаанда күөн көрсүбүтэ диэн СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: