Сылгыһыт күнүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын эҕэрдэтэ

Share

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха сиригэр Сылгыһыт күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Сандал саас маҥнайгы ыйыгар саха ураты тулуурдаах уонна судургу көрүүлээх саха сылгытын иитиигэ-ууһатыыга олохторун анаабыт дьоммут идэлээх бырааһынньыктарын бэлиэтиибит. Кулун тутар — сылгыны иитэр хаһаайыстыбалар уйгуларын быһаарар төрүөҕү ылыы эппиэттээх кэмин үгэнэ. Саха халандаарыгар “кулун тутар” диэн мээнэҕэ ааттаабатах буоллахтара. Оттон саха сылгыта – айылҕа маанылаах бэлэҕэ, хас биирдии сылгыһыт доҕоро, тирэҕэ, көмөлөһөөччүтэ.
Россия эрэгийиэннэрин ортотугар Саха сирэ сылгытын ахсаанынан инники күөҥҥэ сылдьар. 2023 сыл түмүгүнэн сылгы уопсай ахсаанын 14 % эбэтэр сыл бүтүүтүгэр барыллаан ааҕыынан 182 тыһыынча төбө өрөспүүбүлүкэ ирээтигэр тиксэр. Бу сылгыны үөрдээн иитиигэ олохторун анаабыт үгүс көлүөнэ сылгыһыт дьон саха төрүт дьарыгын үтүө үгэстэрин чөл хаалларыыга уонна үксэтиигэ сыралаах үлэлэрин түмүгэ. Саха сириттэн Социалистическай үлэ бастакы геройдарынан сылгыһыттар Р.И. Константинов, А.Е. Степанов, С.И. Васильев, Г.А. Кривошапкин, Т.С. Лукин, А.Н. Саввинов буолбуттара да элбэҕи этэр. Социалистическай үлэ 23 геройуттан 6 – сылгыһыттар.
Аныгы кэм сылгыһыттара албан ааттаах үгэстэри дьоһуннук салгыыллар. 2023 сылга «Үлэ киһитэ» бириэмийэнэн Таатта улууһун «Булуус» БФХ баһылыга Ариада Маркова, Сунтаар улууһун БФХ баһылыга Станислав Семенов, «Фермер-Ас» БФХ баһылыга Алексей Герасимов, Амма улууһун «Мэнкэр» дьиэ кэргэн ферматын Саргылана Рожина наҕараадаламмыттара.
Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 26 хаһаайыстыба племенной үлэнэн анаан дьарыктанар. 2022 сыллаахха “Саха сылгытын ууһатар племенной собуот” федеральнай статус историяҕа аан бастаан Амма улууһун И.Я.Строд аатынан тыа хаһаайыстыбатын производственнай кээпэрэтиибигэр иҥэриллибитэ. 2023 сыллаахха итинник статуһу ылар үрдүк чиэскэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Хорообут” ХЭУо уонна Таатта улууһун “Победа” ХЭУо тиксибиттэрэ.
Өрөспүүбүлүкэ сылгыны иитэр хаһаайыстыбаларын өйөөһүн судаарыстыба ыытар бэлиитикэтин биир тутаах туһаайыытынан буолар. 2024 сылга сылгыны үөрдээн иитиигэ 559,5 мөл. солкуобай, ол иһигэр 173,5 мөл. солкуобай суумалаах федеральнай үп ыытыллыаҕа.
Ил Түмэҥҥэ сылын ахсын оҥоһуллар Анал этиибэр саҥа кыахтары мунньуммут бөдөҥ предприятиелартан турар тыа хаһаайыстыбатын тирэҕин торумнуурга сорудахтаабытым. Бу предприятиелар тыа хаһаайыстыбатын баалабай бородууксуйатын 60 % итэҕэһэ суох кээмэйин хааччыйыахтара. Онуоха улахан эрэлбитин сылгыһыттарбытыгар эмиэ уурабыт.
Быйыл Сылгыһыт күнүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаһаллар Дьааҥы улууһугар муус устар 5-7 күннэригэр ыытыллыахтара. Үгэс курдук племенной сылгы быыстапката-атыыта, ат сүүрдүүтэ, “Сылгыһыт күрэҕэ” сылгыһыттар хамаанданан күрэхтэһиилэрэ ыытыллыахтара. “Сылгыһыт күрэҕэр” кыайыылаах тахсыбыт хамаанда 2 мөл. солкуобай кээмэйдээх бирииһи ылыаҕа, иккис миэстэ иһин бортовой-УАЗ массыына, үһүс миэстэлээххэ хаарга сүүрэр “Буран” туттарыллыаҕа. Сахалар үгэс буолбут дьарыктарын чопчулаабыт салааны сайыннарыы тирээн турар кыһалҕаларын өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэлбит сылгыһыттар “төгүрүк остуолга” дьүүллэһиэхтэрэ.
Ытыктабыллаах сылгыны үөрдээн иитээччилэр!
Бу бырааһынньык күн төрөөбүт дойдугут, өрөспүүбүлүкэҕит туһугар сыралаах үлэҕит иһин махталбын биллэрэбин. Эһиэхэ эйэлээх олоҕу, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну, чэгиэн доруобуйаны уонна уҕараабат эрчими баҕарабын.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана     А.С. Николаев

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

8 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

35 минут ago
  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

2 часа ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

2 часа ago
  • Быһылаан

Нерюнгрига массыыналар харсыстылар, биир киһини госпитализациялаатылар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…

3 часа ago