1998 сыл, сайын. Эдэркээн Ирина икки кыбартыыралаах дьиэ умайан эрэрин көрөн, бэйэтин харыстаммакка дьону быыһыы дьиэҕэ ыстаммыта. Бу – 11 тыһ. км айаннаан, саха атынан Москваҕа тиийбит Дугуйдан ийэтэ. Ийэ сылынан аҕыс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт амарах ийэ, истиҥ эбэ, сылгыһыт, ырыаһыт, хорсун, сатабыллаах Ирина Винокурованы кытта сэһэргэһиибитин ааҕыҥ.
– Ирина Христофоровна, ааҕааччыларбытыгар Винокуровтар дьиэ кэргэн туһунан билиһиннэрэн ааһыахха. Эйигин Хабаровскай кыраайтан төрүттээх диэн истибитим. Өймөкөөҥҥө хайдах кэлэн хааллыҥ?
– Өймөкөөн улууһугар кэлбитим быданнаата, улааппыт дойдум. Хомойуох иһин, төрөппүттэрим эрдэ суох буолбуттара. Биһикпин ыйаабыт сирбиттэн – Хабаровскай кыраай Охотскай оройуонун Арка сэлиэнньэтиттэн аҕам бииргэ төрөөбүт балта иитэ ылан, Өймөкөөҥҥө сүктэн кэлэригэр илдьэ кэлбитэ. Кэлэ-бара сылдьыбытым, Өймөкөөҥҥө Томторго үөрэммитим, оскуоланы Хабаровскайга бүтэрбитим. Николаевскайдааҕы педагогическай училищеҕа алын кылаас учуутала идэтигэр үөрэххэ киирбитим.
Олоҕум аргыһын Семен Львовиһы кытта Өймөкөөҥҥө бииргэ улааппыппыт. Миигин кэтэһэ сылдьыбыт эбит. Төрдүс кууруска диэри үөрэнэн баран, 1988 сыллаахха сынньалаҥмар кэлэн, салгыы үөрэнэ барбакка, ыал буолан хаалбытым.
Улахан кыыспыт икки ыйдааҕар номнуо Агаякан баазаҕа тахсыбыппыт, аҕабыт “Үчүгэй” сопхуоска сылгыһыттыыра. Ол курдук уон сыл биллибэккэ элэстэнэн ааспыта.
Төрүүрүм саҕана, эмиэ ат үрдүгэр олорбутунан быраастаах сиргэ Үчүгэйгэ кэлэрим. Аҕыйах хоноот, күн сирин көрбүт кырачаан киһибитин көтөхпүтүнэн төттөрү баазаҕа барарбыт.
– Оҕолоргут төрүөхтэриттэн сылгы үрдүгэр улааппыттар эбит дии.
– Оннук. Сүрүн көлөбүт – ат, тыраахтар, буран. Ол иһин оҕолорбут тыаҕа олоро үөрүйэхтэр. Ити улахан биэс оҕобутун этэбин. Мин маҥнай онно чуум үлэһит быһыытынан сылдьыбытым, салгыы сылгыһыттаабытым. 1988 сылтан сылгыга, уопсайа, 25 сыл үлэлээтим. Оҕолор улааппыттарын кэннэ сыыйа-баайа бөһүөлэккэ көспүппүт.
2015 сылтан оскуола оҕолорун эбээн норуотун үгэһигэр уонна култууратыгар уһуйабын. Эбээн тылын, ырыатын-тойугун үөрэтэбин. “Умтичан” оҕолор ансаамбылларын тэрийбитим. Шикша эбээннии – умтичан. Бу отон кыһыннары-сайыннары турар, туох баар кыыл барыта сиир, уулаах буолан тыынар тыыннаахха туһата үгүс, эмтиир күүстээх. Чоҕулуччу көрбүт оҕо хараҕын курдук хап-хара. Ол иһин ити курдук ааттаабытым. Ансаамбылбыт улуус, өрөспүүбүлүкэ, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах куонкурустарга үгүс ситиһиилэрдээх.
– Тыа сиригэр элбэх оҕону төрөтөн атаҕар туруоруу – бэйэтэ туспа хорсун быһыы. Дугуйдан диэн сэдэх, соҕотох аат. Туох суолталааҕый? Атын оҕолоргут эмиэ ураты ааттаахтар дуо?
– Улахан биэс оҕобут кэнниттэн уон үс сыл буолан баран үс кырабыт күн сирин көрбүтэ. Улахаттарбыт бэһиэн туспа ыаллар, уонтан тахса сиэннээхпит.
Улахан кыыспытын Нина диэн ааттаабыппыт. Иккис кыыс Уля – кэргэним эһэтин бииргэ төрөөбүт балтын аата. Бөдөҥ, күүстээх дьахтар эбитэ үһү. Дугуйдан – чиэппэр күүстээх киһинэн биллэр кэргэним эһэтин быраатын хос аатын иҥэрбитэ. Дьон үксэ Дугуйдаан диэн уһатан, сымнатан суруйаллар, ити сыыһа. Пааспарга киирбитинэн Дугуйдан. Дугуйданан, ыраатан үөһэ дабай диэн өйдөбүллээх. Суолтата – күүстээх, сымса. Семеринаҕа Семен уонна Ирина диэн иккиэммин ааппытын холбоон, бэйэм толкуйдаан иҥэрбитим. Софияҕа эбэтин аатын биэрбиппит. Кыраларбыт – Самаана самаан сайыны көрсө бэс ыйыгар төрөөбүтэ, Туйгун бастыҥтан бастыҥ, мурун бүөтэ Аяврина эбээннии таптал диэн ис хоһоонноохтор. Үс кырабыт – оскуола үөрэнээччилэрэ.
– Дугуйдан атынан ыраах айаҥҥа барабын диэбитин ийэ быһыытынан хайдах ылыммыккыный?
– Эрдэ көннөрү кэпсэтиигэ этэн ааһаллара, ону улаханнык аахайбат этибит. Ол сайын сылгыбыт баазатыгар туристары көрсөргө көрдөспүттэрин, ылыммыппыт. Эһиилигэр биһиэхэ кэлэн барбыт турист атын туристары аҕалбыта, онно Дугуйдан сылдьыспыта. Онтон былырыын баран көрүөхпүт диэбитигэр, туох диэн тохтотуомуй, ийэ, аҕа быһыытынан утарсыбатахпыт. Тус бэйэм, киһи санаабытын олоххо киллэриэхтээх диэн толкуйдаахпын, оҕолорбун ол курдук иитэбин. Бэйэҕит кыаххытын, сатабылгытын көрдөрүөхтээххит диибин. Биһиги аттар туруктара хайдах буоларын билиэхпитин баҕарбыппыт. Аҕабыт аттары биэрэригэр бэрт холкутук: “Аттар тиийэллэр, аа-дьуо тиийэллэр. Уолбар, аттарбар эрэнэбин”, – диэбитэ. Биллэн турар, ийэ киһи испэр долгуйарым ханна барыай, ол эрээри, биллэрбэтэҕим. Элбэх оҕолоох ийэ буоларым быһыытынан, кинилэр тустарыгар “ыалдьарбын”, саныырбын-ахтарбын олох биллэриэ суохтаахпын диэн өйдүүрүм. Оҕо барытын ыраахтан сэрэйэн билэр, чугастык ылынар. Ханна тиийдиҥ, тугу аһаатыҥ, хайдах таҥна сылдьаҕын диэн биир даҕаны улахан оҕобуттан ыйыппаппын. Уолум айанныы сырыттаҕына да туоһуласпат этим. Сибээстээх сиргэ тиийдэҕинэ бэйэтэ эрийдэҕинэ кэпсэтэрбит. Эр киһи, ыал аҕата буоллаҕа. Биллэн турар, дьон арааһы суруйарын ааҕа-ааҕа кэргэмминиин хомойорбут, ньиэрбинэйдиирбит. Уолбар махтанабын, бэрт холку этэ: “Ийээ, барыта үчүгэй, төрүт кыһаныма, дьон уоскуйуоҕа”, – диирэ.
Мичил Неустроев – улахан кыыспыт кэргэнэ. Кини барсарын истэн улаханнык үөрбүппүт. Хомойуох иһин, аттара табыллыбакка, айан улахан аҥаарыттан туораан хаалбыта да буоллар, бэйэтин кыаҕын көрдөрдө дии саныыбын.
Ити уһун уустук айаҥҥа Дугуйдан оҕолоро – сиэннэрбит өйөбүл буоллулар. Уонна саамай сүрүн оруоллаах кийииппит – Дугуйдан кэргэнэ Катерина Аркадьевна Винокурова буолар. Киниэхэ махталбыт сүҥкэн. Уолбут санаатын өйдөөн, өйөөн, айанын тухары тэйиччиттэн арыаллаан, көмөлөһөн ыраах айана табылынна, толкуйун ситистэ.
– Ирина Христофоровна, оҕону иитиигэ туох кистэлэҥнээххитий? Эһиги ыал тус холобургутун, кистэлэҥҥитин даҕаны диэххэ сөп, үллэстиэҥ буолаарай.
– Оҕолорбун таптыыбын. Кыра эрдэхтэриттэн үлэнэн иитэбит. Биэс улахаммытын бэйэбититтэн харыс даҕаны халбарыппакка, батыһыннара сылдьарбыт. Ол иһин биһиги тугу үлэлиирбитин көрөн, тэҥҥэ хамсанан улааппыттара. “Улааттаххытына, ыал буолан туспа бардаххытына үлэлии үөрүйэххит, сатабылгыт бэйэҕитигэр туһалыаҕа”, – диэн өрүү хатылыырым. Оҕолорбут баҕарар дьарыктарынан тэҥҥэ дьарыктанабыт. Уонна оҕолорбутун кытта элбэхтик кэпсэтэбит. Уһуйааҥҥа сылдьар кэмнэригэр сарсыарда тугу аһаабыттарын, минньигэһин-суоҕун, кимниин оонньообуттарын, хас оҕо баарын, ааттара кимнээҕин барытын ыйыталаһарым. Оҕо күннээҕитин кыралаан кэпсээн, бэйэтин санаатын этэн кэбиһэр, оччоҕо кэлин хардарыта сыһыан үөскүүр. Аныгы оҕоҕо ити хаачыстыба суох, сайдыбатах. Үс кырабытын улахан биэс оҕобутуттан букатын атыннык иитэбит. Бэйэбит да көрүүбүт, олох даҕаны уларыйар. Урут “переходной возраст” диэни билбэт этибит. Оҕо үлэттэн быыс булбат буолан, ону билбэккэ даҕаны хаалбыттара. Билиҥҥи оҕо үгүс бириэмэтин дьиэҕэ, куйаар ситимигэр атаарар. Мин быыс-арыт буллахпына, ханна эбит баран кэлэбит. Аҕабыт үксүн тыаҕа сылдьар, бары бииргэ алтыһар кэммит ахсааннаах.
Күннээҕи былаантан саҕалаан, уопсай сүбэҕэ тиийэ тэҥҥэ ырытабыт. Кыраларбытын төһө уоту туһаммыппытын, төһө маһынан кыстыгы туоруурбутун ааҕарга-суоттуурга үөрэтэбит… Ынах көрөн, үүтүн туттаран, үөрэнэр тэрил ылыналлар. Сылгыга анаан оттуугут, убаһа этин атыылаан эһиэхэ таҥас атыылаһабыт, эһиги харчы оҥостоҕут диэн быһаарабыт. Оччоҕо оҕо кыратыттан күннээҕи олоҕу билэ, кыһалҕаны туоруу улаатар. Маны барытын кыратыттан көрө, суоттуу үөрэммит оҕо кэлин бэйэтэ биһигиннээҕэр толкуйа быдан атын, киэҥ буолар эбит.
Тыа сиригэр олорбуппут да иһин, сынньалаҥнарын кэмигэр ойуурга булгуччу тахсабыт. Дугуйдан кыра эрдэҕиттэн бэрт элбэхтик хамсанар-имсэнэр. Мунньуллубут күүһүн, эниэргийэтин тыаҕа тахсан үлэҕэ таһаарара.
– Төһө кытаанах ийэҕиний?
– Кытаанахпын, ирдэбиллээхпин, түгэниттэн көрөн мөҕүөхпүн да сөп. Холобур, дискотекаҕа эҥин баралларыгар аҕаларыттан көҥүллэтэллэр. Аҕабыт миигиннээҕэр сымнаҕас эрээри, кыыһырдаҕына, нууччалыы эттэххэ, “мало не покажется”.
Итиэннэ оҕо истэр кэмигэр хаһан даҕаны көмүскэспэппит. Сыыһар да түгэммитигэр ону кэлин, оҕолор истибэт кэмнэригэр ырытыһабыт.
Былырыыҥҥыттан биһиги дьиэ кэргэн бырайыагынан оскуола иһинэн “Юный всадник” лааҕыры аһан үлэлэтэн эрэбит. Былырыын уонча оҕо дьарыктаммыта, биирдиилээн аттары сыһыарабыт. Үөрэнээччини дойдуга тапталга, патриотическай тыыҥҥа иитиигэ биир хайысханан буолар.
– Ат үрдүгэр олорор хаартыскаҕын көрдүм. Билиҥҥэ диэри ат үрдүгэр олороҕун дуо? Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?
– Олорон, сүрүн миинэр миҥэм, ата суох сатаан сылдьыбаппын. Бултуурбун сөбүлүүбүн. Аҕабыт чыычааҕы ыппаппын диэн кустаабат. Мин кустуубун, тайахха эмиэ сылдьабын. Кэргэммин кытта тыатааҕыны бултаан турабыт. Оннук түгэн элбэх. Аны бултуубун, сылгы көрөбүн эрээри, кус, куобах, сылгы этин сиэбэппин. Таба, тайах, чубуку, ынах этин ордоробун.
Эдэрбэр түүлээххэ тиийэ иистэнэрим, билигин ол дьарыкпын кыралаан сөргүтэн эрэбин. Сыыйа Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэбит, таҥаспытын-саппытын көрүнэбит, саҥардабыт.
– Эмиэ интэриэһинэй эбит. Соторутааҕыта ыллыы турар видеоҕын көрбүтүм. Хаһааҥҥыттан ыллыыгын?
– Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан ыллыыбын, дойдубар Охотскайга хорга дьарыктанарым, үҥкүүлүүрүм. Аймахтар-уруулар көрсүһүүлэригэр ыллыырым. Улахан ырыаһыт буолбатахпын эрээри, 2001 сылтан сыанаҕа тахсыбытым. Бэйэм сөбүлүүбүн. Хомойуох иһин, ырыа суруйбаппын. Үксүн эбээннии ырыалары толоробун.
“Долгунча” ансаамбылбыт салайааччыта Зинаида Платоновна Никулина, хомойуох иһин, бараахтаабыта биир сыл буолла. Төрөөбүт тылын бэркэ баһылаабыт, патриот киһи этэ. Кини нууччалыыттан эбээннии тылбаастаабыт байыаннай, уо.д.а. ырыалары толоробун. Аҕабыт бииргэ төрөөбүт быраатын кэргэнэ, кийииппит Мария Петровна Винокурова хоһоон суруйуунан дьарыктанар. Кини тылларыгар элбэх ырыа күн сирин көрдө. Биир дойдулаахпыт Майя Арсентьевна Винокурова тылыгар, Раиса Николаевна Тимофеева-Михайлова матыыбыгар Өймөкөөн туһунан толорор ырыам киэҥ эйгэҕэ таҕыста. Соторутааҕыта Анатолий Платонович Степанов эбээн тылыгар тылбаастаабыт ырыатын уһуллубут. “Добун” устуудьуйа салайааччытыгар Антон Ивановка махтанабын. Кини устуудьуйатыгар уһуллан, бу ырыаларбыт истээччигэ тиийэр кыахтаннылар.
Оҕолорбор, сиэннэрбэр эбээннии ырыалары, хоһооннору, һээдьэни үөрэтэбин. Биһиги дьиэ кэргэнтэн саамай ырыаһыппыт кыыспыт Самаана. Быйыл ат сүүрдүүтүгэр Өймөкөөн улууһа кыайыылааҕынан ааттанна.
– Төһө элбэх ырыалааххын?
– Син баар, инникитин иитиллээччилэрим, оҕолорум ырыаларын хабан, альбом таһаарар баҕа санаалаахпын. Сахалыы аҕыйах, үксэ эбээннии ырыалар.
(Ирина Винокурова кэрэ куолаһын истиҥ)
— Дугуйдаан ылаабат дуу?
— Мин истэрбэр суох, баҕар, тыаҕа ыллыыра буолуо. Аҕабыт урут ат туһунан бэйэтэ айар этэ. Хомойуох иһин, олор тиһиллэн хаалбатахтар. Биир ырыатын тылын хоһоонньукка көннөртөрбүтүм. Ол тылларыгар матыып оҥорторон ырыа гынан көтүтэр толкуй эмиэ баар.
– Ирина Христофоровна, эйигин умайа турар дьиэттэн дьону быыһаан турардаах диэн истибитим. Хаһан, хайдах этэй?
– Олохпутугар буолан ааспыт биир түгэн диэххэ сөп. Дьиҥэр, ол туһунан киэҥ эйгэҕэ кэпсии сатаабаппын. 1992 сыллаахха Өймөкөөн улууһугар Агаякан баазабытыттан чугас баһаар турбута. Сайылык эр дьоно бары онно барбыттара. Оччолорго Гоголевтар, Винокуровтар сылгыһыттыыллара, оҕолордоохтор. Биһиги үс оҕолоохпут. Эдэр ийэлэр: “Бырдаҕа бэрт, түптэлиирбит дуу”, – диэбиттэрин тыаллаах, уматымаҥ диэн сэрэттим. Сотору кэминэн миэхэ киирдилэр. Чэйдии олордохпутуна, баайыллан турар ыппыт үрэр да үрэр, биһиги баһаар эрэ туһунан санаабакка олоробут. Оҕом түннүк аттыгар утуйа сыппыта, эмискэ туран кэлэн: “Маама, дьиэ умайар!” – диэн хаһыытаата. Иһиттибит дуу, истибэтибит дуу диэт таһырдьа ыстанныбыт.
Арай көрбүппүт, аана, кырыыһата барыта умайан күдэпчилэнэ турар. Кыһалҕатыгар түннүктэр араамалара кып-кыралар. Анараа өттүгэр тиийбитим, түннүк тилэри. Түннүгү илиибинэн алдьатан, тааһын ыраастаабыта буолаат, дьиэҕэ киирдим.
Үчүгэйэ диэн, ороннор түннүк анныгар утарыта турбуттар. Оҕолору биир-биир таһаартаатым. Үөһэттэн ууллубут итии туол таммалыы турар эбит. Хаһан түннүгүнэн биэриэхпэр диэри биир оҕо атаҕар түһэн ыһыы-хаһыы бөҕөтө буолла, дьонум уолуйан хааллылар, сүүрүү кытаанаҕа. Ол икки ардыгар аттынааҕы кыбартыыраҕа бэтэринээр Дабыыт оҕонньор баарын өйдүү биэрэн, аанын тоҥсуйан дибдийдим. Барахсан таастыы утуйбут, букатын истибэт. Аанын аһаатын кытта: “Дьиэбит умайа турар!” – диэн хаһыытаатым.
Дьиэлэр бэйэ-бэйэлэригэр ыкса тураллар, биир дьиэ умайда да барытыгар барар кутталлаах. Уу таһан умуруорарга күһэлиннибит. Үрэхпит 50-тан тахса миэтэрэ тэйиччи сытар, дьолго, чугас. Аны ити кэмҥэ аҕыйах ыйдаах хат сылдьабын. Хас биэдэрэ ууну таспыппытын айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Бу барыта бэрт кылгас бириэмэ иһигэр.
Аны бородууктабытын, туттар малбытын-салбытын барытын таһаарыахпытын наада. Үһүө буолан бэрт аҕыйаҕы тастыбыт. Дьоммут тыаттан сарсыарданан кэлбиттэрэ.
Кыргыттар таас үрдүгэр түптэлээбиттэр, онтуларын аһаҕас аан аттыгар уурбуттар. Тыала бэрт буолан үрээтин кытта, уот салаан ылбыт. Ботуруон, кэнсиэрбэ эстэр тыаһа ынырык этэ, ол быыһыгар ыты кыайан быыһаабатахпыт, саһан хаалбыт быһыылаах этэ. Түөрт оҕону, биир улахан киһини уоттан таһаарбыппыт.
– Чахчы хорсун быһыы. Наҕараада эҥин туттарыллыбыта дуу?
– Хамыыһыйа кэлэн барбыта. Оччолорго хайдах эрэ наҕараада эҥин туһунан улаханнык толкуйдаабатахпыт. Бэйэм даҕаны кэпсии соруммаппын, эн курдук ыйыттахтарына эрэ. Оҕолор этэҥҥэлэр, билигин бэйэлэрэ ыал дьон. Саамай үөрэрим – ол.
Түмүккэ, Ийэ сылынан Саха сирин ийэлэрин эҕэрдэлиибин. Билиҥҥи курдук кэмҥэ ийэлэр оҕолорбутугар дууһабытын ууран, истиҥник кэпсэтэн, элбэхтик алтыһан иитэрбит ирдэнэр. Дьиэ кэргэҥҥэ саамай сүрүн – кэпсэтии. Олох тутула дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Төрөппүт иллэҥ бириэмэм суох диэн куотуммакка, үлэ төһө да түбүктээҕин иһин оҕоҕо быыс-арыт хайаан да булан, болҕомто уурар, санаатын истэр ирдэнэр. Төрөппүт оҕо, сиэн туһугар олорор, кинилэр баар буолан биһиги олоххо сыаллаахпыт-соруктаахпыт, инникигэ эрэллээхпит.
– Ирина Христофоровна, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтал.
Хаартыскалар Винокуровтар дьиэ кэргэн тус архыыптарыттан туһанылыннылар.
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…