Степан Васильев аатынан Мэҥэдьэк отделение Нөөлбүктэ звенотун сылгыһыттарыгар саҥа буран тиийдэ.
2023 сыл түмүктэнэн, саҥа сылга үктэнэн, салгыы былааннаммыт үлэни ыытарга толкуйбутун тобулан үлэбитин саҕалаатыбыт.
2022 сыл сайыныгар Ньурба улууһун Маалыкай бөһүөлэгэр үлэлии-хамсыы олорбут Степан Васильев аатынан сылгы собуота “Саха сүөһүтэ” генофонда хааһына тэрилтэтигэр бэриллибитэ. Үлэни сүрүннүүр эппиэтинэстээх киһинэн зоотехник Егор Горохов анаммыта.
2023 сылга сылгыһыттар иннилэригэр сыал-сорук турбута – төрүөҕү ылыыга уонна улахан сылгы төбөтүн ахсаанын хаалларыыга. Онтон сэтинньи ыйга Егор Горохов биир ый кэриҥэ Маалыкайга, Малдьаҕарга уонна Хатыыга баар звеноларга сылгыны ааҕыыга сылдьан кэлбитэ. Ааҕыы түмүгүнэн, Степан Васильев аатынан Мэҥэдьэк отделениетыгар уопсайа 415 төбө сылгы баар, ол иһиттэн биэтэ 192 төбө.
«Хаһан да, ханна да кэмигэр дьон үлэтэ сыаналаныахтаах. Ынах-сылгы иитиитигэр үлэлии-хамсыы сылдьар дьону өрө тутуохтаахпыт. Кинилэр буоллаҕа, аспытын-үөлбүтүн оҥорон таһаарааччыларбыт. Биир да күн өрөбүлэ суох, тымныыны-куйааһы аахсыбакка үлэлии-хамсыы сылдьар дьон үлэтэ, сырата сыаналаныахтаах», — диэн бэлиэтээн этэр Александр Артемьев, «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтин дириэктэрэ.
Дьэ, онон 2023 сыл түмүгүнэн бастыҥ көрдөрүүлээх звеноҕа “Буран Лидер АДЕ” ылан биэрэргэ быһаарыы ылыллыбыта.
Сыллааҕы үлэ түмүгүнэн, төрүөҕү ылыыга уонна улахан сылгы төбөтүн ахсаанын хаалларыыга үчүгэй көрдөрүүлээх “Нөөлбүктэ” звенота кыайыылааҕынан тахсан буран көлөнөн наҕараадаланна.
Звеновод Егор Саввинов, сылгыһыттар – Аркадий Иванов, Анатолий Платонов уонна плем учуотчук Иннокентий Духов. “Нөөлбүктэ” звеноҕа 179 сылгы иитиллэн турар, ол иһиттэн биэтэ — 71.
Бу күннэргэ бураннара тиийэн сылгыһыттар үөрүүлэрэ үгүс. Салгыы өссө таһаарыылаахтык үлэлиир-хамсыыр санаалаахтар.
Бордоҥ нэһилиэгин баһылыга Прокопий Юрьевич Степанов тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар болҕомтотун уурар. 2024 сылга нэһилиэк дьаһалтата Степан Васильев аатынан Мэҥэдьэк отделениеҕа олохтоох бюджеттан 500 тыһыынча солкуобайы көрөр былааннааҕын иһитиннэрэн турар. Ньурба улууһугар эрэ иитиллэн турар Мэҥэдьэк боруода үксүүрүгэр бу төһүү күүс буолар.
Түмүктээн эттэххэ, “Саха сүөһүтэ” генофонда хааһына тэрилтэтэ уонна Бордоҥ нэһилиэгин дьаһалтата биир санаанан, түмсэн Мэҥэдьэк сылгытын хаҥатар туһугар үлэлиир-хамсыыр.
“Саха сүөһүтэ” генофонда хааһына
Арассыыйа үрдүнэн бэнсиин орто сыаната алтынньы 22-28 күннэригэр 59,08 солк. диэри үрдээбит. Бу кэмҥэ дизельнэй…
Алтынньы 30 күнүгэр Дьокуускай куоракка 67 саастаах суоппар «Тойота Ленд Крузер Прадо» массыынанан 26 саастаах кыыһы…
Алтынньы 30 күнүгэр РФ Гражданскай оборуонаҕа министиэристибэтин Приморскай кыраай сүрүн управлениетын бирикээһинэн Владивосток куоракка ыытыллыбыт…
Сэтинньи 1 күнүттэн Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолар. Бу…
Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…