Сылгылар дьиэ таһыттан тоҕо арахпаттарый?

Share

Соторутааҕыта дэриэбинэ иһигэр сылгы, ынах, кулунчук бөҕө ыһыахха кэлбит дьон курдук түөлбэлээн мустубуттара видеонан тарҕаммыта. Бу элбэхтэрин. “Кулунчуктар утуйан абыраммыттар”, – диир видеоҕа устааччы дэриэбинэ олохтооҕо. Кырдьык, сылгылар дьиэ аттыттан, дэриэбинэттэн арахсыбат буолбуттара ыраатта. Харахпыт көрө үөрэнэн, кыһаллыбат да курдук буоллубут.

Бэл, күһүн Камчаткаҕа сырыттахпытына, хаһаайына суох хаалбыт сылгы үөрэ Петропавловск-Камчатскай куорат таһыгар мэччийэ сылдьаллара. Куоракка да киирээччилэр диэбиттэрэ. Онон буол­лаҕына, бу Саха сиригэр эрэ буолбакка, ханна баҕарар баар кыһалҕа быһыылаах.

Дьөһөгөй оҕолоро кыһынын дьиэ таһыгар көрүллэр, аһатыллар буолан, дьиэ  таһыгар үөрэнэн хаалалларын бэлиэ­тииллэр.

– Билигин урукку курдук үрэх бастарынан сылгыны туппат буоллубут. Ол чахчы. Кэтэх  хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо оннук кыайтарбат даҕаны, барыыта-кэлиитэ кыаллыбат курдук. Оттон са­­йынын үөн түһэр кэмигэр дэриэбинэҕэ мусталлар. Биһиги эҥээр оннук. Кыһын дьон үксэ дьиэ таһыгар бөрүөрэн аһатар. Киһи барыта тэриллии­лээх хаһаа­йыстыба курдук ыраах бааза тэринэр кыаҕа суох. Аны онно бастайааннай үлэһит наада. Убаһа иитэр буоллаххына эмиэ, – диэбитэ ыраах Эбээн Бытантай Кустуурун олохтооҕо.

Дьиэ аттыгар аһаталлар

Биллэрин курдук, билигин сылгы  чааһынай илиигэ турар. Дьиэ таһыгар үөскээбит сылгылар үөн түстэ даҕаны дэриэбинэҕэ кэлэллэрэ чуолкай диэн санааны Илин эҥэр бөрөһүттэрин түмсүүтүн салайааччыта Игнат Егоров чопчулуур.

– Кэтэх ыаллар сылгыларын бары дьиэ аттыгар  аһаталлар. Дэриэбинэ кытыытынааҕы ходуһалары бүөлүүллэр. Онон сылгы кыайан тахсыбата да, дэриэбинэ таһыгар сылдьарыгар тиийэр, хаһан дьон оттоон, күрүөнү аһыахтарыгар диэри. Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаа­йыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтэ ол иһин бу боппуруоһу быһаараары бааза оҥотторо сатаата да, кыайтарбата диэххэ сөп. Биһиэхэ II Наахара нэһилиэгэр син уопсай сүбэнэн дьиэ таһыттан тэйитэ сатаатыбыт. Сылгылаах уолаттартан сылдьар ыырдаргытынан аһатыҥ диэн көрдөһөн. Онон санаабытыгар дьиэ таһыгар аҕыйаабыт курдуктар. Атын нэһилиэктэргэ оннук буолбатах, – диэтэ Игнат Николаевич.

Сопхуостар баалларын саҕана сылгылары атын сиргэ үүрэн, мэччитэллэрин үтүө холобур курдук ахтааччылар эмиэ бааллар. Сөп ээ, урукку барыта мөкү буолбатах.

– Холобура, биһиги нэһилиэкпитигэр Чыамайыкыга сопхуос баарын саҕана сылгылары атын дойдуларга сайы­­лата үүрэллэрэ. Хаҥаласка Мэндэ үрэххэ, Таҥха үрэх аллараа өттүгэр, Тиэлигигэ. Аммаҕа Хонньоойуба үрэххэ, оччолорго уонна билигин даҕаны ким да оттообот сирэ этэ. Оттон билигин атын улуустар эбэтэр бэйэбит улууспут нэһилиэктэригэр атын дойду сирэ-уота буоларынан таһаарарбыт табыллыбат. Бэйэбит сирбитигэр үрэххэ үүрүөхпүтүн онно оттуубут, – диир Даркылаах олохтооҕо, биллэр булчут Семен Уткин.

Сир биэрбэттэр

Дьөһөгөй оҕолоро дьиэ таһыттан арахпат буолууларыгар сир боппуруоһа эмиэ сабыдыаллыыр эбит. Этэллэрин курдук, сир – тыын боппуруос.

– Бэйэм тус санаам диэн тыаҕа сир биэрбэттэрэ атахтыыр.  Иккиһинэн, билигин сылгыны урукку курдук үчүгэйдик көрбөккө-истибэккэ  мээнэ иитэр буоллулар. Ону тэҥэ сири барытын биэрэн иһэллэр, ол иһин сирбит аччаата. Тулагы нэһилиэгэр үөһээ тыаҕа тахса сатаабытым уонтан тахса сыл буолбутун, ону туруорсарбын истибит буолуохтааххыт.Туруорсан да, кыайан сир ылбатым. Онон быйыл сайын оттоон бүттэхпитинэ сылгы­лаах уолаттары түмэн сүбэлэһээри гынабын. Дэриэбинэ икки ардыгар улахан сарайдары тутуохха диэн этиилээх. Дьэ, туох дииллэр. Дьон сылгыларын дьиэлэрин таһыгар аһатар буоллулар, ол иһин күлүмэнтэн ыксаан киирэ тураллара чахчы. Куорат таһыгар үөһээ тыаҕа сир биэрбэттэр. Оттон аллараа уу ылар диэн. Саас үөһээ сылдьан баран, халлаан итийдэ даҕаны быраҕыллыбыт сирдэргэ киирэллэр. Онон бу боппуруо­һу хайдах олох­тоохтук быһаа­ралларын кэтэһэбин, – диир Сыырдаахтан Иван Федоров.

“Тааска, тоһоҕоҕо атахтарын үктүүллэр”

Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгин бааһынай хаһаа­йыстыбатын баһылыга Дмитрий Горохов ынаҕы, сылгыны баазаларга тутар ордугун этэр. Кини бэйэтин бөһүөлэгиттэн 20 килэмиэтирдээх, үрэх туорааһыннаах сиргэ Эбээн Бытантай Саккырыырыттан аҕалбыт саха ынахтарын уонна сылгыларын онно иитэн турарын туһунан холобурдуур.

– Ыттыын-кустуун, сылгылыын-ынахтыын, этэргэ дылы, кутуйахтыын бары дэриэ­бинэттэн тахсыбаттар. Ыал күрүөтүн иһигэр киирэн кырбана-кырбана сылдьаллар, ас тобоҕун булан аһыыллар, ол сылдьан салапааны сииллэр, тааска-тоһоҕоҕо атахтарын үктүүллэр. Ол кыһалҕата турар, – диир Дмитрий Дмитриевич.

“Илгэ” кэпэрэтиип сала­йааччыта Анатолий Кузьмин Ил Түмэн норуодунай дьокутаата Александр Атласов  тыа хаһаайыстыбатын боломуочу­йатын нэһилиэктэргэ биэ­риэххэ диэн этиитин мунньахха истэн биһирээбит. А.Н.Кузьмин ынахха уонна сылгыга быыс күрүө баар буо­луохтаах диэн этэр. “Сайылыкка ыанар ынах, ньирэй эрэ баар буолуох­таах. Оччоҕо эрэ кылгас үүттүгэннээх кэмҥэ үрүҥ илгэни ыахпыт. Нэһилиэккэ боломуочуйа кэллэҕинэ, нэһилиэк баһылыгын үлэтэ төһө сүөһүнү-сылгыны иитэринэн, үүтү-эти оҥорбутунан сыаналаныаҕа диэн санаалаах.

Дьэ, тыа сирин олохтоохторун санааларын иһиттибит. Тустаах министиэристибэ сылгыны дьиэ таһыттан тэйитэргэ толкуйдаах үлэни ыытарыгар эрэнэбит.

Егор Сыромятников III (Тириэтэй), Садын, Мииринэй олохтооҕо, охотовед, Мэҥэдьэк сылгылаах:

– Сылгы олус өйдөөх кыыл. Тыаҕа эһэ баарын, куттал баарын биллэ да дэриэбинэ диэки түһүнэр. Тыатааҕылар тардалларын  көрөбүн. Ону тэҥэ сылгы киһи курдук сүрэҕэ суох буол­ла. Далга хаайан аһатар буоланнар, хаһан аһаталларын, эбиэс быраҕалларын кэтэһэн хоочугураан тахсар. Урукку сылгыһыттар үрэх баһыгар үүрэллэрэ. Хаһыытыгар ыһан аһаталлара. Урут дьиҥнээх сылгыһыт ахсааннаах буолара. Билигин киһи барыта сылгыһыт буолла. Хотоҥҥо эрэ киллэрэрбит хаалла.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

57 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago