Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, “Инникигэ хардыы” научнай- практическай кэмпириэнсийэ кыттыылааҕа Маркова Айыына учууталын София Прокопьева салалтатынан суруйбут дакылаатын билсиҥ.
Дьөһөгөй оҕото
Биһиги өбүгэлэрбит былыргы дьыллартан Дьөһөгөй Айыы тойоҥҥо үҥэр- сүктэр этилэр. Кинини сэттис халлааҥҥа олорор дииллэр. Бу Айыыттан Сылгы төрүттэммитэ диэн өйдөбүл үөскээбит.
Саха сылгыны “ Дьөһөгөй оҕото” диэн ааттыыра. Онтон сылгы- бу былыргы саха миинэр миҥэтэ, көлүнэр көлөтө. Оччоҕуна “ Дьөһөгөй Айыы ” диэн этии Айыы көлүнэр көлөтө диэн өйдөбүллээх этэ. Айыыга сыһыаннаах өйдөбүллэртэн ким тиэллиигэ- таһыллыыга наадыйарый? Биллэн турар, Үрүҥ күн Үөһээ дойдуга тахсарыгар уонна онтон түһэригэр көлөлөөх буоллаҕына сатанар эбээт. Дьэ, итинник санааттан “ Күн көлөтө Дьөһөгөй Айыы ” диэн өйдөбүл үөскээбитэ.
Саха мифологиятыгар таҥара бастаан аты айбыт. Аттан киһиэхэ маарынныыр туох эрэ харамай түспүт. Улуутуйар Улуу Тойон орто дойдуга үс саханы үөскэтээри маҥан биэни түһэрбит. Онтон саха үөскээбит.
Сылгы киһи олоҕор суолтата олус улахан. Ол да иһин буолуо, сахалар сылгы таҥаралаахпыт- Дьөһөгөй Айыы. Саха бу дойдуга көһүүтүн эмиэ үрүҥ аты сирдээн аҕалбыта диэн историческай үһүйээҥҥэ кэпсэнэр. Эллэй Боотур Ленаны таҥнары устан истэҕинэ, үрүҥ ат күлүгэ уу аннынан сирдьит буолан испитэ үһү. Сылгыны кытта ситиммит эппитигэр- хааммытыгар иҥэ сылдьар,кинини ытыктыыбыт, киниэхэ сүгүрүйэбит. Сылгыга анаан сэргэ туруорабыт, ону көрө- харайа, симии сылдьабыт. Самаан сайын салаллан кэлиитин, киһи- сүөһү, көтөр- сүүрэр төрүүр- ууһуур, үүнээйи чэчириир кэмин уруйдуур- айхаллыыр саха улуу бырааһынньыга- ыһыах эмиэ сылгы иитиитин культуратыгар олоҕуран тэриллэр, уруйданар. Сэргэ, баҕах туруоруута, сэлэ, салама тардыыта, ытык аты ыытыы эбэтэр кэрэх бэлэхтээһин, ат сүүрдүүтэ, кулун оонньуута, чэчир анньыыта, кымыстааһын о.д.а.- бука барыта сылгы баайдаах норуоттар итэҕэллэрэ, оонньуулара,
туомнара тэриллэрэ. Сахалар- аттаах норуот. Ат сэриигэ бойобуой доҕор, айаҥҥа миинэр миҥэ, күрэхтэһиигэ- дьүккүөрдээх күөн көрсөөччү, улэҕэ- буулаҕа бухатыыр, идэһэлэннэххэ- эмис эт ( хаана,субайа, хаһата, иһэ), ыан истэххэ- уохтаах кымыс, таҥыннахха- талба таҥас, быа- туһах гыннахха- бигэ тэрил. Остуол, чороон атаҕын былыргы уустар сылгы туйаҕын курдук оҥороллоро. Сылгы сиэлэ- абааһыны , куһаҕаны үтэйэр, улаханнык ытыктанар суолталаах. Сиэл дэйбиир киирэр ааҥҥа ыйанан турара, былыргы өбүгэлэрбит итэҕэллэринэн кыл ыраастыыр, киртэн харыстыыр суолталаах. Сахалар Дьөһөгөйтөн төрүттээх ат сылгыны хайдах курдук маанылаан туталлара, үрдэтэн саныыллара мантан да көстөр. Сахалар – аттаах норуот. Ат сэриигэ бойобуой доҕор, айаҥҥа миинэр миҥэ,күрэхтэһиигэ- дьүккүөрдээх күөн көрсөөччү, үлэҕэ буулаҕа бухатыыр
таҥыннахха талба таҥас быа- туһах гыннахха-бигэ тэрил. Саха сылгыта кыра уҥуохтаах, кылгас, күүстээх атахтардаах, кэтит түөстээх. Атын боруода аттардааҕар тулуурдаах, ыарахан усулуобуйаҕа үөрүйэҕинэн биллэр.
Сандалым маанылаах аһа- үөлэ
Сылгы этин, иһин-үөһүн амтаннаах ас оҥостобут, үүтүнэн сырдьыгыныы көөнньүбүт кымыс оҥостон иһэбит. Биэ кымыһа киһи доруобуйатыгар туһалааҕа, учуонайдарынан дакаастанан турар.. Онон саха мааны аһа-сылгы этэ, сылгы илгэтэ, биэ кымыһа буолар. Сылгыны киһи өҥүнэн араарар. Ол курдук, хара , сиэр, маҥан дьүһүннэр ордук элбэхтэр. Араас өҥнөөх сылгылар буккуһаннар туспа өҥнөөх сылгыны төрөтүөхтэрин эмиэ сөп эбит. Саха тыла баай буолан сылгы өҥүн араастаан ааттыыллар , онон сорох өҥҥө- дьүһүҥҥэ мөккүөрдээх да буолар. Ол курдук, сорохтор уон үс, уон алта өҥ баар дииллэр. Оттон учуонай Николай Дмитриевич Алексеев 32 араас өҥ баарын этэр эбит. Мин саха бөлөһүөк суруйааччыта, Алексей Елисеевич Кулаковскай -Өксөкүлээх Өлөксөй “ Научные труды” диэн үлэтигэр сылгы өҥүн- дьүһүнүн арааран оҥорбутун буллум.
Өҥ- дьүһүн | Дьүһүн араастара | ойуулааһын |
Маҕан (кэрэ) | ||
Кугас | Хараҥа сырдык | Төбөтө. Бэйэтэ, атахтара кугастар, силэ, кутуруга арыый сырдык |
Саһыл кэрэ | Саһыл кэрэ | Орохтоох систээх, хатат эмэгэттээх, саба дьаҕыллаах,уулаах ньилбэктээх |
Хара | — | Хап-хара |
Сур | Сырдык сур, Хара сур | Кутуйах курдук өҥнөөх, орохтоох систээх, дьаҕыллаах |
Сиэр | Орохтоох систээх, дьаҕыллаах | |
Тураҕас | Хара тураҕас, кыһыл тураҕас | — |
Көгөччөр | Сырдык көгөччөр , Хараҥа көгөччөр | — |
Элэмэс | Хара элэмэс, сиэр элэмэс, сур элэмэс | — |
Чуоҕур | — | — |
Араҕас | Саһархай | |
Үрүҥ араҕас | ||
Алтан араҕас | ||
Сырдык араҕас | Сырдык саһархай |
Манна кини 41 арааһы эппит: Маҕан, үүт кэрэ, саһыл кэрэ, сырдык сур, сур, көҕөччөр,хара көҕөччөр уо.д.а.
Сылгыны киһи өҥүнэн араарар. Ол курдук, хара , сиэр, маҥан дьүһүннэр ордук элбэхтэр. Араас өҥнөөх сылгылар буккуһаннар туспа өҥнөөх сылгыны төрөтүөхтэрин эмиэ сөп эбит. Саха тыла баай буолан сылгы өҥүн араастаан ааттыыллар , онон сорох өҥҥө- дьүһүҥҥэ мөккүөрдээх да буолар.
Сылгы өҥө- дьүһүнэ | сааһа | ахсаана |
Маҥан | 14 | 1 |
тураҕас | 17 | 1 |
Күөх элэмэс | 8 | 1 |
Сиэр
Эдэр сиэр |
1-кы -19;
2-с -16; 3-с -14 8 |
4 |
Сур элэмэс | 1-кы -7
2-с -6 |
2 |
Кыһыл элэмэс | 1-кы -6
2-с -4 |
2 |
көҕөччөр | 14 | 1 |
Буулуур | 20 | 1 |
Мин аҕам Марков Сергей Петрович сылгы иитиитинэн дьарыгырар. Кини дьонуттан хаалбыт сылгыны тэнитэн , билигин икки атыыр үөрдээх. Биир үөргэ алталыы биэлээх.Улахан атыыр сур элэмэс өҥнөөх, алта биэлээх.Кыра атыыр сур өҥнөөх, алта биэлээх, биэс кулунчуктаах. Мин киниттэн хайдах өҥнөөх сылгылар баалларын ыйыталастым. Маҥан, күөх элэмэс, сиэр уонна кыһыл элэмэс өҥнөрдөөх биэлэр бааллар эбит. Бу курдук наардаатым. Таблицаҕа көстөрүнэн, саамай эдэр кыһыл элэмэс биэ. Саамай кырдьаҕас , буулуур биэ, 20 саастаах эбит. Онон сылгылар уһуннук 20-30 сыл олоруохтарын сөп эбит диэн түмүккэ кэллим.
Биэлэр саас төрүүллэр. Аҕам кинилэри туспа хааччахха тутар. Кинилэри үчүгэй хаачыстыбалаах күөх отунан, эбиэс бурдугунан аһатар, ыраас уунан уулатар. Эдэр биэлэри улахан биэлэри кытта бииргэ туппат, саастаахтар атаҕастыыллар, астарын былдьаан сииллэр. Туспа аһатар, кинилэри саастаахтар ытыран, тэбэн дэҥниэхтэрин сөп диэн.
Аҕам түүннэри утуйбакка манаан төрөтөр. Ити курдук сыралаах үлэтинэн, сылайары билбэккэ, сылгыларын кытта бодьуустаһар. Өбүгэбит дьарыга сүтүмүөн баҕарар.
Сылгыны сааһынан араарыы
Кулун (кулунчук)-төрүөҕүттэн 6-7 ыйын туолуор диэри. Убаһа-6-7 ыйыттан биир сааһын туолуор диэри.Эмньик кулун- 4-12 ыйыгар диэри ийэтин эмэ сылдьар кулун.Тый-1 сааһын толору туолан, 2–с хаарыгар үктэммит сылгы.
Соноҕос- эдэр сылгы. Кытыт- эдэр биэ.
Түмүк
Саха сылгыта омук быһыытынан баайбыт, көлүнэр көлөбүт, доруобуйаҕа туһалаах аспыт- үөлбүт буолар. Бу үлэбэр аҕам сылгыларын өҥнөрүн- дьүһүннэрин, саастарын ырыттым. Бэлиэлэринэн эмиэ уратылаах буолаллар. Саха сылгыта үксэ маҥан, сиэр, көҕөччөр буолар эбит. А.Е.Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй “ Научные труды” диэн үлэтигэр, тылбыт баай буолан, биир өҥү араастаан ааттыыллара көстөр. Саха ата бэйэтэ хаһан аһыыр, тымныыны тулуйар, таһырдьа кыстыыр. Ити уһун үйэлэри ааспыт, тымныы кыһыны туоруурга үөскээбит биир сүрүн уратыта буолар эбит. Сахабыт төрүт дьарыга, сылгы иитиитэ, өссө күүскэ сайдан, тэнийэн иһэригэр баҕарабын! “
П.С.Скрябин аатынан 1- Дьөппөн орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын” 5 кылааһын үөрэнээччитэ, « Инникигэ хардыы» научнай- практическай кэмпириэнсийэ кыттыылааҕа Маркова Айыына
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: