Салгыы
«Сылгыны үөрдээн иитии: ааспыт, билиҥҥи уонна кэлэр кэм»

«Сылгыны үөрдээн иитии: ааспыт, билиҥҥи уонна кэлэр кэм»

29.11.2024, 14:07
Женни Стрюкова хаартыската
Бөлөххө киир:

«Сылгыны үөрдээн иитии: ааспыт, билиҥҥи уонна кэлэр кэм» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ «Сахаагроплем» тэрилтэ актовай саалатыгар буола турар. Бу тэрээһин тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх зоотехнига Реворий Васильевич Иванов 70 сааһыгар ананна.

Бастаан Саха АССР үтүөлээх зоотехнига Мария Маппырова аатын «Сахаагроплем» тэрилтэ  түмэлигэр  иҥэрии үөрүүлээх сиэрэ-туома буолла. Саха Өрөспүүбүлүкэтин племенной сүөһү иитиитин анал түмэлин  төрүттээбит Мария Георгиевна аатын иҥэриигэ кини чугас аймахтара кыттыыны ыллылар. М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Бэрэсидьиэнэ, педагогическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр Евгения Михайлова, Маппырова М.Г. уола, САССР норуот үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ В.И.Маппыров, өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров уо.д.а. кытыннылар.
Кэмпириэнсийэни үөрүүлээхтик арыйыыга СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров Реворий Ивановка СӨ Ил Дарханын Грамотатын
туттарда. Салгыы миниистир А.А.Александров Саха сиригэр сылгы иитиитин билиҥҥи туругар, кэлэр кэскилигэр сыһыаннаах дакылааты оҥордо. Кини сылгы иитиитин сайыннарыыга судаарыстыба өттүттэн оҥоһуллар өйөбүллэргэ сиһилии тохтообутун бу салаанан дьарыктанааччылар сэргээтилэр.
Арассыыйаҕа бородууксуйаны биэрэр сылгы иитиитин туругун туһунан Бүтүн Арассыыйатааҕы НЧИ отделын сэбиэдиссэйэ, тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара Валерий Болаев дакылаатын иһиттилэр. Кини  сылгы ахсаанын элбэтии, анал эт тииптээх боруода сылгылары элбэтии, инновационнай технологиялары туһаныы, астаан таһаарыыга үлэлээһин, сылгыны сөптөөхтүк аһатыыны тэрийии ирдэнэрин эттэ.

Кини этэринэн, 3,7 тыһ. туонна кымыс биэ үүтүттэн Арассыыйаҕа оҥоһуллар. 20,0 тыһ. туонна кымыска эмп уонна оҕо тэрилтэлэригэр наадыйаллар эбит. Валерий Канурович «О лошади и мерах поддержки коневодства» диэн РФ Сокуон ылыллара наадатын тоһоҕолоон эттэ. Ону тэҥэ федеральнай сулаарыстыбаннай бырагыраамалары ылыныы көдьүүстээх буолуоҕун эттэ. 2026 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2-с аан дойдутааҕы сылгы иитиитин кэнгириэһин ыытарга этии киллэрдэ.
«Генетическая структура лошадей татарской породы по полиморфным белкам крови» диэн дакылааты Ленар Загидуллин оҥордо. Кини Татарстаҥҥа сылгы иитиитин туругар уонна ситиһиилэригэр тохтоото. Татарстаҥҥа 32,3 тыһ сылгы иитиллэр, 5 племенной хаһаайыстыбалаахтар. Казаннааҕы ипподромнара 91 гектар иэннээх эбит. Онно бастакы бэрэсидьиэн бирииһигэр 3 мөл солк. ылыыга ат сүүрдүүтэ ыытыллар. Сыллата 33 тэрээһин ат успуордугар торумнанар.
«Сахаагроплем» тэрилтэ салайааччыта Алексей Жирков Саха сиригэр ыытыллар племенной үлэ туһунан билиһиннэрдэ. Сүрүннээн 25 племенной хаһаайыстыба баарын бэлиэтээтэ. Хаан атастаһыытын үлэтигэр тохтоото.


«Башкир сылгыта — туруга уонна сайдар кэскилэ» диэн тиэмэҕэ Камил Фахрутдинов (Башкортостан) санаатын үллэһиннэ. Башкортостаҥҥа 7000 племенной сылгылаахтар, 3 сылгы собуота баар.
Башкортостаҥҥа сылгы иитиитигэр каадыры бэлэмнээһиҥҥэ болҕомто ууруллубут. Быйыл Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта бырайыак бэлэмнээбиттэр. Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн сылгыга сыстаҕас буолууга иитэллэрэ кэрэхсэннэ.

Кэмпириэнсийэ үлэтэ салҕанар.
Сарсын практическай чааһыгар Ньурба улууһугар айанныахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -24°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: