Салгыы
Сылгыны үөрдээн иитиигэ сиэссийэ буолуоҕа (ВИДЕО)

Сылгыны үөрдээн иитиигэ сиэссийэ буолуоҕа (ВИДЕО)

16.11.2023, 16:32
Хаартыска: СӨ НА архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 22 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академиятыгар 10 чаастан “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыы кэскиллэрэ” диэн тиэмэҕэ стратегическай сиэссийэ ыытыллыаҕа.

Тэрээһин кэмигэр сылгыны үөрдэн иитии сытыы кыһалҕаларын, ону тэҥэ оҥорон таһаарыыны көдьүүстээхтик сайыннарар, сылгыттан ылыллар бородууксуйаны астааһыны уонна батарыыны хааччыйар сирдээҕи-уоттааҕы кыттыгас структуралары тэрийии ньымаларын дьүүллэһиэхтэрэ. Онон бу тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ учуонайдара уонна исписэлиистэрэ, кэпэрэтииптэр, бааһынай, астыыр-үөллүүр тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кытталлара күүтүллэр.

Сиэссийэҕэ кыттыан баҕалаахтар +79640777177 төлөпүөнүнэн ыйыталаһыҥ, кыттааччыларгыт тустарынан иһитиннэриини vvsleptsova1990@mail.ru ыытыҥ. Буолар сирэ: Дьокуускай к., Ленин проспегын, 33., 2 этээс, аактыбай саала.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: