Үс улахан планета бэлиэтин уларытар. Онон, хас биирдии киһи тус олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар уларыйыылар күүтэллэрин туһунан астрологтар бэлиэтииллэр. Ол курдук, билимҥэ сыһыаннаахтарга, өй-санаа өттүнэн сайдыан баҕарар дьоҥҥо кэлэр сыл үтүөнү эрэ тосхойууһук. Олоххо буола турар уларыйыыларга моҕой курдук түргэнник уларыйа, эргийэ охсор туһалааҕын астролог Наталья Киселева бэлиэтиир. Оттон үүнэр сыл сылларынан бэлиэлэргэ тугу тосхойоруй?
КҮТЭР
Бу сылга күтэр үлэһит хаачыстыбатын моҕой сыаналыаҕа. Үп-харчы дьыалатыгар болҕомтону уурарыҥ наада. Төһө да харчы харыыта суох кэлбитин иһин, сатаан аттарыммакка тутуннахха, улахан былааны мүччү тутуоххун сөп. Ороскуоккун сөпкө суоттана сырыт. Доҕоттору кытта сыһыаҥҥа бэйэҥ эмиэ көмөлөһөртөн аккаастаныма, оччотугар кыһалҕалаах кэмҥэр кинилэр эмиэ көмөлөһүөхтэрэ. Доруобуйаҕар харыстабыллаахтык сыһыаннас. Айаҥҥа сэрэхтээх буоларыҥ наада. Уопсайынан, бу сыл күтэрдэргэ үлэлэригэр ситиһиини тосхойуо. Тапталга эрэллээх сыһыан үөскүө.
ОҔУС
Куһаҕана суох сыл күүтэр. Сибээһи олохтуурга, дьону кытта сыһыаны тупсарарга тоҕоостоох кэм. Уруккуттан билсэр, алтыһар дьонуҥ саҥа дьону кытта билиһиннэриэхтэрэ, үчүгэй этиилэр киириэхтэрэ. Ону кытта бэрт былдьаһар дьон эмиэ баар буолуохтара. Бу үүнэр сылга былааннаабыккын олоххо киллэрэргэр үтүө кэм. Дохуоккун улаатыннараргар, элбэх харчыланаргар сытыы-хотуу, киириилээх-тахсыылаах буолуоххун наада. Духуобунай өттүнэн бэйэҕин сайыннарарга кыһан. Айар үлэнэн дьарыктанар оҕустар саҥа хайысханы тобулуохтара. Дьоҥҥор-сэргэҕэр болҕомтолоох буолууҥ сыһыаны тупсарыаҕа.
БААБЫР
Көхтөөх сыл күүтэр. Ол эрээри ордук санааччылар быыс-хайаҕас булан эйиэхэ куһаҕаны оҥоро сатыахтарын сөп. Дьону кытта сыһыаннаһыыга аһары аһаҕас буолар үчүгэйгэ тиэрдибэт. Онон дьону кытта кыыһырсыбат туһуттан санааҕын барытын утары этэ сылдьыма диэн сулустар сүбэлииллэр. Ситэ билбэт дьыалаҕан ылсартан сыл бастакы аҥаарыгар туттуна сатаа. Аҕам саастаах дьоҥҥо, аймахтаргар болҕомтолоох буолуоххун наада. Саҥа дьыаланы сыл иккис аҥаарыттан саҕалыыр ситиһиини түстүөҕэ. Тапталга табыллыы күүтэр. Кэргэнэ суох баабырдар олохторун аргыһын көрсүөхтэрин сөп.
КУРУОЛУК
Өр кэмнээх кыһалҕалар, уустуктар кэннилэриттэн дьэ, өрө тыыныыһыккын. Моҕой эйиэхэ үтүө өттүнэн эргийиэҕэ. Улахан тэрилтэҕэ, судаарыстыбаннай сулууспаҕа үлэлиир куруолуктар дуоһунастара үрдүөн сөп. Бу сыл көхтөөх буоллаххына, тус олоххор, үлэҕэр-хамнаскар ситиһии эрэ күүтэр. Оттон доруобуйаҕар уонна дьиэ кэргэн дьыалатыгар болҕомтолоох буоларыҥ ирдэнэр. Тоҥмот-хаппат гына сырыт. Саҥа мал-сал, дьиэ-уот атыылаһыаххын сөп. Саамай сүрүнэ, кэтэһэн баран олорума, хамсанан ис.
ДРАКОН
Ааспыт сылы салгыырга сөптөөх. Тугу эрэ сиппэтэх буоллаххына, бу сылга хайаан да ситиһиэҥ. Айар үлэнэн дьарыктаныы ситиһиини түстүөҕэ. Тус олоххо дракон бэлиэлээхтэргэ күөх уот тыгыаҕа. Саҥа ыал буолбут дьон дьиэ кэргэннэригэр эбиллии күүтэр. Оттон ыал буолаары былаанныыр дьон бу сылы мүччү тутума. Ыраах айан, атын көрбөтөх сирдэргинэн кэрийии санааҕын кынаттыаҕа. Тус бэйэ дьыалатын арыныы үп-харчы дьыалатыгар табыллыыны түстүүр.
МОҔОЙ
Мындыр өйү-санааны хаҥатынарга, дьону кытта уопсай тылы буларга, саҥа доҕоттордонорго, былааннары, соруктары туруорарга ситиһии эрэ күүтэр. Эн сылыҥ буолан тугу гыммытыҥ барыта табыллыан сөп. Ол эрээри тимири кытта, ол эбэтэр тиэхиньикэҕэ, успуорт саалатыгар тимирдээх тэриллэргэ сэрэхтээх буолуу наадатын астрологтар ыйаллар. Тус олоххун ыһа-тоҕо ситэ билбэт дьоҥҥо кэпсээмэ, арыый бүөмнүк сылдьар наада. Моҕой сыла мындыр өйгүн-санааҕын уһугуннарыа.
АТ
Өйүҥ-санааҥ уоскуйан, били барыах-кэлиэх буолбут санааҥ арыый налыйыыһык. Бу сыл үлэһит ат бэлиэлээхтэри үлэнэн үрдүүргэ тоҕоостоох түгэннэр буолуохтара. Ураты, саҥа идиэйэлэри олоххо киллэрэргэ дьулус. Аҥаардас бэйэҥ эрэ тускунан кэпсэнэр, арбанар туһаны аҕалбат. Хата, ордук санааччы ахсаана элбиэн сөп. Соҕотох ат бэлиэлээхтэр доҕордонуохтарын сөп. Сорохтор быстах тапталга ылларыахтара. Бэйэҥ хайдах сыһыаннаһаргыттан тутулуктааҕын умнума. Улахан сыалы-соругу сыл бастакы аҥаарыгар туруорар туһаны аҕалбат. Ол эрээри сыл иккис аҥаара ситиһиилээх буолуоҕа.
КОЗА
Чуумпу эрээри олус сэргэх сыл күүтэр. Үп-харчы дьыалатыгар табыллыыһыккын. Саҥа киирэр этиилэргэ аккаастаама. Ол эрээри аһары харчынан үлүһүйэн дьиэ кэргэҥҥин болҕомтото суох хаалларар кутталлааххын. Аҥаарыҥ күнүүлүөн сөп. Бу сыл чугас киһигин кытта сыһыаныҥ улахан тургутууну эрэйэр. Онон өрөйөн-чөрөйөн биэр. Ыраах айаҥҥа сылдьан соччото суох балаһыанньаҕа түбэһиэххин сөп, онон эрдэттэн былааннаан барарыҥ туһалыаҕа. Дьоҥҥо аһары итэҕэйимтиэ буолаҥҥын онно-манна киирэн да биэриэххин сөп. Бу сыл балыктааҕар чуумпутук сырыттаххына табыллыыһык.
ЭБИСИЙЭЭНЭ
Моҕой сыла сыһыаны, сибээһи олохтуурга олус туһалаах буолууһу. Инники олоххун былаанныырга, санааҕын сааһыланаргар саамай тоҕоостоох кэм. Саҥа билии ылыы, сэминээрдэргэ үөрэнии ситиһиилээх буолууһу. Кэрэ аҥаардары кытта үлэ табыллыыһык. Докумуону кытта үлэҕэ буккуур тахсыан сөп, ол эрээри чугас дьонуҥ өйөбүллэрэ түһүөх буолбут санааҕын начаас өрө көтөҕүө. Дьиэ кэргэн тэриниигэр, саҥа билсиһиигэ үтүө кэм тосхойуоҕа. Үп-харчы дьыалатыгар үчүгэйдик суоттаныы көмөлөһүөҕэ.
БӨТҮҮК
Күүппэтэх өттүгүттэн көмө кэлиэҕэ. Дьону кытта сыһыан тупсуоҕа. Ол эрээри эйигин тулалыыр дьон эрэ барыта үтүөнү баҕарар буолбатахтар. Саҥа саҕалааһыннар ситиһиини түстүөхтэрэ. Бу ордук үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах. Үп-харчы дьыалата үчүгэй, ыраах айаҥҥа да турунуоххун сөп. Санааҕын сааһыланыы туһаны аҕалыа. Кэннигин эргиллэн бэйэҕин сыаналанан көрүөххүн сөп. Сөптөөх суолунан айаннаан иһэбин дуо диэн толкуйданыы өй-санаа өттүнэн байаргар, бэйэҕин булунаргар көмөлөһүөҕэ.
ЫТ
Бу сылга ыт бэлиэлээхтэр дохуоттарын улаатыннарар кыахтаныахтара. Үпкэ-харчыга аһара чэпчэкитик сыһыаннаспакка сырыттаххына, мунньунуоххун, баҕа санааҕын да толоруоххун сөп. Ыт бэлиэлээх соҕотох дьон аҥаардарын да көрсүөхтэрин сөп. Ол эрээри элбэх дьон быыһыттан бу мин киһим диэн тута таайар бастаан уустук буолуоҕа. Кэргэннээх ыт бэлиэлээхтэр болҕомтолоох буолуҥ, чугас киһигин кытта сыһыаны бөҕөргөтүү эйигиттэн улахан тутулуктааҕын умнума. Уопсайынан, бу сыл холкутук ааһыаҕа.
СИБИИННЬЭ
Судургута суох сыл күүтэр. Онон сүрэҕиҥ сытар дьыалаларынан дьарыктаныаххын наада. Саҥа дьиэ-уот туттуу, дьиэ кэргэн тэринии, кыбартыыра, массыына атыылаһыы курдук улахан былааннары, соруктары туруордаххына, ситиһиэххин сөп. Онон бу сыл үгүс элбэх үлэ уонна былаан күүтэр. Үп-харчы дьыалатыгар сэрэхтээх буолуҥ. Ордук саҥа билсибит дьоҥҥор итэҕэйимэ. Ордук санааччылар угаайыларыгар киирэн биэрбэт гына сырыт. Сыл иккис аҥаара арыый холкутуйуо.
Ил Тумэҥҥэ ыытыллыбыт парламент истиилэригэр бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтии кыһалҕаларын уонна кэскилин дьүүллэстилэр. Мунньаҕы…
Тохсунньу 1 күнүгэр киин куоракка Курнатовскай аатынан уулуссаҕа Toyota Succeed массыына 55 саастаах суоппара утары…
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…