Сылыбыр Мааппа уонна киһи билбэт кистэлэҥнэрэ

Share

Бүлүүчээҥҥэ биирдэ сылдьыбыт киһи кэрэ айылҕатыгар, үтүө-мааны дьонугар абылатан тиийэн кэлэ турар эбит. Бу манна халлаан сири кытары силбэһэр кирбиитэ баарга дылы…Ол курдук, чуумпуну иһиллээн, киһи тус бэйэтин истэр, сааһыланар, уоскуйар.


Бүлүүчээн дьоно Халыҥ Хаҥаластартан утум тардар буолан, бу кыра түөлбэ сиртэн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үгүс салайааччы, ол иһигэр хас да үөрэх миниистиринэн үлэлии сылдьыбыт дьон (В.Г. Павлов, И.Я.Тукайнов), араас эйгэҕэ биллиилээх учуонайдар кынаттанан тахсыбыттара. Онтон үгүстэрэ дойдуларын кытары ситими быспат буоланнар уонна дэриэбинэлэригэр уутуйан олохсуйбут дойдунаат санаалаах ураты таһымнаах дьонноох буолан, билигин да нэһилиэк ыччата өй-санаа өттүнэн үүнэ-сайда турар.
Билигин Бүлүүчээҥҥэ тиийбит киһи Александр Моисеевич Кириллин арыалдьыттаах Саха сирин ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлин салаатыгар — Бүлүүчээннээҕи хартыына галереятыгар сылдьар. Александр Моисеевич 1976 с. ньиэмэс тылын учууталынан ананан кэлиэҕиттэн харыс да хамсаабакка төрөөбүт дэриэбинэтигэр үлэлээн-хамсаан кэллэ. Кинини бары да бэйэтин кэмигэр аар-саарга аатырбыт «Сэргэлээх уоттара» бөлөх тутаах ырыаһытын быһыытынан билэбит. Кэлин кыраайы үөрэтээччи, кэпсээннэри айар-суруйар талааннаах киһинэн биллэр. Ол курдук, кини «Болотуна былаат» диэн кэпсээнэ үгүспүтүн уйадыппыта.
Александр Моисеевичка нэһилиэгин дьоно махтаналлара диэн, кини көҕүлээһининэн бу кыра дэриэбинэҕэ былыргыны ытыктыыр, ааспыты умнубат сыаллаах хас эмит түмэл үлэлиирэ киһини сөхтөрөр. Ол курдук, Бүлүүчээн оскуолатыгар Учуутал үрдүк аатыгар сүгүрүйүү түмэлигэр араас сылларга үлэлээбит учууталлар мөссүөннэрэ субу тыыннаах курдук мэтириэттэриттэн сэлэлээн көрөн олороллоро, хайдах эрэ кинилэр билигин да ыччаты үөрэтиигэ, иитиигэ сүбэлэһэ олорор курдуктар. Хартыына галереятыгар ураты экспонатынан уһулуччулаах скульптор Эдуард Пахомов үөрэххэ киирэригэр тургутууну ааһарыгар сыаналаммыт үс этюда буолар. Дьиктитэ диэн, бу үс уруһуйун Э.Пахомов үөрэххэ киирбитин билэн баран отой да бырахпытын Александр Моисеевич сэмээр уурунан, харыстаан илдьэ кэлбит эбит. Ааттаах-суоллаах скульптор буолан баран, Э. Пахомов галерея аһыллыытыгар бу уруһуйдарын көрөн олус соһуйбут да, үөрбүт да уонна истиҥ махтал тылларын суруйан хаалларбыта эмиэ туспа кэрэхсэнэр эпистолярнай экспонат буоллаҕа.


Бу күннэргэ Александр Моисеевич көҕүлээһининэн, Бүлүүчээн галереятыгар Сылыбыр Ньукулайа диэн биллэр уустан сыдьааннаах, сиэлтэн, кылтан оҥоһуктарга норуот маастара Марфа Николаевна Контогорова-Сылыбыр Мааппатын анал быыстапката, оҥоһуктарын көрдөрүүтэ буолаары турар. Бу курдук, Александр Моисеевич уонна Сылыбыр Мааппата сахалар төрүт дьарыкпытын үйэтитиигэ ыытар үлэлэрэ өссө да сыаналаныа турдаҕа.
Сылыбыр Мааппата бэйэтэ кэпсииринэн, биир кэм олус ыарытыйан, сылгы ноһуомунан, убаҕаһынан эмтэнэн, өрүттэн баран дьөһөгөй оҕотугар сүгүрүйэрэ өссө күүһүрбүтэ. Саха киһитигэр сылгыта көлүнэр көлөтө, миинэр миҥэтэ, үрүҥ илгэнэн өллөйдүүр, таҥаһынан-сабынан хааччыйар, харысхал буолар ытык харамайа. Сылгы сиэлэ, кыла ураты күүстээх буолан былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит сиэргэ-туомҥа тутталлара, дэйбиир, салама ситии быатын курдук улахан суолталаах малларбытын оҥороллоро.
Арай биирдэ, Сылыбыр Мааппатыгар түүлүгэр биир кырдьаҕас көстөн: «Үлэлээ!»- диэн соруйан, сорудахтаан, кини оронугар ходьох гына олоро түспүттээх. Бу түүлүттэн бэркэ соһуйбута. Ол саҕана кини кыралаан сылгы сиэлиттэн сөрүө эрэ өрөрө. Онтон биир дойдулаахтарын кытары «Саха саргыта» диэн түмсүү тэринэн, балаҕан оҥостон кыл оҥоһуктары оҥорорунан утумнаахтык дьарыгырбыттара. 2008 с. аан маҥнай Тааттаҕа оҥоһуктарын көрдөрөн, дьон биһирэбилин ылбыттара. Ол сырыыга Сылыбыр Мааппата норуоппут бөлөһүөгүн Мандар Ууһу кытары билсэн, ирэ-хоро сэһэргэспиттэрэ. Онно Мандар Уус Мааппаҕа: «Өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарын быраҕыма, сөргүт, сайыннар, үлэлээ», — диэн алгыс тылын ылбыта. Онно били көрбүт оҕонньорун соругун өйдөөн кэлэн, дьэ ис сүрэҕиттэн кылы-сиэли өрөр өбүгэ дьарыгын утумнаан ыччакка тириэрдэр тус аналын өйдөөбүтэ. Бу курдук, түмсүүлэригэр дьарыктаммыттара үйэ чиэппэрэ буолла. Араас ситиһиилэр, үрдэллэр кэлэн испиттэрэ. Сылыбыр Мааппата 2008 с. норуот маастарын үрдүк аатын ылбыта. Дойдубут киинигэр Москваҕа да, атын да куораттарга сылдьан дьон сэҥээриитин ылан, ону тэҥэ омук дойдуларыгар биһирэнэн кэллилэр. Бу сыллар тухары Мааппа элбэх киһини кылы-сиэли туттарга уһуйан-такайан кэллэ.
Мааппа үлэлэрин уратыта диэн үгүстэрэ алгыс тыллаахтар. Ол кинилэр дьон кутун-сүрүн бөҕөргөтөр, сүргэтин көтөҕөр, хараҥаттан, ыар тыынтан, дьайтан ыраастыыр сүдү күүстэрэ, алыптара буолар. Дьиҥэр, Мааппа хоһоон суруйан холонор эбит эрээри, бу кылынан тиһиллибит тыллар-өстөр чопчу түүлүгэр киирбиттэрин Мааппа бэйэтэ да соһуйан кэпсиир.
Холобура, 2012 с. оҥорбут көбүөрүгэр (панно) эмиэ түүлүгэр көрбүт кырдьаҕаһын өрөн таһаарбыта. Дьиктитэ диэн, түүлүгэр хос-хос кэлэн соруйан, кини үс төгүл оҥоһугун көннөрбүтэ, чочуйбута: ол курдук бу кырдьаҕас тутан турар үрүҥ дэйбиирин уһаппыта уонна илиитигэр тутан турар үрүҥ тааһын саһарҕа сарпаларын курдук тырымнаабыт сардаҥалары түөрт хаттыгастаабыта. Бу дьүһүйүү аата бэйэтэ тахсан кэлбитэ: «Саха саргыта, өбүгэ илдьитэ». Сөҕүөн иһин, бу алгыска кини бэйэтэ билбэт, хаһан да истибэтэх Табаахырап диэн киһитэ ыйыллыбыт этэ (Табаахырап талаана диэн). Ону кини түүлүгэр истибит дорҕооннорунан илиитэ бэйэтэ сыыйа баайан таһаарбыта. Кэлин Тааттаҕа бара сылдьан билбитэ, Табаахырап диэн ити эҥэр биллэр Ийэ олоҥхоһут киһи эбит.
Бу курдук Сылыбыр Мааппатын уонна түмсүүгэ баар кини дьүөгэлэрин сылаас илиилэринэн хаппыт саптарыттан, ситиилэриттэн Улуу Кыайыыга аналлаах хас да дьоһуннаах оҥоһуктар ситэн-хотон тахсыбыттара: «Ким да умнуллубат…», «Ильмеҥҥа хайыһар десана», «Ол умнуллубат сыллар», «Кыайыы ыһыаҕа», «Айыы сарыала», «Кыайыы күнэ» уонна да атыттар.
Кылтан өрүү абылаҥар ылларан, Мааппа сахалар бу төрүт дьарыкпытыгар ыччаты уһуйар, сиэргэ-туомҥа үөрэтэр, кыл оҥоһуктар суолталарын быһаарар. Онон Бүлүүчээн оскуолатын оҕолоро өбүгэ алгыстаах, үтүө кэскиллээх дьарыктаахтара киһини үөрдэр.
Бүлүүчээҥҥэ ытык мааны олохтоохтор Сылыбыр Мааппата уонна кини кэргэнэ Константин Михайлович Контогоров көҕүлээһиннэринэн кылы-сиэли мускуйар төрүт дьарыкпытын сөргүтэн, онно ыччаты сыһыаран, кэскиллээх суолу тутуспуттар.
Арай биир кыһалҕаны Мааппа сонньуйан кэпсээтэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ сылгы биллэ аҕыйаан, ону тэҥэ аныгы сылгыһыттар кырыатаабат уонна сэлээһини кэмиттэн кэмигэр оҥорбот буоланнар, үлэтигэр туттар сиэлин, кылын атын оройуоннартан үлэһэн булар буолла.
Өбүгэ төрүт дьарыга эмиэ ийэ тыл кэриэтэ омук быһыытынан билинэрбитин бөҕөргөтөр. Онон Сылыбыр Мааппата норуотугар үтүөтэ үгүс. Кини Алампа хоһуйбут киһи билбэт кистэлэҥнэрин кэриэтэ…

Күн анныгар
Көннөрү көрөргө
Көстүбэт дьүһүннэр,
Дуораһыйбат дорҕооттор,
Баһаам элбэх бааллар…
Ону
Мээлэ киһи
Мэйиитэ билбэт,
Арай
Атын хараҕынан
Анаарар аналлаах
Итинниги сиһилии
Истэр-билэр…
Оннук киһи,
Суруллубут ойууттан,
Тутуллубут дорҕоонтон
Салайан таһааран,
Саас тохору салгыппат
Саргылаах саҥаны саҥарар.

Антонина УСКЕЕВА,  Бүлүүчээн-Сунтаар-Дьокуускай.

What’s your Reaction?
+1
16
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хомус тыаһа дууһатын кылын таарыйан, ыалдьыты ытатта…

Бу күннэргэ "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээлгэ киин куорат эрэстэрээннэрэ саха төрүт аһын эрэ буолбакка,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускай куорат сынньанарга мөкү миэстэлэрин испииһэгэ таҕыста

Дьокуускай куорат дьаһалтатын Административнай хамыыһыйата 2024 сыл ааспыт ыйдарын түмүгүнэн «бэрээдэгэ суох» 10  түүҥҥү аһыыр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баһаарынай чаас үлэһиттэрэ «Аһаҕас аан күнүн» ыыталлар

Бу күннэргэ Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа Аллайыаха улууһунааҕы 1 №-дээх баһаарынай чааһыгар уонна Үөһээ Бүлүү улууһунааҕы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оҕолорго аналлаах «Ытык күөл кистэлэҥэ» аудиокинигэ таҕыста

В.Г. Белинскэй аатынан краеведческай бибилэтиэкэҕэ эко-фэнтези талааннаах ааптара Анастасия Дарбасова-Данилова «Ытык күөл кистэлэҥэ» («Тайна священного…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оҕолорго «ЗИМАFEST» тэрээһин ыытыллыа

 Сарсын, ахсынньы 1 күнүгэр, «Саҥа дьыл Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн, аан бастаан «ЗИМАFEST» тэрээһин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тымныы полюһун Чысхаана Москваҕа Елена Малышева биэриитигэр кыттыыны ылла

Бу күннэргэ Тымныы  хаһаайына Чысхаан Тымныы полюһуттан Өймөкөөнтөн айанаан, дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа тиийэн Пиэрибэй…

3 часа ago