Сылы эргиччи үлэлиир кииннэргэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоро сынньаналлар

Share

Ил Дархан Айсен Николаев “Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэр туһунан” ыйааҕар олоҕуран, “Бэс Чагда” оҕо сынньалаҥын уонна доруобуйаны бөҕөргөтөр сылы эргиччи үлэлиир кииҥҥэ анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын тоҕус оҕото сынньанар. Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ оҕолор айаннарын төлөбүрүн олоччу уйунар. Бу туһунан брифинг кэмигэр СӨ оҕо быраабыгар боломуочунайа Туйаара Васильева иһитиннэрдэ.

“Сэрэтэр тэрээһиннэр иитинэн Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕа туолуутун бэрэбиэркэлээтим. Оҕолор күҥҥэ биэстэ аһыыллар. Түөртүү хостоох сиэксийэлэргэ олороллор. Мэдиссиинэ көмөтүн ылаллар уонна доруобуйаларын бөҕөргөтүнэллэр”, — диэн оҕо боломуочунайа иһитиннэрэр.

Бу күннэргэ “Бэс Чагда” кииҥҥэ “Мин — лидербин” диэн тиэмэлээх симиэнэ буола турар. Киин үлэһиттэрэ оҕолор лиидэр буолар хаачыстыбаларын уонна айар кыахтарын арыйар анал бырагыраамалары оҥорбуттар. Бу симиэнэ иитинэн оҕолор доруобуйаларын бөҕөргөтөллөр, үөрэнэллэр, араас тэрээһиннэргэ сылдьаллар. Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар анаан ахсынньы 9 күнүгэр “Бэс Чагдаҕа”  “Саҥа сыллааҕы ап” (“Новогоднее волшебство”) диэн анал симиэнэ тэриллиэҕэ. Тустаах симиэнэҕэ номнуо 60-тан тахса сайаапка киирбит, билигин даҕаны ылаллар.

Ону таһынан, Сунтаар улууһугар “Сир уустара” сылы эргиччи лааҕыр үлэлиир. Манна байыаннай сулууспалаах 14 оҕотун сынньатар былааннаахтар. Кэлэр симиэнэҕэ сайаапкалары номнуо ыыппыттар. Санатан эттэххэ, оҕо лааҕырдарыгар босхо путевка биир төрөппүт эбэтэр сокуоннай бэрэстэбиитэл сайабылыанньатынан бэриллэр. Сайабылыанньаны “Мин докумуоннарым” киин офистарыгар эбэтэр e-yakutia.ru судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥө электроннай порталыгар ыытыахха сөп. Кэлэ-бара айан төлөбүрэ босхо.

Өйөбүл миэрэлэри быстах хомуур кэмигэр байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыттар, 2022 сыл олунньу 24 күнүттэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар эбэтэр кыттыбыт итиэннэ анал байыаннай сорудаҕы толорууга баҕа өттүнэн хантараак түһэрсибит дьон дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ туһанар кыахтаахтар.

Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1995 сыллаахха ийэлээх аҕатын мэтириэтин тутан параакка хаампыт учуутал

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан “Өлбөт үйэлээх полк”…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха уола Москваҕа Кыайыы параадыгар кыттар

Москваҕа буолар Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх  параадыгар саха уола кыттарын туһунан үтүө сураҕы бүгүн…

47 минут ago
  • Сүрүн

ХААРТЫСКА: Дьокуускайга «Кыайыыны аҕалбыт буойуннар» монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар "Кыайыыны аҕалбыт буойуннар" монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарыгар 150-тан тахса киһи үлэлиир

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга 154 исписэлиис үлэлиир диэн суһал ыстаап иһитиннэрэр. Суукка иһигэр барыта…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

101 саастаах сэрии бэтэрээнэ Наум Слепцов: “Күммүн сэрээккэттэн саҕалыыбын…”

Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын көрсө Марха бөһүөлэгэр 101 саастаах Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Манна күн аайы саҥа туруоруу

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр тутуллубут Култуура киинигэр мэлдьи олус элбэх көрөөччү мустар. Күн сардаҥата…

2 часа ago