Сылы эргиччи үлэлиир кииннэргэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоро сынньаналлар

Share

Ил Дархан Айсен Николаев “Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэр туһунан” ыйааҕар олоҕуран, “Бэс Чагда” оҕо сынньалаҥын уонна доруобуйаны бөҕөргөтөр сылы эргиччи үлэлиир кииҥҥэ анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын тоҕус оҕото сынньанар. Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ оҕолор айаннарын төлөбүрүн олоччу уйунар. Бу туһунан брифинг кэмигэр СӨ оҕо быраабыгар боломуочунайа Туйаара Васильева иһитиннэрдэ.

“Сэрэтэр тэрээһиннэр иитинэн Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕа туолуутун бэрэбиэркэлээтим. Оҕолор күҥҥэ биэстэ аһыыллар. Түөртүү хостоох сиэксийэлэргэ олороллор. Мэдиссиинэ көмөтүн ылаллар уонна доруобуйаларын бөҕөргөтүнэллэр”, — диэн оҕо боломуочунайа иһитиннэрэр.

Бу күннэргэ “Бэс Чагда” кииҥҥэ “Мин — лидербин” диэн тиэмэлээх симиэнэ буола турар. Киин үлэһиттэрэ оҕолор лиидэр буолар хаачыстыбаларын уонна айар кыахтарын арыйар анал бырагыраамалары оҥорбуттар. Бу симиэнэ иитинэн оҕолор доруобуйаларын бөҕөргөтөллөр, үөрэнэллэр, араас тэрээһиннэргэ сылдьаллар. Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар анаан ахсынньы 9 күнүгэр “Бэс Чагдаҕа”  “Саҥа сыллааҕы ап” (“Новогоднее волшебство”) диэн анал симиэнэ тэриллиэҕэ. Тустаах симиэнэҕэ номнуо 60-тан тахса сайаапка киирбит, билигин даҕаны ылаллар.

Ону таһынан, Сунтаар улууһугар “Сир уустара” сылы эргиччи лааҕыр үлэлиир. Манна байыаннай сулууспалаах 14 оҕотун сынньатар былааннаахтар. Кэлэр симиэнэҕэ сайаапкалары номнуо ыыппыттар. Санатан эттэххэ, оҕо лааҕырдарыгар босхо путевка биир төрөппүт эбэтэр сокуоннай бэрэстэбиитэл сайабылыанньатынан бэриллэр. Сайабылыанньаны “Мин докумуоннарым” киин офистарыгар эбэтэр e-yakutia.ru судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥө электроннай порталыгар ыытыахха сөп. Кэлэ-бара айан төлөбүрэ босхо.

Өйөбүл миэрэлэри быстах хомуур кэмигэр байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыттар, 2022 сыл олунньу 24 күнүттэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар эбэтэр кыттыбыт итиэннэ анал байыаннай сорудаҕы толорууга баҕа өттүнэн хантараак түһэрсибит дьон дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ туһанар кыахтаахтар.

Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Игорь Юргин: «Мин олус үөрэбин уонна киэн туттабын, Бэрэсидьиэммэр итэҕэйэбин»

Бүгүн Бэрэсидьиэн Владимир Путин алта сыллаах болдьоххо дуоһунаһыгар киирэр сиэрэ-туома буолла. Кини норуотун иннигэр андаҕар…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үйэлээх үгэстэрбитин тутуһуохпут, өйүөхпүт диэн этиитин биһирии иһиттим

Бүгүн Владимир Путин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин солотугар киирдэ. Бу бэлиэ түгэнинэн "Айар" кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ирина Бурцева: «Биһиги Бэрэсидьиэммит дойдубут сириэдийэ сайдарын туһугар элбэҕи оҥоруо диэн эрэнэбин»

Бүгүн Владимир Путин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин солотугар киирдэ. Бу бэлиэ түгэн туһунан Дьокуускай куорат 30 №-дээх…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ: Владимир Путин Уһук Илини сайыннарар соруктаах

Бүгүн Кириэмил улахан дыбарыаһыгар Владимир Путин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин солотугар киирэр сирэ-туома буолла. СӨ Уопсастыбаннай балаататын…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алексей Егоров: «Биһиги инники олохпут дьоллоох-соргулаах буоларын бигэ мэктиэтэ»

Бүгүн Кириэмил улахан дыбарыаһыгар Владимир Путин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин солотугар киирэр сирэ-туома буолан ааста. Бу ураты…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуу Кыайыы күнүн көрсө үөрэнээччилэр түннүктэри киэргэтэллэр

"Бастакылар хамсааһыннарын" көхтөөх кыттааччылара, үөрэнээччилэр Улуу Кыайыы 79 сылынан Дьокуускайга П.А.Ойуунускай аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы…

6 часов ago