Сүлүһүннээх буруону бопсуохха!
Табахтыырдааҕар табах буруотунан тыыныы буортулааҕын туһунан миэдиктэр уруккуттан бэлиэтииллэр.
Ол эбэтэр, табахсыт киһи 30% никотины иҥэринэр буоллаҕына, буруонан тыынааччы – 70%-ны. Арассыыйаҕа хаһыс да сылын элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр болкуоннарыгар уонна көрүдүөрдэригэр табахтааһыҥҥа сыһыаннаах быраабылалар бааллар. Болкуоҥҥа табахтыахха сөп, ол эрээри ыаллыы олорор дьоҥҥо мэһэйдиэ уонна баһаарынай өттүнэн куттал суоһуо суохтаах. Мантан сылтаан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр социальнай ситимнэрин бөлөҕөр өрүү айдаан тахсар. Ыаллыылар икки ардыларыгар кыыһырсыы да тахсыан сөп. Ханнык сокуон табахтыыры боборуй?
Уопсастыбаннай миэстэҕэ бобуулаах
2023 сыл түмүгүнэн, уопсастыбаннай миэстэҕэ табахтыыр бобуллар. Ол эрээри болкуон, лоджия чааһынай бас билиигэ киирэр. 2019 сылтан ыла баһаарынай өттүнэн сэрэхтээх буолууга болкуоҥҥа эбэтэр лоджияҕа уоту оттуу, ол эбэтэр испиискэни, чүмэчини туттуу бобуллар. Онон болкуоҥҥа табахтааһын административнай быраабы кэһиинэн ааҕыллар. Өскөтүн, баһаар тахсар түгэнигэр, бу холуобунай дьыалаҕа тиэрдиэн сөп. Ыаллыы олорор дьонуҥ табахтаатаҕына, суукка биэриэххин сөп. Суут табахсыт ыалгын буруйдааҕынан ааҕарыгар дакаастабыл баар буолуохтаах. Өскөтүн, ыаллыы олорор дьон доруобуйатыгар табах буруота эмсэҕэлээһини оҥорбут буоллаҕына – ыстараап суумата 500 солк. –
3 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Ыаллыы олорооччулар полицияны ыҥырар бырааптаахтар. Табахсыты эппиэтинэскэ полиция эрэ үлэһиттэрэ тардар кыахтаахтар. Кэлиҥҥи кэмҥэ табахтан сылтаан үгүс умайыы тахсар. Онон умайыы тахсар түгэнигэр, ыстараап суумата – 5 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Холуобунай дьыала табах уотуттан тахсыбыт баһаар түмүгэр тэриллэр.
Табахтан тахсыбыт иэдээннэр
Быйыл атырдьах ыйыгар Дьокуускай куорат Тургенев аатынан уулуссатыгар умуллубатах табах уотуттан сылтаан элбэх кыбартыыралаах дьиэ ахсыс этээһигэр баһаар тахсыбыта. Биир кыбартыыра уонна болкуон уокка былдьаммыта. Маныаха майгынныыр түгэн Дьокуускай куорат “Сулустаах” түөлбэтигэр буолбута. Ыаллыы олорор киһи табаҕын тобоҕо аллараа этээс болкуонугар түһэн, начаас икки ардыгар уот өрө турбута. Былырыын Дьокуускайга сэрэҕэ суох табахсыттартан сылтаан икки киһи эмсэҕэлээбитэ. Ол курдук, Лермонтов аатынан уулуссаҕа баар элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ табахтааһын түмүгэр баһаар тахсан 120 кв. м иэннээх көрүдүөр умайбыта. Икки киһи суһал мэдиссиинэ көмөтүнэн быыһаммыттара. Хомойуох иһин, табах уотуттан оҕолор эмсэҕэлээбит да түгэннэрэ үгүс. Онон уопсастыбаннай миэстэҕэ уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр болкуоннарыгар табахтааһын дьон олоҕор кутталынан суоһуур диэн этии оруннаах.
Ханна табахтыыр бобулларый?
Сокуон хараҕынан уопсастыбаннай сиргэ, ол эбэтэр лиип иһигэр, уопсай болкуоҥҥа, көрүдүөр иһинээҕи кирилиэскэ, оҕо оонньуур былаһааккатыгар табахтыыр көҥүллэммэт. Ол эрээри элбэх кыбартыыралаах дьиэ подъеһын иннигэр табахтыыр бобуллубат. Өскөтүн, табах сыта подъезд инниттэн ыаллыы олорор кыбартыыраҕа киирэр буоллаҕына, кини сууттаһыан сөп. Оттон кыбартыыра болкуонугар табахтыахха сөп дуо? Табахтыахха сөп, ол эрээри буруо туора ыалга мэһэйдиэ суохтаах. Мэһэйдиир буоллаҕына, табахтыы олорор ыалгын хаартыскаҕа түһэрэн баран полицияҕа үҥсүү түһэриэххэ сөп.
Электроннай табах
Электроннай табах – вейп бастаан Саха сиригэр тарҕаныытыгар дьиҥ табах буруотунан аҥкылыйбат буолан, үгүс дьон болҕомтотун тардыбыта. Ол эрээри ваниль, банан, араас отон сыттаах вейп табахтар киһи доруобуйатыгар оҥорор буортулара өссө улаханын миэдиктэр быһаарбыттара. Электроннай табахтары оҥорон таһаарааччылар табаҕы быраҕыан баҕарар дьоҥҥо вейп көмө диэн этэллэр даҕаны, бу табахтар үөдүйүөхтэриттэн оннооҕор оскуола оҕолоро көҥүл тардар буолбуттара. Вейп сыта таҥаска, хоско, кыбартыыра, кэбиниэт иһигэр иҥэн баран сүтэрэ уустук.
Буортута
Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтин чахчытынан, хас биирдии үһүс киһи никотинтан тутулуктаах эбит. Табахсыт киһи бу дьаллыкка ылларда да быраҕара уустук. Мантан сылтаан тыҥа ыарыһах ахсаана сылтан-сыл ахсын элбиир. Чинчийээччилэр быһаарбыттарынан, оҕо сааһыттан табаҕы боруобалаабыт дьон үксэ дьаарай табахсыт буолаллар эбит. Ол курдук, 10-11 саастарыгар оҕо интэриэһиргээн саҕалыыр, 12-13 саастарыгар саастыылаахтарын болҕомтотун тардаары. 15-16 саастарыгар табахтаабыт оҕолор түргэнник ыллараллар. Уйулҕа үлэһиттэрэ табахсыт дьону улахан төрүөттээх буолан тардаллар диэн быһаараллар, холобур, кинилэр уйулҕа өттүнэн көмүскэлэ суох буолан. Табахсыт киһи иммунитета сыыйа бүтэр. Сааһырыыта араас ыарыыга ылларыан сөп. Этэ-сиинэ саһархай, тыынара ыарахан. Оттон табах туох туһалааҕый? Кини арай кылгас кэмҥэ уоскутуон сөп уонна бэйэтигэр эрэлэ суох дьоҥҥо билсиһэргэ хорсун санааны киллэриэн сөп диэн психологтар бэлиэтииллэр.
Клавдия Васильевна, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Табахсыттары утары ханнык да сокуон үлэлээбэт. Кыбартыырам иһигэр ыаллыы олорор дьоммуттан өрүү табах сыта киирэр. Дьиэбит бөлөҕөр өрүү суруйабын да, ким да кыһаммат. Айдаан тахсар, дьон санаатын этэр, онон бүтэн хаалар. Сокуон ылыллан баран олоххо киириэхтээх, олохтоммут ыстараап тутуһуллуохтаах буоллаҕа.
Федор Игнатьевич, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Билигин вейп диэн табахтарын оннооҕор оскуола оҕолоро уоба сылдьаллар. Кыбартыырам иһигэр кэргэним табахтыырбын көҥүллээбэт. Болкуоҥҥа, көрүдүөргэ таҕыстахха, ыаллар айдаараллар. Онон кыһалҕаттан бэһис этээстэн түһэ-түһэ, таһырдьа табахтыыбын.
Сардаана Борисовна, Дьокуускай куорат учуутала:
– Уопсайынан, табах, вейп оскуола тиэргэниттэн тэйиччи атыыланыахтаах. Биһиэхэ маҕаһыыҥҥа барыта көҥүл тэлгэнэн турар. Киһилии ыччаты иитэн таһаарыыга уопсастыба эмиэ көмөлөһүөхтээх. Оскуола оҕотун маҕаһыыҥҥа сылдьыма диэн хааччахтыыр бырааппыт суох. Оттон элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ табахтыыры утарабын. Мин саныахпар, арааһа, анал табахтыыр «курилка» хоһо диэн оҥоһуллуохтаах быһыылаах дьиэлэргэ. Табахтаабат дьон табахсыттартан эмсэҕэлиэ суохтаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: