Сырдык: “Үс сылынан улахан уларыйыылар буолуохтара”
Дьэ, 2025 сыл хайдах буолуоҕай, тугу тосхойуоҕай? Туох үтүө, мөкү өрүттээх буолуоҕай? Ону билээри Алексей Божедонов-Сырдыктан ыйыталастыбыт:
– Тохсунньу-олунньу ыйдарга 50 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Саас тибиилээх, сайын кураан буолуоҕа, хаар кыра. Ол эрээри, былырыыҥҥытааҕар үчүгэй сайын буолуо, сир аһа син үүнүөҕэ. Ыам ыйыгар, бэс ыйыгар кураан буолуо, аны атырдьах ыйыгар аһара ардаан, ситэ оттоппокко, от хаачыстыбата мөлтөх.
Туймаадаҕа былырыыҥҥы курдук улахан уу кэлиэҕэ, муҥутуур көрдөрүүттэн 1 миэтэрэ намыһах. Ол эрээри, Дьокуускайы уу ылбат.
Үүнэр сыл – уларыйыы сыла. Бэс, от ыйдарыгар элбэх уларыйыылар тахсыахтара. Сокуон да, дьон өйө-санаата да уларыйыаҕа.
Кэлэр сылтан сааҥсыйалартан сылтаан, саҥа собуоттары, фабрикалары тутуу саҕаланыаҕа. Билигин оҥорон таһаарарбыт олус аҕыйах. Дьэ, өйдөнөн, собуоттары үлэлэтиэхтэрэ, бэл, сопхуостары сөргүтүөхтэрэ. Үп кырыымчык буолан, улахан тутуулар тохтууллара буолуо.
Өссө 3 сыл нус-хас олоробут, онтон 2025 сыллаахха ылыллыбыт сокуоннар 2028 сылтан күүскэ үлэлээн бараллар. Туох, хайдах буоларын ким да билбэт. 2028 сылтан улахан уларыйыылар саҕаланыахтара. Тас дойдуларга көһөн барбыт дьон төннөн кэлиэхтэрэ.
2035 сылга биисинэскэ саамай тоҕоостоох кэм буолуо. Аан дойду биисинэһэ сыыйа биһиэхэ көһөн кэлиэҕэ. Кытайга биисинэс муҥурга тиийэн турар. Хамнастара улаатан, онно оҥорон таһаарар улахан барыһа суох буолла. Элэктэриичэстибэ эниэргийэтэ чэпчэки буолан, Кытай собуоттарын аҥаардара биһиэхэ көһүөҕэ, олорго үксэ роботтар үлэлиэхтэрэ.
Буола турар байыаннай дьайыы күһүөрү сайын тохтуоҕа, эйэлэһии буолуоҕа. Олох атын хайысханан барыахпыт – күүһүмсүйэн буолбакка, доҕордоһуунан, ол көдьүүһэ уонча сылынан көстүөҕэ.
Экэниэмикэҕэ 2025 сылтан сокуоннар уларыйан, сымнаан барыахтара. 3 сылынан “имигэс” бэлиитикэҕэ көһүөхпүт. Уонча сылынан экэниэмикэ балаһыанньата лаппа үчүгэй буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: