Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Share

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий диэн буолар. Билигин даҕаны ыйытар дьон баар.

Таҥха кэмэ Ороһуоспаттан Кириһиэнньэҕэ диэри буолар. Ити кэмҥэ билгэлээһин ордук табыллар дииллэр. Тоҕо чуолаан тоһуттар тымныыга билгэлиилэр диэн үгүс киһи ыйытар буолуохтаах. Тымныы саамай муҥутаан турар кэмигэр кэлии-барыы аҕыйыыр, күн кылгыыр, көтөр-сүүрэр утуйар, иһийэр, чуумпурар. Ити кэмҥэ киһи сэрэйэр, сэрэхэдийэр, иһиллэнэр күүһэ үрдүүр диэн этэллэр. Чуолаан бу кэмҥэ санааларын бөҕөргөтүнээри билгэлэнэллэр эбит.

Биллэрин курдук, үлэһит сүллүкүүттэр Ороһуоспаҕа тахсаллар. Барытын бэлмнээбиттэрин кэннэ оҕолоро, дьахталлара дьэ тахсаллар диэн ааттыыллар, итиэннэ Кириһиэнньэҕэ киирэллэр. Оҕо эрдэххэ кырдьаҕастар ити кэмнэргэ сууйуллубут таҥаһы таһырдьа ыйаабаттар, хонноруллубат диэн этэллэрэ. Итиэннэ түннүк нөҥүө хараҥаны көрүмэ, улаханнык саҥарыма диэн буойар буолаллара.

Дабыл 1994 сыллаахха “Ыйдарынан туомнар” кинигэтигэр: “Таҥха ахсынньыга түһэр. Оттон сүрүн сабыдыала билиҥҥи халандаарынан тохсунньуга түбэһэр. Ити кэми Таҥха иһиллээһинэ диибит. Таҥха иһиллээһинэ 14 көрүҥнээх: ойбоҥҥо олоруу, сэргэни миинии, сылгылар кэпсэтэллэрин истии, түннүгү үүттээһин, этэрбэһи хаамтарыы, бүргэс сүүрдүү уо.д.а. Балартан ойбоҥҥо олоруу ордук бэлиэ. Маныаха тохсунньу 18 түүнүттэн 19 күнэ буолуутугар, түүн оройугар – 12 чааска, “өлбөт мэҥэ ууну” хаһааныы оҥоһуллар. Итиннэ ылыллыбыт уу сылы быһа ыраас уонна киртийбэт. Кыра быстах дьаҥтан эмтиир дьайыылаах. Иһиэххэ да, суунуохха да сөп”, — диэн суруйар.

Ити курдук, Таҥха иһиллиир кэм кэллэ. Күргүөмүнэн ханна эрэ тиийэн сэрэбиэйдэппэккэ, араас ньымалары туһаныахха эмиэ сөп диэн анаан-минээн дьарыктанар дьон этэллэр.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо ыһыаҕар айан: Ырбайбыт ыт, »хаардаах» хайа…

Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО: Өлүөнэ эбэҕэ сэлээркэ тохтубутунан дьаһал ылыллар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга нэдиэлэ иһигэр 188 баһыылка тиэрдилиннэ

Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Давай бросать» диэн никотинтан аккаастаныы марафона саҕаланна

Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар  никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Буойун» киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ

"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥаластар Өлүөнэ өрүс кытылын ыраастаатылар

Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар.  …

4 часа ago