Салгыы
Сыма хайдах астанарын чахчы билэҕин дуо?

Сыма хайдах астанарын чахчы билэҕин дуо?

25.07.2024, 14:57
Хаартыска: СИАтан.
Бөлөххө киир:

“Сыма диэн тугун, хайдах оҥоһулларын бэркэ билэр буоламмын, “сымаһыт” диэтэхтэринэ өһүргэнээччим суох. Аһаабыт аһым буоллаҕа дии. Хата, куһаҕана диэн баар, бу ас хайдах оҥоһуллара умнуллан, кырдьык, билбэт киһи өйдөбүлүгэр сытыйбыт балыкка тэҥнэнэн эрэр. Өбүгэлэрбит барахсаттар сытыйбыт балыгынан үссэнэллэрин курдук өйдөбүлү хаалларымыахха, көннөрүөххэ”, — диэн Г.Н.Васильев “Сыма уонна атын астар” диэн дьоҕус кинигэтигэр сыма туһунан билиһиннэрэригэр суруйар.

Аныгы кэмҥэ былыргылар балыгы хаһааныы көрүҥнэриттэн син балай эмэ истибит тылбыт “сыма” буолар. Ону кытта үгүс киһи сөпсөһүө дии саныыбын. Ол эрээри, кырдьыгын эттэххэ, чопчу хайдах бэлэмнэнэрин билбэппит. Ааптар бу кинигэтигэр сыманы бэлэмнээһини билиһиннэриэн иннинэ киириитигэр ити курдук суруйбута тута ааҕааччы болҕомтотун тардар. Уопсайынан, манна быһаарбыт хаһааныы көрүҥнэриттэн балачча киэҥник сыма туһунан сырдаппыт. Онтон хайдах бэлэмнээһинин эрэ ойо тутан биэрэбит.

“Оттон “балыгы буорга көмөллөр” диэн адьас ис дьиҥин билбэт эрээри, чэпчэкитик, быһа өйдөөһүн баар. Ама туох буолбут киһи быстар дьадаҥытын уонна иннин-кэннин билбэт хараҥатын иһин балыгы буорга көмөн хаһааннаҕай. Ол эрээри, оҥкучах хаһаллар (сыыйа-баайа сыманы бэлэмнээһиҥҥэ киирэбит), чычаас, метр эрэ курдук дириҥнээх гына. Онтукаларын маһы хайытан, суоран, устуруустаан, дьиппиэри гына ытыыстаан кэбиһэллэр. Ыпсарыллыбыт мас быыһынан буор таммалыа суохтаах. Сорохтор анаан хатарыллыбыт хатырыктарынан ытыыстыыллар.

Мундуну күөлтэн тымтайга ыгыччы сүгэн таһааран, ыраастаан баран, биэдэрэҕэ (баар буоллаҕына) эбэтэр улахан нэлэгэр алтан олгуйга (күөскэ) буһараллар. Уокка уһуннук туруоруллубат, мунду чиккэйээтин уонна хараҕа маҥхайаатын кытта күөскүн таһаара охсоҕун. Буһарбыт мундугун эргэ тууну хаптаччы үктээн оҥоһуллубут чааста сибиэҕэ кутаҕын, миинин сүүрдэҕин уонна ыраас тириигэ эбэтэр бүүс-бүтүн, анаан хатарыллыбыт хатырыкка чөмөхтүү кутан баран, мас чохооччунан илдьи сынньаҕын. Кэлии курдук иһиккэ кутан баран эмиэ ныһыйыллар. Биир кэлим тиэстэ (паста) буолуор диэри илдьиритэллэр. Сөп буолла диэтэххинэ, ити паастаҕын оҥкучахха илдьэн кутаҕын. Ситинник бэлэмнии-бэлэмнии оҥкучаххын төһө кыалларынан түргэнник толорорго кыһаллаҕын. Бу биир-икки күннээх үлэ буолбатах. Толорон баран, бэркэ кичэйэн сабаҕын. Хас да хонук кэнниттэн үчүгэй баҕайы сыт дыргыйан тахсааччы. Манан сыма оҥоһуутун бириинчигэ бүппэт. Бүтэрэ буолар, кырдьык, сытыйыы-ымыйыы тахсыах этэ. сыманы оҥкучахха эпсэри тоҥорботтор. Ол тоҕото биллэр. Кыһын хайдах хостуоххунуй. Онон сөбүн куулайда диэтэхтэринэ, араас иһиккэ көһөрөн тоҥороллор.

Иккис ньыма бастакытааҕар арыый да судургу: син лыыба курдук сыманы холбоҕо оҥороллор. Арай биир атыннаах – холбону кичэйэн туталлар. Маһы суораллар, онон ыпсараллар, чэ, быһата, лыыба киэнин курдук хайаҕастардаах буолара табыллыбат. Хайаҕастанар түбэлтэтигэр муоҕунан тыыхайдаан кэбиһэллэр. Ситэ буспатах мундуну холбоҕо куталлар. Минэ мастар ыккардыларынан сүүрэр, аҥардас мундута эрэ хаалар. Балыгы үрүт-үрдүгэр кут да кут буолаллар. Толорон баран син лыыба кэриэтэ маһынан эбэтэр хатырыгынан сабаҕын, эбиитин, тугунан эмэ ыараханынан баттатаҕын. Буһарыллыбыт буолан, балык лыыбаны оҥорордооҕор түргэнник куулайар, аныгылыы эттэххэ, кэнсиэрбэлэнэр. Эрдэ, ичигэскэ оҥоһуллубут сыма аһыйыан сөп, ол эрээри, сытытыыга тириэрдибэттэр.

Кыһынын, тиэйэллэригэр холбо эркиннэрин мастарын араартаан көтүрэллэр, тус-туһунан чөмөхтүүллэр, син биир лыыба курдук. Сымаҥ бэйэтэ эрэ туран хаалар. Ону туора эрбиинэн быһыта эрбээн кэрчиктииллэр. Итинник биир кэрчиги туспа ылан көрдөххө, биир кэлим сиэрэй маасса, оруобуна шлакоблокка маарынныыр куһуок.

Сыманы аҥардастыы сиэниллибэт эбээт, сиэххин баҕарбытыҥ да иһин сатаан сиэҥ суоҕа. Аһыы уонна сиикэйдиҥи, ирдэҕинэ хааһы курдук сиэрэй маасса буолар. Мин өйдүүрбүнэн биһиги диэки сыаманы биир эрэ сыаллаах оҥороллор – үөрэҕэ кутаары. Биир маасса буола илдьи сынньыллыбыт, эбиитигэр, холбоҕо куулайан өссө мээккэлэммит уонна дьиппиэрбит сыма үөрэҕэ киирдэҕинэ сонно тута суураллар, сибээскэлиир, хойуннарар, хааһы курдук оҥорор уонна туһунан амтаны киллэрэр, — диэн ааптар суруйар.

Г.Н.Васильев «Сыма уонна атын астар» кинигэтиттэн. 

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: