«Сүмэ» үөрэнээччилэрэ Сиинэҕэ эспэдииссийэҕэ сырыттылар
Бу дьыл атырдьах ыйын 3-11 күннэригэр Семен Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын «Сүмэ» үөрэнээччилэр комплекснай эспэдииссийэлэрэ «Сиинэ» айылҕа пааркатыгар 23-с сезонун үлэлээтэ. Экспедиция сыалынан оҕо чинчийэр дьоҕурун сайыннарыы, төрөөбүт сирин историятын, култууратын билими кытары дьүөрэлээн чинчийии, үөрэтии, айылҕаҕа ураты харыстабыллаах сыһыаны ыччакка иитии, оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥэрии буолар.
Бу туһунан Горнай улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Быйылгы экспедицияҕа «Сиинэ» айылҕа пааркатын салайааччыта Алексей Максимов РНА Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киинин Хотугу сир криолитозонатын биологическай проблемаларын институтун ботаническай чинчийии отделын инженер-чинчийээччитин Александра Митинаны уонна зоологическай чинчийии отделын научнай сотруднигын, биологическай билим хандьыдаатын Михаил Сидоровы ыҥыран, бииргэ үлэлээтилэр. Оҕолору чинчийэр үлэҕэ сыһыаран үгүс практическай дьарыктары ыыттылар, чинчийээччилэр лекцияларыгар сырыттылар.
Оҕолор палеонтологическай практическай дьарык кэмигэр Хомо төрдө диэн сиртэн былыр олорон ааспыт кыыл уҥуохтарын буллулар. Булумньуларын чинчийэн, үөрэтэн, ырытан дакылаат оҥорон научнай-практическай кэмпэриэнсийэҕэ кыттыахтара. Инникитин оҕолор чинчийэр үлэлэригэр эспэдииссийэҕэ сылдьыбыт билим үлэһиттэрэ консультант быһыытынан үлэлэһиэхтэрэ. Бу эспэдииссийэни СӨ үөрэҕириитин туйгуна, география учуутала Николай Санников тэрийэн ыытта.
«Сиинэ» айылҕа пааркатын старшай иниспиэктэрэ Дария Павлова оҕолорго Горнай улууһун саамай кэрэ-бэлиэ сирин устуоруйатын, кыылын-сүөлүн, көтөрүн, отун-маһын туһунан кэпсээтэ. Маны таһынан, оҕолор «Горнайым – мин дойдум» диэн Айта Семенова, Мотрена Антонова бырайыактары оҥорор сессияларыгар оҕолор олус интэриэһинэй бырайыактары көмүскээтилэр.
Оҕолору үс туристическай маршрутунан «Сиинэ» айылҕа пааркатын старшай иниспиэктэрдэрэ Филипп Семенов, Савва Максимов илдьэ сырыттылар. Орон Бэс – Хомо төрдө уонна Орон Бэс – Кыртас хайа – Суруктаах Хайа, Орон Бэс – Номуун сирдэринэн сылдьан оҕолор төрөөбүт дойдуларын кэрэ айылҕатын кэрэхсии көрдүлэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: