Сымыйа смс-тартан сэрэхтээх буолуҥ!

Share

Аныгы кэм сибээһэ күүскэ сайдан нэһилиэнньэ ортотугар аймалҕаны таһаарар сыаллаах араас сымыйа сурахтар, дьон үбүн-харчытын отоойкоҕо олордуон баҕарааччылартан уо.д.а. сымыйа звоноктар уонна смс-тар кимиэхэ баҕарар кэлэллэр. Онуоха сорох итэҕэйбэт, сорох – итэҕэйэн аймана түһэр.

Арассыыйа байыаннай дьайыыга кытта сылдьар буойуттарын дьиэ кэргэттэригэр байыаннай сулууспалаах аҕалара, уоллара эбэтэр бырааттара өлбүтүн эбэтэр бааһырбытын туһунан сымыйа смс-тар, төлөпүөнтэн эрийиилэр кэлэр буоллулар. Саха сирин буойуттарын дьиэ кэргэттэригэр итинник түгэннэр буолуохтарын сөп, онуоха итэҕэйэ охсубакка, туһааннаах уорганнартан официальнай иһитиннэриигэ эрэ итэҕэйэр ордук.

Бу туһунан өрөспүүбүлүкэҕэ 122 сулууспа салайааччыта Мария Винокурова быйыл саас СИА саайтыгар кэпсээн, быһааран турар. Сэрэтиини хаһыат саайтын ааҕааччыларыгар таһаарар тоҕоостоох.

— Байыаннай сулууспалаах балачча өр сибээскэ тахсан кэпсэппэтэҕинэ, чугас дьоно, ийэлэрэ, кэргэттэрэ айманаллара баар суол. Аны онно эбии өссө өлбүтүн эбэтэр бааһырбытын туһунан төлөпүөнүнэн биллэриилэр кэлиэхтэрин сөп. Үксүгэр байыаннай сулууспалаах чугас дьоно иһитиннэрии кэлбит нүөмэригэр эрийэллэр. Оччоҕуна анарааттан эрийээччилэр ханнык сиртэн элбэх байыаннай баарын уонна чуолкай координаттарын билиэхтэрин сөп. Иһитиннэрии Украинаҕа регистрациялаах нүөмэртэн кэлэр түгэнигэр киһи тута сэрэхэчийэрэ, сэрэхтээх буолара наада. Саха сирин буойуттарын дьиэ кэргэттэригэр итинник түгэннэр тахсыахтарын сөп, онуоха итэҕэйэ охсубакка, туһааннаах уорганнартан официальнай иһитиннэриигэ эрэ итэҕэйэр быдан ордук. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар төлөпүөнүнэн биллибэт нүөмэрдэртэн кэлэр араас угаайылаах звоноктарга уонна смс-тарга итэҕэйэ охсубаккытыгар, эппиэттээбэккитигэр сүбэлиибит.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьааҥы Сартаҥар Кыайыы болуоссатыгар Ийэ дойду пааматынньыгын туруордулар

Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар улуустарга уонна нэһилиэктэргэ Бэтэрээннэр искибиэрдэрин саҥардан оҥордулар, Кыайыы болуоссаттарыгар…

2 часа ago
  • Сонуннар

Улуу Кыайыы бырааһынньыга үрдүк таһымнаахтык ааста

Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр Кыайыы 80 сылын көрсөр тэрээһин үрдүк…

2 часа ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Аҕабыт Кыайыыны Рейхстаг аттыгар көрсүбүтэ

Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…

3 часа ago
  • Сонуннар

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…

4 часа ago
  • Сонуннар

Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар

Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…

4 часа ago
  • Быһылаан

Түөкүттэр аҕам саастаах кэргэнниилэртэн 23 мөл.солк. уорбуттар

Дьокуускай куорат аҕам саастаах олохтоохторо түөкүттэргэ итэҕэйэн 23 мөлүйүөн солкуобайы уордарбыттарын туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…

4 часа ago