Сымыыт сыаната хонтуруолланар

Сымыыт сыаната хонтуруолланар

26.12.2023, 09:00
Хаартыска: "Ил Түмэн"
Бөлөххө киир:

Сымыыт социальнай суолталаах бородуукталар испииһэктэригэр киирсэр. Онон маҕаһыыннар сыананы олохтуулларыгар булгуччулаах ирдэбиллэри тутуһуохтаахтар. 

СӨ сыанаҕа бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката оҥорон таһаарар сымыыттарын сыанатыгар муҥутуур сууманы ааҕан-суоттаан таһаарда.

Эбэн эттэххэ, кэмитиэт сыананы олохтообот, атыы-эргиэн эбилигин бырыһыанын эрэ олохтуур. Сымыыкка эбилик 20%-тан үрдүө суохтаах. Онон киин куоракка сымыыт сыаната:

1-кы категориялаах остолобуой сымыыт — 116,4 солкуобай;

талыллыбыт сымыыт — 129,6 солкуобай буолла.

Бу — Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын сымыытын сыаната. Маҕаһыыннарга көрдөххө, чахчы, олохтоох фабрика оҥорон таһаарар бородууксуйатыгар, сымыыт сыаната итинтэн үрдээбэт. Онтон атын куораттартан аҕалыллар сымыыттар сыаналара ыараабыт — 140 солкуобайтан саҕаланар. Маны тэҥэ, оҥоһуллубут күнэ-дьыла да ырааппыт — маҕаһыыннар долбуурдарыгар номнуо икки-үс ый сыппыт буолар.

Олохтоох бородууксуйа баара итинэн үчүгэй — сибиэһэй буолар уонна сыаната хонтуруолланар. Тоҕо диэтэр, Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыгар СӨ бырабыыталыстыбатыттан, олохтоох оҥорон таһаарыыны өйөөһүн чэрчитинэн,  хаста да көмө оҥоһуллубута. Фабрика сылга 100-тэн тахса мөлүйүөн сымыыты оҥорон таһаарар.

Билигин маҕаһыыннарга сымыыт арааһа дэлэй, ханна да дэписсиит буолбута биллибэт. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: