СӨ Бэтэринээрийэ департаменын хаартыската
Бэтэринээринэй-санитарнай эспэртиисэ лабораториятын үлэһиттэрэ куурусса сымыыта атыыга тахсыан иннинэ бэтэринээринэй бэрэбиэркэни оҥороллор.
Бэрэбиэркэлэнэр докумуоннарга куурусса сымыыта хаһан тахсыбытын, төһө өр кэм устата харайылларын туһунан ыйыллар.
Бэтэринээринэй сэрэтэр үлэлэргэ сымыыты эрэ бэрэбиэркэлээбэккэ, кууруссалар эмиэ бэрэбиэркэлэнэллэр. Сибиэһэй, хаачыстыбалаах бородууксуйаны талан ыларга киһи бэйэтэ эмиэ элбэҕи билиэхтээх. Ол курдук сымыыт хаһан тахсыбыт маркировкатын үөрэтии сүрүн оруоллаах. Маркировкаҕа куурусса сымыытын категориятын уонна хаһааҥҥа диэри туһаныллар болдьоҕун ыйаллар. Куурусса сымыытын туттуллар болдьоҕо 25 суукка. Сүүрбэ хонукка диэри сымыыты холодильникка хаһааныахха сөп. Маны таһынан сымыыты атыылаһыах иннинэ сахсыйан көрөн бэрэбиэркэлиир ордук. Үгүс маҕаһыыннарга бэрэбиэркэлиир уустук, тоҕо диэтэххэ, сымыыттары анал хоруопкаҕа уган баран салапаанынан хамсаабат гына хам эрийбит буолаллар.
Бүгүн Оһуокайбыт түһүлгэтигэр субуотунньуктаатыбыт. Мустуубут боппуруоһунан түмсүү сэбиэтэ Оһуокай ыһыаҕын тэрийиигэ сүбэлэстибит. Бастатан туран, Нерюнгрига…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн бааннар кирэдьиит биэрэллэригэр кирэдьиит устуоруйатын учуоттаабат буоллулар диэн сымыйа сурах тарҕанна.…
Бу сыл тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри «Якутскэнергосбыт» хампаанньа 50 мөл. солк. тахса суумалаах хомунаалынай өҥөлөр…
Политолог, суруналыыс Чокуур Гаврильев ырытар.
От ыйыгар ГАИ үлэһитин тохтобулга ирдэбилин толорботох иһин ыстараап 12,5 төгүл үрдүөҕэ, ОСАГО полиһа суох…
От ыйын 1 күнүгэр Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр. Бырабыыталыстыба дьиэтигэр сахалыы тыллаах көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр үлэһиттэригэр,…