Хаартыска уонна видео: Елена Потоцкая.
Бэҕэһээ, ыам ыйын 25 күнүгэр, Дьокуускай куорат Сынньалаҥ пааркатыгар Оһуохай күнүн бэлиэтиир тэрээһин буолан ааста.
Оһуохай түмсүү баһылыга Александр Данилов дьонун-сэргэтин кытта бииргэ оһуохайдаста.
Александр Джурович оһуохай туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
— 2017 сылтан ыла оһуохай дархан этээччилэрэ Оһуохай күнүн олохтуурга туруорсубуттара. Онуоха былырыыҥҥыттан ыла бу маннык суолталаах күнү бэлиэтиир ыйаахха илии баттаабытыгар Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка махтанабыт. Бу тэрээһин суолтата наһаа улахан. Сайдыы саҕыллар. Улуустарга барытыгар, хас биирдии нэһилиэк аайы биирдии оһуохай этээччи баар буолуон наада.
«Өймөкөөн» кэмиэрчэскэйэ суох уопсастыбаннай тэрилтэ бырабылыанньатын чилиэннэрэ Оһуохай түмсүү баһылыга Александр Даниловы кытта көрсөн, оһуохай суолтатын туһунан ырыттылар.
Александр Джурович «былыр оһуохай эдэр дьон ыал буолууларын уонна демографическай боппуруоһу быһаарар суолталаах этэ» диэн эппитин уопсастыбанньыктар ордук кэрэхсээтилэр. Иһигэр киирдэххэ, кырдьык да, оһуохай дириҥ философиялаах эбит.
Александр Джурович «Саха сиригэр хас оҕолоох ыаллар баалларын статистика үлэһиттэрэ ааҕан тураллар. Онно ордук Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар 1000-тан тахса дьиэ кэргэҥҥэ элбэх оҕолоохторо көстөн тахсыбыттара. Атын улуустар дьиэ кэргэттэрэ иккилии, биирдии оҕолоохтор эбит. Бу Бүлүү улуустара атын улуустартан туох уратылаах буолан элбэх оҕолоннулар? Кинилэр — оһуохайдаахтар. Оҕолорун сайын ыһыаххха илдьэ кэлэн оһуохайдаталлар, билиһиннэрэллэр, күһүн уруу тэрийэллэр. Ыал үөскээн, элбэх оҕолонон барар. Ол иһин биһиги хас биирдии улуус бэйэтэ Дархан этээччилээх буоларын ситиһэ сатыыбыт. Үс мөлүйүөн саха үөскээтин, түөрт мөлүйүөн саха төрөөтүн! Доом! » диэбитэ дириҥ ис хоһоонноох эбит.
«Ыам ыйын 25 күнүгэр Дьокуускай куорат Сынньалаҥ пааркатыгар, Оһуохай искибиэригэр субуота уонна өрөбүл аайы күнүс 13:00 чаастан сайыҥҥы Оһуохайга кэлэн ыллааҥ-туойуҥ, сэргэхсийиҥ» диэн киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын ыҥырда Оһуохай түмсүү баһылыга Александр Данилов-Дьулуур Хан.
Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…
Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…
Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…
Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…
Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…