Доҕоттор, оонньууну күн ыаһаҕа дии саныыгыт? Суох бөҕө буоллаҕа дии. Ону, мин көрдөхпүнэ, ханнык да оскуолатааҕар, тэрилтэтээҕэр, киһиргэтэн эппэппин эрээри, кинигэни оҥорон таһаарар “Айар” кыһата билбит уонна атыы ырыынагар элбэх хаартыны таһаарар буолла. Тоҕо буолуой?
Бастатан туран, дьиэ кэргэн чөл итиэннэ оҕолуун-бэйэлиин биир сомоҕо буоларын туһугар. Ол аата?
«ДьДьДь». “Ээ, биктэриинэ эбит дии, ханна баҕарар баар, наада буоллаҕына кинигэттэн, интэриниэттэн да ылыллыа” дии саныыбыт. Төттөрүтүн кэбэ турар киһи онтон атыннык куолулаабат.
Оттон мин биир уратыны кэпсиим. Бу “Айардар” былырыын таһаарбыт “ККК” диэн хаартачыкалаах биктэриинэтин салгыыта. Быйыл “ДьДьДь”-ны ылбыт буоллаххына, ол аата эн дьиэҕэр 1000 хатыламмат ыйытыктардаах биктэриинэҥ баар. киһи хайдахтаах да дьикти көстүү ымпыгын-чымпыгын өйүгэр чып курдук үйэтин тухары хатаабат. Сырыы ахсын киһи эттэҕинэ, “Ээ, оннук этэ дуу, ол иһин итинник курдук саныыр этим ээ”, эбэтэр “Тууй-сиэ, билэр этим ээ, умнан кэбиспиппин дии” диэн саҥа аллайааччы. Ол иһин, маннык биктэриинэ өйү эрчийии, мэйиини мускуллаҥнатыы буолар. Бу икки сыл тахсыталаабыт ыйытынньыктар бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаабат өрүттээхтэр.
Бастакыга ыйытыы быыһыгар сорудаҕы эрэ күргүөмүнэн толорбут буоллаххына, иккиһигэр, били “Туох? Ханна? Хаһан?” диэбит курдук дьааһык иһигэр кистэммити таайарга 10 видео-ыйытыктаах. Босхо куар-куоду хачайдаа да, төлөпүөҥҥэр илэ киһи чиккэс гына түһэр эбит уонна, били остуоруйаҕа курдук, туттан-хаптан саҥаран чуопчааран барар. Кини ыйытыгын оонньуу олорор дьон таайа сатаан, сүбэлэһэн, мөккүһэн баран биир сөп диэбит хардаларыгар тохтууллар уонна хаарты кэтэҕин арыйаат, дьиҥ эппиэтин истэллэр. Оччоҕо били киһиҥ дьааһыгын арыйа баттыыр, иһирдьэ туох сытарын ороон таһааран көрдөрөр. Бэртээхэй толкуй буолбатах дуо?
Быйылгы сыл Саха сиригэр Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сыла буолла диэн үөрэн аҕай олоробут. Онуоха бу хаартылаах оонньуу олус туһалаах.
Бастатан туран, оҕо бырааһынньыктарынан да арааран түптээх ыйытыктары мантан булар эбит: Саҥа дьылга, Аармыйа да, Дьахтар да күнүгэр, Ыһыахтары таарыччы күһүҥҥү күннэргэ тиийэ.
Иккиһинэн, оҕону наһаа ньырамсыппакка, толору толкуйдуур гына уустук да соҕус ыйытыылар бааллар. Сорохторо оскуола бырагырааматынан бэркэ эппиэттиир гына оҥоһуллубут. Атыттара турбут да киһи тото толкуйдууругар, урукку билиитин сыымайдыырыгар анаммыт. Олус үчүгэй.
Үсүһүнэн, дьахтар уонна эр киһи хараҕынан эппиэти араастык анааран таһаарарын курдук мөккүөрдээх ыйытык элбэх эбит. Ол аата, оҕо ийэтэ маннык диэн быһаарар, аҕата атыннык туруулаһар. Мөккүөр таҕыстаҕа ити.
Төрдүһүнэн, дьэ били видеолаах ыйытыктар. Бу наһаа сонун уонна олус киитэрэй, истээх-биэтэстээх, чахчы оҕуруктаах ыйытыылар эбит! Оттон хардата судургутун баҕаһын! Биһиги итиннэ түбэһэн турабыт. “Кырдьык даҕаны!” диэн сөрү диэн сөхпүппүт.
Онон, киһи-аймах оҕотун, ыччатын туһугар олорор. Кинилэр өйдөөх-төйдөөх буола ситэллэригэр бу маннык дьиэ иһигэр иитиигэ көмө буолар хаартылар наһаа наадалар. Оонньуу таарыйа санааҥ ырааҕынан эргийэр, толкуйуҥ улаханынан мээрэйдэнэр буолар эбит! Кытаатыҥ, холонон көрүҥ, бэйэҕит үөрүөххүт!
Маайбыт бу кэллэ!
Инньэ диэн тураммын, бэҕэһээҥҥиттэн эмээхсиммин кытта бириис хомуһа диэн маҕаһыыннары кэрийэн эрэбит. Бу ыам ыйынааҕы сынньанар-тирбинэр күннэргэ биһиги Нустуруойап аймах даачаҕа тахсаммыт улахан “Өй күрэһин” ыытыаҕыҥ диэн буолла. Онно “ДьДьДь”-ны туттаары бэлэмнээтибит. Дьэ, бэйикэй, оҕолорбун көрүлэтэ оонньуурум буолуо диэн испэр манньыйа сылдьабын! Сынньалаҥы да туһалаахтык атаарарга бу “Айар” кинигэтэ, хаартачыкалара өй уктахтарыан! Ол иһин бэйэлэриттэн баран бирииспэр… эбии атын хаартачыкалары атыылаһыам уонна кыраларга онтон минньигэс сахалыы ааттаах сакалааттары дук гыннахпына Анньыыһын аатырар! Сол курдук!
Анньыыһын НЕУСТРОЕВ
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…