Сүппүт дьон көһүннүлэр дуо?

Share

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн куоракка хас да киһи сүппүтүн туһунан иһитиннэриилэр тарҕаннылар.

Билигин халлаан тымныйан, киһи ордук куттанар. Онон тымныы кэмнэргэ сэрэниэххэ наада. Тымныы оҕолорго кутталлааҕын өйдүөх тустаахпыт. Ону тэҥэ, аһыы утаҕы иһэн баран,  тымныыга атах балай барбыттарга эмиэ сэрэхтээх. Аһыы утаҕы аһара иһэн баран, охтубут дьону тымныы хайдах да бырастыы гыммат.

Санатар буоллахха,  ааспыт сууккаҕа  «Якутское»  ИДьМ  полициялара үс киһи сүппүтүн көрдөөтүлэр, ол иһигэр сааһын ситэ илик оҕо баар. Үөрэх кыһатын уопсайыгар олорор 17 саастаах үөрэнээччи биэс күн устата ханна баарын туһунан эппэтэх. Полиция үлэһиттэрэ көрдөөбүттэр уонна уол Бүлүү улууһун биир нэһилиэгэр эбээтигэр баара биллибит. Уол үөрэҕин тохтоторго быһаарыммыт, ол туһунан үөрэх салалтатыгар биллэрбэтэх, онон учууталлары куттаабыт.

18 саастаах устудьуон кыыһы эмиэ үөрэх кыһатыгар сүтэрбиттэр. Тоҕо диэтэххэ, үөрэҕэр ый курдук көстүбэтэх. Кэлин тиһэҕэр биллибитинэн, кыыс  олоҕор уларыйыы тахсыбытын туһунан чугас дьонугар да, учууталларга да иһитиннэрбэтэх. «18 саастаахпын» диэбит, кини чугас баар сэлиэнньэҕэ уолугар тиийэн ый курдук буолбутун полиция үлэһиттэрэ быһаарбыттар.  Онон бу курдук араас балаһыанньалар тахсыталыыллар.

Онон ханна эрэ эмискэ барар буоллаххытына, ол туһунан, саатар, чугас дьоҥҥутугар билиһиннэрэргит ордук этэ. 

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

48 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

5 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

5 часов ago