Сыралаһан буолбакка, көрүлээн бултуур буоллулар
Саас дойдубар, ампаар иннигэр аҕам мончууктарын оҥосто олороро харахпар көстөр. Кус төбөтүн быһыытын мастан оҥорон баран ону тыыннаах кустан итэҕэһэ суох үүт-үкчү түһэрэн кырааскалыыр буолара. Дьоҕус үрүсээгин, халампааһын уонна икки уостаах саатын сүктэ да булка бэлэм буолара. Билиҥҥи булчуттар курдук үрүсээк муҥунан таҥас-сап, өйүө, сиигирбэт саппыкы, кус угуйар монуок, хараҥаны сырдатар тепловизор, булду чугаһатар оптика хантан кэлээхтиэй.
Билиҥҥи булт уратыта
Оттон билиҥҥи үйэҕэ булт диэн тугуй? Олох тэтимэ уларыйарын кэриэтэ, булт эйгэтэ, булка сылдьыы сиэрэ-туома эмиэ уларыйда. Урукку курдук булчут ыттарын батыһыннарбытынан сыралаһан, сонордоһор бултуур киһи ахсааннаах. Булт үөрүүтүн билэр булчуттар билигин бааллар дуо? Биир билэр уолум сэттэ куул куһу бултаан баран улаханнык астыммыт сирэйин көрбөтөҕүм. Арай сатаан үргээн хаһаанар кыаҕа суоҕуттан дьоҥҥо түҥэппитин билэбин. Оттон сорохтор, саас бөххө таһааран куппут хаартыскалара социальнай ситимҥэ тарҕанааччы. Суолтан-иистэн иҥнибэт тиэхиньикэнэн сири-дойдуну тоҕута кэстэрэн, көстүбэт да булду монуогунан угуйан, тайҕаҕа саһан турар кыылы үөһээттэн коптерынан көтүтэн көрө охсон суоһарар дьон ама, булчуттар дэниэхтэрэ дуо? Маннык бултаныллыбыт булду ама Байанай бэлэҕэ диэххэ сөп дуо?
Үтүө үгэс умнуллара хобдоҕун
Урукку булчуттар барахсаттар үүтээҥҥэ испиискэ, көтөх мас, туус уонна ол-бу наадалааҕы хаалларан баҕар биир эмит булчут мунан-тэнэн иһэн хоноругар көмөлөһөр суруллубат сокуоннаахтара. Онно үүтээҥҥэ булчут саата, таҥаһа-саба да хаалыан сөбө. Ааһан иһэр булчут атын киһи малын, саатын олох тыыппат, эгэ илдьэ барыа дуо? Оттон билигин бу көстүү хайдаҕый? Булчут үүтээнигэр түбэспит ааһан иһэр киһи испиискэтигэр тиийэ суйдаан, баары барытын бараан, алдьатан, киһи ылыаҕа сөптөөҕү уктан илдьэ барар адьынаттаммыт. Бу туһунан миэхэ билэр булчутум олус хомойон олорон кэпсээбитэ. Ол маннык: «Бултуур үүтээммиттэн сааһым тухары илдьэ сылдьыбыт быһахпын, мас мастыыр сүгэбин, бэл, эргэ тимир чаанньыкпын кытта сойбоппуттар этэ. Ити кэннэ киһи үүтээҥҥэ тугу да хаалларбат буолла. Барытын тиэйэ, соһо сылдьар уустук. Хомойуох иһин, булт үтүө үгэстэрэ умнуллубуттар. Аныгы булчуттар сыралаһан буолбакка, көрүлээн бултууллар. Аны иһэн-аһаан баран бэйэлэрин кэнниттэн хомуйбаттар. Барытын ыһан-тоҕон бараллар», – диэбитэ. Булт үтүө үгэһэ кэһилиннэҕэ ити.
Баай эрэ киһи бултуур дуо?
Билигин аптамаат сааҥ, кус угуйар монуогуҥ, сыаналаах үрүсээгиҥ, хараҥаны сырдатар тепловизорыҥ, эрэһиинэ тыыҥ, сойуппат тиэримэһиҥ суох буоллаҕына, эн бултуур кыахтааххын дуо? Таах кураанаҕы кууһан, күнү-дьылы бараан бултууру аныгы дьон сөбүлээбэт. Кинилэргэ айылҕалыын алтыһыы, булт ураты тыынын ылыы диэн суох. Хайдах эмит гынан элбэх булду куоһаран хаартыскалаан киһиргэммит эрэ киһи диэн өйдөбүллээхтэр. Булт диэн олус ороскуоттаах дьарык буолбута үүнэр ыччаты саха төрүт үгэһиттэн тэйитэр кутталлаах. Аҕата уолун булка бэйэтин кытта илдьэ сылдьар эрэ буоллаҕына, уол оҕо булка сыстар, интэриэһиргиир буолар. Ол эрээри билиҥҥи тутах өйдөбүлүнэн баай эрэ киһи бултуур буолбута хомолтолоох. Ханнык баҕарар аҕа кыһынын туһах иитэн, сааһын куска сытан оҕотугар булт эйгэтин билиһиннэрэр кыахтаах. Көрүлээн бултааччыларга тэҥнэһэ сатаабакка, ийэ айылҕа, Баай Байанай, сахалыы сиэр-туом эйгэтин оҕоҕо билиһиннэрии туохтааҕар даҕаны күндү.
Иитиэх (подсадной) кустары булка туттуу көҥүллэниэҕиттэн Саха сирин киин оройуоннарыгар сааскы кус муус устар 21 күнүттэн саҕаланар. Урбаанньыттар бу хайысхаҕа үгүс харчыны өлөрөллөр. Ол курдук тас эрэгийиэннэр питомниктарыттан кус аҕалан атыылаан барыһыраллар. Ардыгар маннык кустары уларсык эмиэ биэрэллэр. Биир сааскы булка аҥаардас ботуруоҥҥа 5000 солк. ороскуоттанар. Бу ааспыт саас иитиэх куһунан бултааһыҥҥа (подсадной) куска 800 кэриҥэ лиссиэнсийэ бэриллибит.
Роман Тимофеев, Дьокуускай олохтооҕо:
– Электромонуок саҥа үөдүйүүтэ, мин уруккулуу дурдаҕа олорон уон күн устата сыралаһан бултаабыт булпун билэр уолум биир сарсыарда бултаан барбыта. Дьэ, онон булка сыһыан уруккулуу буолбатах. Билигин ытынан, атынан бултуур да киһи аҕыйаата. Коптеры көтүтэн булт ханна турарын көрөн үөмэн киирэн тепловизордаах оптиканан биирдэ ытан кэбиһэллэр. Аҕыйах сылынан ыт харабыл эрэ буолара буолуо. Мин хас даҕаны билэр булчуттарым номнуо ытынан бултаабат буолбуттара.
Афанасий Семенов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтооҕо:
– Туртаһы, тайаҕы тохсунньу 10 күнүгэр диэри бултуохха сөп. Манныкка туох кыыла туруой, эстии эрэ барар. Дьиҥэр, ыт булка барбат буолла да тохтотуохха сөп этэ. Аны саас ахсын кус кэмигэр булчуттар монуогунан туох баар куһу барытын ыҥыран булду куоһараллар. Аны түүннэри тепловизорынан сырдатан булаллара эмиэ сүрдээх дьыала. Булка сыһыан наһаа уларыйда. Аҥаардас кыдыйыы курдук буолаары гынна.
Чукул, Дьокуускай олохтооҕо:
– Сыл ахсын булт сокуона уларыйа турара сөхтөрөр. Булка аптамаат саалары бобуохха наада. Куска икки уостаах, кыылга нарезной сааны (болтовой) эрэ көҥүллүөххэ наада. Оптика, тепловизор бобуллуохтаах дии саныыбын. Аныгы дьон сыралаһан буолбакка, көрүлээн бултуур буолла.
Дмитрий Гаврильев, Дьокуускай олохтооҕо:
– Ардыгар бөх баахтарын тастарыгар өрөһөлөммүт кус-хаас сытарын тарҕаппыттарын көрдөхпүнэ, булчуттарга абара саныыбын. Кэргэттэрэ сатаан куһу-хааһы үргээбэт эр дьон бултуу бара сорумматыннар даҕаны. Маннык быһыыны-майгыны саха төрүт итэҕэлин тэпсии дии саныыбын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: