Салгыы
Сырдатыы үлэтин миграннар кэрэхсииллэр

Сырдатыы үлэтин миграннар кэрэхсииллэр

28.07.2024, 14:00
ХААРТЫСКАЛАР А.Е. КУЛАКОВСКАЙ-ӨКСӨКҮЛЭЭХ ӨЛӨКСӨЙ ААТЫНАН НОРУОТТАР ДОҔОРДОҺУУЛАРЫН ДЬИЭТИН ТЕЛЕГРАМ-ХАНААЛЫТТАН.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 2024 сыл олунньу 1 күнүнээҕи туругунан 22 542 араас омук киһитэ кэлэн үлэлии сылдьар.

Ити РФ ИДьМ СӨ Миграция боппуруостарыгар управление­тын чахчытыгар олоҕуран холобурдаатым. Сэбиэскэй сойуус саҕана  “миграция” диэн өйдөбүл суоҕун кэриэтэ этэ. Билигин Арассыыйаҕа үлэлии кэлэр таджиктар, узбектар, кыргызтар уонна  да атын тутулуга суох холбоһуктаах судаарыстыбалар (СНГ) дойдуларын төрүт олохтоохторо бары сэбиэскэй гражданнар этилэр. Ол да иһин буолуо, урукку бырааттыы норуоттар эрээри,  аныгы көлүөнэ дьоно олох атын иитиилээхтэр, толкуйдаах­тар, Арассыыйаҕа үлэлии кэлэргэ эрдэттэн чопчу бэлэмнэммэттэр, биһиги дойдубут култууратын, үгэспитин, быһыы-майгы нуор­матын туһунан билбэттэр. Кинилэр үксүгэр Арассыыйа туһунан манна сылдьыбыт чугас аймахтарыттан эбэтэр доҕотторуттан билэллэр. Онон миграннары сырдатар үлэ олохтоохтук ыытыллар.

Екатерина Егорова, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин ресурснай киинин салайааччыта:

–  РФ Омуктар дьыалаларыгар Федеральнай ааҕыныстыбата Киин Азия эрэгийиэннэриттэн үлэлии кэлэр миграннарга анаан сырдатыы үлэтин оҥорбут торума (адаптационный курс) дойду биэс эрэгийиэнигэр: Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, Краснодарскай уонна Пермскэй кыраайдарга, Калининград уонна Москва уобаластарыгар тарҕанна. Манна Арассыыйаҕа үлэлии кэлбит дьон тустаах сокуоннары тутуһууларын, экстремизм уонна терроризм боппуруостарыгар холуобунай эппиэтинэһи сүгэллэрин, уопсас­тыбаннай сирдэргэ оттомноохтук сылдьыы нуорматын быһааран биэрэллэр.  Миграннарга сырдатыы үлэтин сүрүн соруга –  миграция эйгэтигэр тыҥааһыны кыччатыы уонна сокуону билиилэрин таһымын үрдэтии буолар.

Тэрээһиннэргэ омуктары кытыннарыы

Үгүс омук түөлбэлээн олорор уонна үлэлиир сиринэн Хаҥалас улууһун Мохсоҕоллоох бөһүөлэгэ буолар.

От ыйын 17 күнүгэр Мохсоҕоллооххо Омуктар дьыалаларыгар Федеральнай ааҕыныстыба Киин Азия эрэгийиэннэриттэн кэлэр миграннарга сырдатар куурус чэрчитинэн кэккэ тэрээһиннэр торумнаммыттара. Ол курдук, “Мигрант чааһа” (“Час мигранта”) диэн биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы бырайыакка миграннары регистрациялааһын ирдэбиллэрин, быстах кэмҥэ олоруу болдьоҕун  кэһии иһин эппиэтинэс улаханын, патены уонна үлэ дуогабарын толоруу ирдэбиллэрин, террористическай кутталы сэрэтии, террористическай дьайыылары бохсуу туһунан  боппуруостары быһаардылар. Маны таһынан, миграннарга сырдатыы кэмигэр нуучча тылын Арассыыйа норуоттарын кэпсэтэр тыллара буоларынан үөрэтэр наадатын сүбэлээтилэр. Бу үлэни ыытар оробуочай бөлөҕү кытта Мохсоҕоллоох баһылыга Александр Пермяковы кытта көрсүһүү буолла. Онно Мохсоҕоллооххо ыытыллар араас тэрээһиннэргэ омук дьонун кытыннарарга дьүүллэстилэр.

Бу күн А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй  аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин иһинэн тэриллибит көһө сылдьар “Доҕордоһуу куолаһа” диэн араас омугу сомоҕолуур Арт-этэрээт айар үлэтин билиһиннэрдилэр.  2023 сыл­лаахха бу айар кэлэктиип өрөспүүбүлүкэ улуустарынан уонна Дьокуускай куоракка 10 көһө сылдьар тэрээһини ыыппыттар. Арт-этэрээт бырайыак салайааччыта Жанна Николаева салайыытынан дьаамсыктар сыдьааннарын «Бубенцы над Леной» ансаамбылын салайааччыта Ирина Стрекаловская, Сахая Нохсорова, Арина Суюндюкова, Татьяна Соросова-Балаганчик уонна  Валерий Сергеев квартеттарын араас омук тылынан ыллыыр ырыалара миграннары олус сэргэхсиппиттэрэ, сүргэлэрин көтөхпүтэ.

“Мигрант чааһа” (“Час мигранта”) диэн тэрээһин чэрчитинэн култуура үлэһиттэрэ кыттыылаах узбектар общиналарыгар анаан туспа көрсүһүүнү эмиэ ыыппыттара. Онон национальнай общиналар миграннары кытта үлэни эмиэ өйүүллэр, араас тэрээһиннэри көҕүлүүллэр.

Мечеть үгүс миграны түмтэ

От ыйын 19 күнүгэр Дьокуускай куорат Соборнай мечетигэр Саха сиригэр олорор омук дьонугар анал сырдатыы үлэ ыытыллыбытыгар  тыһыынчаттан тахса киһи кыттыыны ылбыта.

СӨ мусульманнарын духуобунай дьаһалтатын муфтийын солбуйааччыта уонна СӨ норуот­тарын ыччаттарын ассамблеятын бэрэс­сэдээтэлэ Нурудин Нурудинов Киин Азия эрэгийиэннэриттэн үлэлии кэлэр миграннар Арассыыйа уопсастыбаннай олоҕор үөрэнии­лэригэр туох өйөбүл оҥоһулларын быһаарда.  СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин исписэлии­һэ Максим Саввин РФ сокуоннарын тутуһууга, СӨ уонна РФ култууратыгар уонна устуо­руйатыгар убаастабылга болҕомтону уурда. Маны таһынан, кини СӨ ИДЬМ Саха сиригэр омук гражданнара адаптацияны ааһыыларыгар туһуламмыт бырайыактарын билиһиннэрдэ. А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ араас омук дьону сомоҕолуур үлэтин туһунан тэрилтэ сүрүн исписэлииһэ Василий Аргунов бэрт ылыннарыылаахтык уонна кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтэ.  Мунньахха өссө СӨ ИДЬМ миграция боппуруостарыгар управлениетын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Бу тэрээһиҥҥэ  Ил Дархан 220 №-дээх Ыйааҕын уонна да атын үлэ миграциятын тиэмэлэрин сырдаттылар. Сотору кэминэн маннык сырдатар үлэ Томпо, Алдан уонна Мииринэй оройуоннарыгар олорон үлэлиир миграннарга ыытыллара былааннанар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: