Саха сиригэр 2024 сыл олунньу 1 күнүнээҕи туругунан 22 542 араас омук киһитэ кэлэн үлэлии сылдьар.
Ити РФ ИДьМ СӨ Миграция боппуруостарыгар управлениетын чахчытыгар олоҕуран холобурдаатым. Сэбиэскэй сойуус саҕана “миграция” диэн өйдөбүл суоҕун кэриэтэ этэ. Билигин Арассыыйаҕа үлэлии кэлэр таджиктар, узбектар, кыргызтар уонна да атын тутулуга суох холбоһуктаах судаарыстыбалар (СНГ) дойдуларын төрүт олохтоохторо бары сэбиэскэй гражданнар этилэр. Ол да иһин буолуо, урукку бырааттыы норуоттар эрээри, аныгы көлүөнэ дьоно олох атын иитиилээхтэр, толкуйдаахтар, Арассыыйаҕа үлэлии кэлэргэ эрдэттэн чопчу бэлэмнэммэттэр, биһиги дойдубут култууратын, үгэспитин, быһыы-майгы нуорматын туһунан билбэттэр. Кинилэр үксүгэр Арассыыйа туһунан манна сылдьыбыт чугас аймахтарыттан эбэтэр доҕотторуттан билэллэр. Онон миграннары сырдатар үлэ олохтоохтук ыытыллар.
Екатерина Егорова, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин ресурснай киинин салайааччыта:
– РФ Омуктар дьыалаларыгар Федеральнай ааҕыныстыбата Киин Азия эрэгийиэннэриттэн үлэлии кэлэр миграннарга анаан сырдатыы үлэтин оҥорбут торума (адаптационный курс) дойду биэс эрэгийиэнигэр: Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, Краснодарскай уонна Пермскэй кыраайдарга, Калининград уонна Москва уобаластарыгар тарҕанна. Манна Арассыыйаҕа үлэлии кэлбит дьон тустаах сокуоннары тутуһууларын, экстремизм уонна терроризм боппуруостарыгар холуобунай эппиэтинэһи сүгэллэрин, уопсастыбаннай сирдэргэ оттомноохтук сылдьыы нуорматын быһааран биэрэллэр. Миграннарга сырдатыы үлэтин сүрүн соруга – миграция эйгэтигэр тыҥааһыны кыччатыы уонна сокуону билиилэрин таһымын үрдэтии буолар.
Үгүс омук түөлбэлээн олорор уонна үлэлиир сиринэн Хаҥалас улууһун Мохсоҕоллоох бөһүөлэгэ буолар.
От ыйын 17 күнүгэр Мохсоҕоллооххо Омуктар дьыалаларыгар Федеральнай ааҕыныстыба Киин Азия эрэгийиэннэриттэн кэлэр миграннарга сырдатар куурус чэрчитинэн кэккэ тэрээһиннэр торумнаммыттара. Ол курдук, “Мигрант чааһа” (“Час мигранта”) диэн биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы бырайыакка миграннары регистрациялааһын ирдэбиллэрин, быстах кэмҥэ олоруу болдьоҕун кэһии иһин эппиэтинэс улаханын, патены уонна үлэ дуогабарын толоруу ирдэбиллэрин, террористическай кутталы сэрэтии, террористическай дьайыылары бохсуу туһунан боппуруостары быһаардылар. Маны таһынан, миграннарга сырдатыы кэмигэр нуучча тылын Арассыыйа норуоттарын кэпсэтэр тыллара буоларынан үөрэтэр наадатын сүбэлээтилэр. Бу үлэни ыытар оробуочай бөлөҕү кытта Мохсоҕоллоох баһылыга Александр Пермяковы кытта көрсүһүү буолла. Онно Мохсоҕоллооххо ыытыллар араас тэрээһиннэргэ омук дьонун кытыннарарга дьүүллэстилэр.
Бу күн А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин иһинэн тэриллибит көһө сылдьар “Доҕордоһуу куолаһа” диэн араас омугу сомоҕолуур Арт-этэрээт айар үлэтин билиһиннэрдилэр. 2023 сыллаахха бу айар кэлэктиип өрөспүүбүлүкэ улуустарынан уонна Дьокуускай куоракка 10 көһө сылдьар тэрээһини ыыппыттар. Арт-этэрээт бырайыак салайааччыта Жанна Николаева салайыытынан дьаамсыктар сыдьааннарын «Бубенцы над Леной» ансаамбылын салайааччыта Ирина Стрекаловская, Сахая Нохсорова, Арина Суюндюкова, Татьяна Соросова-Балаганчик уонна Валерий Сергеев квартеттарын араас омук тылынан ыллыыр ырыалара миграннары олус сэргэхсиппиттэрэ, сүргэлэрин көтөхпүтэ.
“Мигрант чааһа” (“Час мигранта”) диэн тэрээһин чэрчитинэн култуура үлэһиттэрэ кыттыылаах узбектар общиналарыгар анаан туспа көрсүһүүнү эмиэ ыыппыттара. Онон национальнай общиналар миграннары кытта үлэни эмиэ өйүүллэр, араас тэрээһиннэри көҕүлүүллэр.
От ыйын 19 күнүгэр Дьокуускай куорат Соборнай мечетигэр Саха сиригэр олорор омук дьонугар анал сырдатыы үлэ ыытыллыбытыгар тыһыынчаттан тахса киһи кыттыыны ылбыта.
СӨ мусульманнарын духуобунай дьаһалтатын муфтийын солбуйааччыта уонна СӨ норуоттарын ыччаттарын ассамблеятын бэрэссэдээтэлэ Нурудин Нурудинов Киин Азия эрэгийиэннэриттэн үлэлии кэлэр миграннар Арассыыйа уопсастыбаннай олоҕор үөрэниилэригэр туох өйөбүл оҥоһулларын быһаарда. СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин исписэлииһэ Максим Саввин РФ сокуоннарын тутуһууга, СӨ уонна РФ култууратыгар уонна устуоруйатыгар убаастабылга болҕомтону уурда. Маны таһынан, кини СӨ ИДЬМ Саха сиригэр омук гражданнара адаптацияны ааһыыларыгар туһуламмыт бырайыактарын билиһиннэрдэ. А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ араас омук дьону сомоҕолуур үлэтин туһунан тэрилтэ сүрүн исписэлииһэ Василий Аргунов бэрт ылыннарыылаахтык уонна кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтэ. Мунньахха өссө СӨ ИДЬМ миграция боппуруостарыгар управлениетын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Бу тэрээһиҥҥэ Ил Дархан 220 №-дээх Ыйааҕын уонна да атын үлэ миграциятын тиэмэлэрин сырдаттылар. Сотору кэминэн маннык сырдатар үлэ Томпо, Алдан уонна Мииринэй оройуоннарыгар олорон үлэлиир миграннарга ыытыллара былааннанар.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…