Сырдыгынан сыдьаайан…

Share

Саха сирин  суруйааччылара саха тыла сайдыытыгар элбэх өрүттээх үлэни ыыталлар. Кинилэртэн биирдэстэрэ  СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ  Раиса Тимофеева-Михайлова—  Кэбээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ,  Хаҥалас улууһун Тиит Арыы дэриэбинэтигэр Михайловтар дьиэ кэргэннэригэр  бэһис  оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Кэргэннээх, түөрт оҕо  амарах ийэтэ. Раиса Николаевна  хоһоон, ырыа, алгыс, кэпсээн суруйар, хоһооннорун тылларыгар  бэйэтэ мелодия айар дэгиттэр талааннаах. Суруйар тиэмэтигэр  айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы, дойдуну таптааһын уус-ураннык чочуллан суруллар. Кини “Уран тыл оһуора”, «Айар Ситим”,  “Сырдык сыдьаайа” литературнай түмсүүлэр салайааччылара буолан, Саха сирин элбэх суруйар талааннаах дьонун  түмэн үлэлии олорор. Раиса Николаевна сахабыт тыла симэлийбэккэ   сайдарын туһугар үлэ арааһын ыытта. Уон алта кинигэ ааптара сүүстэн тахса  кыра кинигэни     бэчээттэттэ. “Тэтим” араадьыйаҕа төрдүс сылын уопсастыбаннай  кэрэспэдьиэнинэн үлэлээн, элбэх хоһоонньуту быһа эпииргэ таһаартарда. Улуустарынан сылдьан, элбэх литературнай түмсүүнү кытта көрүстэ, сүбэ-ама биэрэн, үлэтин кэпсээтэ. Оҕо дьиэлэригэр, уһуйааннарга, оскуолаҕа, тэрилтэлэргэ сылдьан,  “Оҕо сайдар кэскилэ”, ”Солнышко”, ”Кырачааннарга”  о.д.а дьэрэкээн ойуулаах кинигэлэри бэлэхтээтэ.

Раиса Николаевна 2018 сылтан  “Уран тыл оһуора” түмсүүнү салайан кэллэ. Айар куттаах, суруйар талааннаах  дьону-сэргэни  күн бүгүнүгэр диэри таһаарыылаахтык үлэлэтэ олорор. Отут икки бырайыагы оҥордо, онно олоҕуран кэрэ сирдэри көрөллөр,  айылҕаҕа  тахсаллар, мусуойдарга сылдьаллар, ону тэҥэ атын түмсүүлэри кэпсэтэн тэрээһиннэргэ кытыннарда. Раиса Николаевна төрдүс сылын үлэлии олорор айар куттаах хоһоон,  кэпсээн суруйар оҕолору түмэн, “Сырдык сыдьаайа” диэн литературнай түмсүүнү тэрийдэ.  Суруйар талааннаах оҕолор хоһооннорун, кэпсээннэрин хомуйан, ”Чугдаарар чуорааннар”,  “Сырдык сыдьаайа” икки кинигэни бэчээттэттэ. Отут тоҕус ырыа киирбит “Ыллаа саас”  диэн кинигэ ааптара Раиса Николаевна элбэх улууһунан сылдьан,  уон литературнай  түмсүүнү кытары көрсөн санаа атастаһан, үлэтин кэпсээн, кинигэ бэлэхтэһэн олус сэргэх көрсүһүүлэри тэрийдэ. Араадьыйаҕа 107.1 долгуҥҥа элбэх улуустан суруйааччылары, хоһоонньуттары кытары кэпсэтэн, быһа эпииргэ таһаартарда. Кинилэр бэйэлэрин айымньыларын билиһиннэрдилэр, хоһооннорун аахтылар.  Национальнай бибилэтиэкэҕэ элбэх  кинигэ бэлэхтэннэ. Уһуйааннарга, оскуолаларга, култуура дьиэлэригэр, бибилэтиэкэлэргэ, туһааннаах тэрилтэлэргэ аҕа баһылыктарыгар тиийэн, дьону хомуйан, икки төгүл айылҕаҕа баран, дьон ыспыт-тохпут сирдэрин ыраастаатылар. Ону тэҥэ,  Бэс күөлүгэр  баһаарга эмсэҕэлээбиттэргэ аһынан, таҥаһынан көмөлөспүттэрэ.

Раиса Николаевна салайыытынан тоҕус ааптар кыттыһан, Саха сириттэн байыаннай дьайыыга  сылдьар эр хоһууттарбытыгар анаан,  “Айыыларым арчылаан” диэн харысхал бэлиэлэрдээх сиэпкэ укта сылдьар кыра кинигэтэ хас да төгүл бэчээттэнэн тахсан турар. Бу кыра кинигэҕэ алгыстар, бэргэн этиилэр киирбиттэрэ. Хорсун санаа, тулуурдаах, дьулуурдаах буолууну көрдөрөр олус наадалаах кинигэ уолаттарбытыгар, кытаанах балаһыанньаҕа ылларбыт дьоммутугар көмүскэл буолар. Кинигэлэр улуустарынан тарҕаммыттар уонна Дьокуускай куоракка баар “Илии сылааһа”, ”Якутия с тобой”, ”Фонд Защитников Отечества” тэрилтэлэргэ  бэриллибит. Кинигэлэри   улуустартан эмиэ эрийэн көрдөһөллөр. Раиса Николаевна тэрилтэлэргэ сылдьан сылдьан көрсүһүүлэри оҥорор, маскировачнай сиэккэ өрөөһүнүгэр көмөлөһөр. Аһымал аахсыйаҕа кыттыһан,   бородуукта ылан туттартыыр.

Ити курдук,  Раиса Николаевна Тимофеева-Михайлова  Кыайыы туһугар бэйэтин үтүө санаатынан кыра кылаатын киллэрэн,  көмөлөһөн,  дьон-сэргэ махталын ылыан ылар. Үлэһит, үтүө санаалаах, амарах майгылаах  Раиса Николаевнанан киэн туттабыт. Тус  олоҕор дьолу, чэгиэн доруобуйаны, үлэтигэр ситиһиини  баҕарабыт.

                                    Галина БОРИСОВА-ТОЛБООНО

What’s your Reaction?
+1
25
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

24 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago