Сырдыгынан сыдьаайбыт ийэбит

Share

Матрена Вырдылина 1951 сыллаахха алтынньы 21 күнүгэр Таатта улууһун кэрэ айылҕалаах сиригэр, Тэйэр Хайа таһыгар, Кыыс Амма үрдүгэр Даайа Амматын сэлиэнньэтигэр Муухуннар дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Ньукуускалаах, Балаайа бастакы хараҥаччыларын Мотя диэн ааттаабыттара. Ийэтэ эдэр сааһыгар ыалдьан улахан кыыс түөрт бырааттарын, балтыларын кыра эрдэҕиттэн көрсүбүтэ. Аҕата булчут уонна сылгыһыт буолан дьиэ ыарахан үлэтин кыратыттан билбитэ. Ийэтэ айылҕаттан күн-дьыл билгэтин, ким ыалдьыттыы кэлиэхтээҕин эндэппэккэ билэрэ. Холкуос үлэтэ бүппэтэ. Уонугар диэри таһырдьа хараҥаҕа туохтан да куттаммакка сылдьара, оонньуура.

Гаврил Вырдылин тус архыыбын хаартыскалара

Арай биир киэһээ ийэтэ Балаайа араас кутталлаах түгэннэри, үһүйээннэри кэпсээбитэ. Элбэх остуоруйалары, олоххо буолбут түгэннэри сырдаппыта. Онтон ыла мээнэ хараҥаҕа сылдьыбат буолбута. Хараҕар ойуулаан көрөр ураты дьоҕурдаах оҕо этэ. Дьонун курдук үтүө санаалаах, аһыныгас буола улааппыта. Кыра кылааска Кыйыга, улахан кылаастарга Чөркөөх орто оскуолатын бүтэрбитэ. Дьокуускайга култуура училищетын бүтэрэн режиссер идэтин баһылаабыта. Дойдутугар Кыйыга 1974 с. дипломнай үлэтигэр Гаврил Колесов «Булчут сиэнэ» айымньыны туруорбута. Олохтоохтор бу испиктээктэн улаханнык астыммыттара. Ол дьыл Чөркөөх ыччатыгар Гаврил Вырдылиҥҥа кэргэн тахсыбыта. Эдэр ыал Чөркөөххө олохсуйбуттара. 1975-1994 сс. тоҕус оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Сэттэ уол икки кыыс. Дьон сиэринэн сүөһүлээх-астаах, элбэх оҕолоох ыал буолан бур-бур буруо таһааран олорбуттара.
Матрена Николаевна үлэтигэр олус бэриниилээҕэ. Чөркөөх норуодунай тыйаатырыгар режиссердаабыта. Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ кыайбыта. Оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо уопсайа 100-тэн тахса үлэни туруорбута. 2002 с. Владивосток куоракка Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» испиктээги туруоран «Кылаан Чыпчаалы» ылбыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна буолбута. 2005 с. «Кустук» оҕо драматическай тыйаатырын улууска арыйбыта, култуура управлениетыттан ыстаат ылан, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 2007 с. атырдьх ыйын 7 күнүгэр күн сириттэн эмискэ барбыта.

Аҕабыт кэргэнигэр анаан «Оҕоҕо анаммыт олох» диэн кинигэ суруйбута. Кинигэҕэ элбэх киһи ахтыыта киирбитэ. Ол сыл үөрэхпин бүтэрэн кэлбитим. «Кустук» оҕо тыйаатырын салгыы үлэлэппитим. Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев оҕо сааһын туһунан «Хотугу Хотой оҕо сааһа» испиктээк сценарийын аҕабыт Гаврил Вырдылин суруйан бүтэрбитэ. Дьокуускайынан, Бүлүү бөлөҕүнэн, Илин эҥэринэн көрдөрбүппүт. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабыпыт. Тэттик киинэлэри, «ералаштары» устубуппут. Таһаарыылаах үлэ түмүгүнэн «Образцовай» ааты көмүскээбиппит. Араас элбэх испиктээги, тэрээһиннэри тэрийэрбит.

2015 сылтан Матрена Николаевна кэриэһигэр драматическай бэстибээл тэриллэн ыытыллар. Бастаан илин эҥэр улуустарга, онтон өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар тэрээһин буола улаатта. Сылтан сыл географиябыт кэҥээн, кыттааччы үксээн иһэр. Тыйаатыры 2014 с. Татьяна Ивановна Захарова салайар. Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттар.
Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи тыйаатыр бэстибээлин ахсыс төгүлүн ыыттыбыт. Матрена Николаевна бастакы испиктээги туруорбут кэмиттэн үйэ аҥаара ааспытынан киэҥ далааһыннаах тэрээһин тэрилиннэ. Барыта 6 улуустан 19 кэлэктиип, 230 оҕо кыттыыны ылла. Араас дьикти үчүгэй үлэлэри көрдөрдүлэр. Билиҥҥи режиссердар, оҕолор таһымнара лаппа үрдээбит. Тыйаатыр араас албастарын туттаннар, оҕолор оонньууларын чочуйаннар, киһини долгутар айымньылары көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн, Матрена Николаевна үөрэнээччитэ, Саха тыйаатырын артыыһа, режиссер, продюсер Роман Дорофеев, чилиэннэринэн дьүөгэтэ Евдокия Избекова, «Юные якутяне» исписэлииһэ Петр Сивцев, Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта норуодунай тыйаатырын режиссера Валентина Бурнашева, кыыһа, Ил Түмэн референа Анна Павлова үлэлээтилэр.

Түмүккэ:

Анал бириис Чөркөөх орто оскуолатын бөлөҕө;
«Бастыҥ көстүүм» «Феникс+» бөлөх (Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас);
«Бастыҥ салайааччы» Мария Стручкова (Кэскил с., Томпо улууһа);
«Кэскиллээх бөлөх» Харбалаахтааҕы уопсай үөрэхтээһин холбоһугун 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ;
«Бастыҥ кыыс оҕо оруола» Полина Мошкова «Овация» театр студия (Хаандыга с., Томпо улууһа);
«Бастыҥ уол оҕо оруола» Коля Яковлев «Айар-кут» (Төхтүр с., Мэҥэ Хаҥалас);
3 үктэл «Сүүрээн» Чычымах с., Таатта улууһа;
2 үктэл «Төлөн» Бөтүҥ с., Амма улууһа;
1 үктэл «Овация» Хаандыга с., Томпо улууһа;
3 үрдэл Томтор с., Өймөкөөн улууһа;
2 үрдэл «Айар кут» Төхтүр с., Мэҥэ Хаҥалас улууһа;
1 үрдэл «Росток» Кэскил с., Томпо улууһа;
«Көрөөччү биһирэбилэ» «Феникс» бөлөх (Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас);
Кылаан Чыпчаал «Дебют» Дьиикимдэ с., Горнай улууһа.
Бириис туруорбут аҕабытыгар, бииргэ төрөөбүттэрбэр, аймахтарбар, Таатта улууһун, Чөркөөх, Тыараһа дьаһалталарыгар, И.А. Аргунов аатынан киин бибилэтиэкэҕэ, улуустааҕы үөрэх салаатыгар, улуустааҕы ыччат салаатыгар, «Кустук» оҕо тыйаатырын араас сылларга дьарыктаммыт оҕолорго, ийэбит кылааһынньыктарыгар истиҥник махтанабыт. Матрена Николаевна сырдыгынан сыдьаайар санаата билигин да сандаара сылдьара барыбытын үөрдэр. Арассыыйа үрдүнэн оҕолору тыйаатыр кэрэ эйгэтигэр үөрэтии бырагыраама быһыытынан киириитэ ийэбит баҕа санаата этэ. Тыйаатыр абылаҥнаах эйгэтигэр оҕолору, төрөппүттэри умсугуйаргытыгар ыҥырабыт. Ханнык да эйгэҕэ үлэлииргэ тыйаатырга дьарыктаммыккыт туһалыаҕа. Дьон иннигэр санааҕытын сайа этэргэ үөрэтиэҕэ.

Гаврил Вырдылин тус архыыбын хаартыскалара

Гаврил Вырдылин, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта 

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” пуорумҥа эдэр чинчийээччилэр 250-тан тахса дакылааты киллэрдилэр

Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Зеленскэйдээх кэпсэтиигэ хайдах тиийэллэрин туруорсаллар

Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.  

45 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Кыһыҥҥы билгэ

Кыһыҥҥы күн-дьыл билгэтин төһө билэҕитий? Ый туруору буоллаҕына, хайдах күн-дьыл үүнэр дииллэрий? Саҥа үүнэр ый…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ф.Охлопков аатынан турнир призеругар снайпер бинтиэпкэтин туттардылар

Сэбиэскэй сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр ыытыллар ытыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир призеругар, байыаннай дьайыыга сылдьар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Үйэлээх үгэһи утумнуур оҕолору өйөөтүлэр

«Оһуохайдаан ойуохха – эһиэкэйдээн тэйиэххэ!» диэн оҕо күрэһин түмүгүн таһаардылар. Күрэс 2 түһүмэҕэр 15 улуустан,…

2 часа ago