Салгыы
Сырдык, күндү мөссүөнэ мэлдьи тыыннаах…

Сырдык, күндү мөссүөнэ мэлдьи тыыннаах…

08.09.2024, 19:00
Бөлөххө киир:

2024 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр биһиги улахан дьиэ кэргэн дириҥник ытыктыыр, истиҥник саныыр, тапталлаах күндү уолбут, бырааппыт, убайбыт, улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, РФ уонна ДНР Дьоруойдара Дмитрий Николаевич Егоров-Сунтаар бу орто дойдуттан букатыннаахтык барбыта биир сылын туолар.

Хаартыска: О.Софронеева тиксэриитэ.

Дмитрий 1975 сыл тохсунньу 27 күнүгэр Сунтаар улууһун Тойбохой сэлиэнньэтигэр биһиги дьиэ кэргэҥҥэ иккис уол оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Егорова (Гуляева) Евдокия Дмитриевна Ньурба Маалыкайыгар төрөөн-үөскээн, улаатан, орто оскуоланы уонна үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран, Сунтаары иккис дойду оҥостубута.

Биһиги, ийэлээх аҕата, бэйэбит кыра эрдэхпититтэн холкуос, сопхуос, оскуола үлэтигэр эриллэн улааппыт уонна олохпутугар үлэни өрө туппут буоламмыт, оҕолорбутун, ол иһигэр Диманы эмиэ, тыа сирин үлэтин сатыыр, таптыыр буолалларын курдук ииппиппит. Ол иһин Дима оскуола сааһыттан ынаҕы сатаан ыыр, көрөр-харайар, сүөһүгэ, сылгыга сыстаҕас буола улааппыта. Үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан матасыыкылы, легковой, грузовой массыыналары, тыраахтары сатаан ыытар, алдьаннахтарына, өрөмүөннүүр буолбута. Миигин кытта хас саас аайы оттук мастарын бэлэмниирэ. Үүнэн турар маһы сатаан охторор, эрбиир буолбута. Ону таһынан бэрэбинэни сатаан таҥастыыр буола үөрэммитэ. Ол түмүгэр, дьиэтигэр ампаар дьиэни  убайынаан бэйэлэрэ туппуттара. Кирпииччэ үктүүргэ, ханнык баҕарар оһоҕу тутарга үөрэммитэ.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, хас сайын аайы ыанньык пиэрмэтин үлэ, сынньалаҥ лааҕырыгар сылдьара. Былааны мэлдьи аһара толорорун иһин, сопхуос дирекцията харчынан уонна сыаналаах бэлэхтэринэн наҕарадалыыра. Онтуттан аһара үөрэрэ. Хамнаһын уонна бириэмийэтин мунньан, «Иж-4» матасыыкылы атыыласпыта. Оскуоланы бүтэрэригэр «Тракторист-машинист третьего класса» диэн идэлээх бүтэрбитэ.

Оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн баран «Тойбохой» сопхуос Арыылаахтааҕы отделениетыгар биир сыл ыанньыксыттаабыта. Бастыҥ үлэтин иһин, сүөһүнэн наҕараадаламмыта. Ол кэнниттэн 23 №-дээх Сунтаардааҕы ПТУ-га киирэн, биир сыл үөрэнэн, В, С категориялаах суоппар уонна «Сварщик электродуговой сварки третьего разряда» диэн идэлэри баһылаабыта.

Уон аҕыс сааһын туолан, Чита уобалаһыгар Борзя куорат аттыгар танковай чааска сулууспалаабыта. Үчүгэй сулууспатын иһин чааһын хамандыырыттан төрөппүттэригэр Хайҕал сурук кэлбитэ. Ол курдук, икки сыл сулууспалаан баран, дойдутугар кэлэн, АЛРОСА АК Мииринэйдээҕи ГОК-гар араас үлэлэргэ оробуочайынан, сыбаарсыгынан үлэлээбитэ. 2009 сыллаахха Уһун Күөлгэ төннөн кэлэн, олохтоох ОДьКХ хочуолунайыгар оператордаабыта.

Үлэтин быыһыгар төрөппүттэригэр сүөһү көрүүтүгэр, сайынын окко көмөлөспүтэ. Ол курдук, олохтоох ОДьКХ ликвидацияҕа барбытыгар бэйэ дьарыгын тэринэн, тутуу маһын бэлэмнээн, таҥастаан, нэһилиэнньэҕэ тутуу маһын, матырыйаалын атыылыырынан дьарыктаммыта. ОДьКХ-ҕа үлэлии сылдьан, үчүгэй үлэтин иһин биэс төгүл ОДьКХ министиэристибэтин грамотатынан наҕараадаламмыта.

Бэйэ дьыалатынан дьарыгыра сылдьан, хас кыһын аайы биэс сүүсчэкэ бэрэбинэни киллэрэн, таҥастаан, Хочо нэһилиэктэригэр батарара.

2011 сылга Дима Сунтаарга киирэ сылдьан, тапталын, олоҕун аргыһын көрсөн, Надежда Алексеевналыын ыал буолбуттара. Оттон 2012 сылга бастакы, ол кэнниттэн 2015 сыллаахха иккис уол оҕону күн сирин көрдөрөн, элбэх оҕолоох ыал аҕа баһылыга, тапталлаах кэргэн буолбута. Биһиги, төрөппүттэрэ, онтон олус үөрбүппүт.

Ол курдук, олус үчүгэйдик үлэлии-хамсыы, ыал тапталлаах аҕата буолла сырыттаҕына, 2022 сыл сааһыгар анал байыаннай дьайыы саҕаламмыта. Ол сыл балаҕан ыйыгар тылланан  бара сатаабытын «түөрт оҕолоох ыал аҕатын ылбаппыт» диэн байыҥкамааттар аккаастаан кэбиспиттэрэ.

Ол да буоллар, Димабыт: «Син биир барыам. Онно үксүлэрэ тугу да сатаабат эдэр уолаттар, оннооҕор ойохторо да, оҕолоро да суох эдэркээн уолаттарбыт бардылар. Оттон миэхэ миигин солбуйар, ааппын ааттатар икки уоллаахпын. Онон куттанымаҥ, Егоровтары салгыыр уолаттар бааллар. Өскөтүн суох да буолар түбэлтэбэр, элбэх фашиһы анныбар баттаан баран, анараа дойдуга барыам. Уонна миигинэн киэн туттуоххут, ыттыы өлөн хаалыам суоҕа», —  диэбитэ.

Билигин Дмитрий Николаевич үтүө-мааны сырдык аатын үйэтитии үлэлэрэ бара тураллар. Ол курдук, Дьокуускай куорат 23 №-дээх оскуолатыгар, Бүлүү, Ньурба, Сунтаар сорох оскуолаларыгар барыта 3000 кэриҥэ үөрэнээччини, учууталы, иитээччини хабан, «Уроки мужество и патриотизма» ыытылынна. Кэтэ сылдьыбыт шлема, бронежилета, таҥаһа, РФ бэрэсидьиэнин грамотата, «Кыһыл Сулус» мэтээлин мумията Дьокуускайга «Моя история – Россия» музейнай комплекска туттарыллыбыта. Үөрэммит оскуолатыгар, Уһун Күөлгэ «Дьоруой паартата» уонна истиэндэтэ оҥоһуллубута. Дьокуускайга «Клятва на верность, своих не бросаем» диэн «Сунтаарга уонна Рожиҥҥа аналлаах пааматынньык композицията бэлэмнэнэ сылдьар.

Маны таһынан, Владивостокка сулууспалаабыт ТОФ 155 гвардейскай биригээдэтин территориятыгар Дьоруойдар аллеяларыгар боруонса бүүһэ туруоҕа. Бүгүҥҥү туругунан, Дмитрий Егоров-Сунтаар туһунан биэс кинигэ таҕыста. Билигин да үөрэтэ, бэлэмнии сылдьаллар. Маны таһынан 92Н6А №МЕ2118ПС байыаннай тиэхиньикэҕэ «Дмитрий Егоров» диэн аат иҥэрилиннэ.

Дмитрий кыра эрдэҕиттэн дьиҥ сахалыы тыыннаах, олус аймаҕымсах, доҕотторугар аһара бэриниилээх, эппит тылыгар мэлдьи турар, эрэннэрбитин толорор дьиҥнээх табаарыс, доҕор, атас этэ. Кини дьоҥҥо үтүө санаата, аймахтарыгар, кыамматтарга, кырдьаҕастарга көмөлөспүтэ үйэлэргэ үтүө тылынан ахтылла туруоҕа. Оҥорбут хорсун быһыыта үйэттэн үйэҕэ кэнчээри ыччакка бэриллэ туруоҕа. Сырдык мөссүөнэ биһиги сүрэхпитигэр-быарбытыгар, өйбүтүгэр мэлдьи тыынаах буолуоҕа, үтүө-мааны тынан ахта-саныы, махтана, өрүү өйдүү-саныы сылдьыахпыт…

Уһун Күөлтэн айбыт аҕата Н.А.Егоров, Дьокуускайтан кэргэнэ, оҕолоро, Бүлүүттэн Софронеевтар, Поповтар, Рожиннар, Поповтар, Дьокуускайтан Егоровтар, Дьяконовтар, Николаевтар, Тиксииттэн Ивановтар.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
5
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 64% Скорость ветра: 7 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: