Салгыы
Сырдык мичээринэн сыдьаайар Айыына Пудова уонна «Мисс Россия-2024»

Сырдык мичээринэн сыдьаайар Айыына Пудова уонна «Мисс Россия-2024»

11.10.2024, 15:36
Хаартыска: Денис Попов
Бөлөххө киир:

Алтынньы 5 күнүгэр Москва куоракка ыытыллыбыт “Мисс Россия-2024” куонкуруска Саха сириттэн кыттыбыт Айыына Пудова национальнай көстүүмнэр куонкурустарыгар кыайыылаах таҕыста.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Медиа-кииҥҥэ  буолбут кэмпириэнсийэҕэ “Мисс Арассыыйа-2024” куонкурус кыттааччыта Айыына Пудова уонна  «Yakutianbeauty» өрөспүүбүлүкэтээҕи сообщество  PR отделын салайааччыта Прасковья Дьячковская, дизайнер Сүбэ Чэлгиийэ кытыннылар.

«Мисс Россия» — Арассыыйа Федерациятын Култуураҕа министиэристибэтин өйөбүлүнэн ыытыллар дойдуга биир улахан бырайыак.

Айыына Пудова   18 сааһыгар Москваҕа баран моделынан үлэлээбит уонна «Мисс студенчество России — 2022», «І Вице Мисс Якутия» куонкурустарга  кыттыбыт үөрүйэхтэрэ   улаханнык көмөлөстүлэр.   Прасковья Дьячковская астына бэлиэтээбитинэн, Куйаар ситиминэн куоластааһыҥҥа  саха кыыһа  маннык элбэх арыттаах куолаһы ылыыта (бастакы миэстэҕэ —  7119, иккискэ 5782 куолас) —  Арассыыйаҕа ыытыллыбыт куонкурустар устуоруйаларыгар бастакы көстүү.

Прасковья Дьячковская М.К.Аммосов аатынан ХИФУ психологияҕа  институтутун устудьуонката Айыына  Саха сириттэн кэрэ буолуу куонкурустарыгар кыттыбыт кыргыттартан саамай уһуннара (179 см) буоларын бэлиэтээтэ.

Айыына куонкуруска кыттыан иннинэ уонна  куонкурус кэмигэр да тахсыбыт араас мүччүргэннээх түгэннэр тустарынан аһаҕастык кэпсээтэ.

Холобур, онлайн-куоластааһыҥҥа анаан түспүт хаартыскаларын тэрийээччилэр билиммэккэлэр, хаттаан түһэргэ күһэллибит, олус ыарахан үлэни көрсүбүт. 10-15 мүнүүтэлээх эрэ хос устууга кыттааччылар төһөлөөх өр күүппүттэрин  туһунан сэһэргээтэ. Ол гынан баран, хас да түһүмэхтэн турбут бэлэмнэнии үлэтин кэтээн көрөр интэриэһинэйин уонна бу кэмҥэ бэйэ-бэйэҕэ өйөбүл, көмөлөсүһүү баарын, бүтүн хамаанданан үлэ диэн тугун билбиттэрин  туһунан эттэ.

«Маннык күннэргэ, чуолаан куонкурус айар түһүмэҕин, национальнай көстүүм куонкуруһун, аһымал бырайыактар икки ардыларыгар дойдуҥ дьонун уонна билэр дьонуҥ өйөбүллэрэ тугунан да сыаналаммат күндү буолар.

Уопсайынан, барыта олус үчүгэйдик толкуйдаммыт. Кыттааччыларга кыһамньылаахтык сыһыаннаһаллар. Куонкуруска кыттыбыт хас биирдии кыыс бэйэтэ ураты кэрэлээх уонна талааннаах. Бары бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн-өйөһөн кытынныбыт. Куонкурус да кэнниттэн мин билигин дойдуга элбэх дьүөгэлэммиппиттэн олус үөрэбин. Саха сирин, төрүт култууратын,  омугум хатыламмат көстүүмүн көрдөрбүппүттэн долгуйдум.  Мин кэтэ сылдьыбыт көстүүммүн уонна уһун сотолоох сахалыы саппыкыбын (ботфорт)  илиилэринэн тутан-хабан көрөн астыннылар, төрүт үгэһи уонна аныгы истиили дьүөрэлээн тикпиттэрин сөхтүлэр-махтайдылар”, — диэн куонкурус үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын бэлиэтээтэ.

«Хотой» хампаанньа дизайнера Сүбэ Чэлгиийэ Хаарчаана уобараһыттан саҕыллан толкуйдаммыт көстүүм  туһунан уонна үгүс дизайнер кэрэхсиир уонна тигэр көстүүмүттэн чуолаан киниэнэ улахан куонкуруска биһирэбили ылбытыттан долгуйбутун туһунан кэпсээтэ.

Айыына урут да Сүбэ Чэлгиийэттэн көстүүмнэри уларсара. Ол эрээри, бу сырыыга кыыс куонкуруска кыттарга уларсарын эппэтэх. Онон Сүбэ Чэлгиийэ кини үлэтэ  “Мисс Россия” куонкуруска  кыттыбытын уонна номинацияҕа тиксибитин истэн баран,  үөрүүтэ муҥура суох буолбут.

Кыра  эрдэҕиттэн учуутал буолуон баҕарбыт Айыына  талан ылбыт идэтин хайыы үйэ саҕалаабыт диэн этиэххэ сөп. Үөрэнэр кэмигэр девиантнай майгылаах оҕолорго көмөлөһөр соруктаах аһымал бырайыагы толкуйдаабыт. Бу бырайыага инникитин олоххо киэҥник киллэриллэн, туһаныллыан баҕарар. Психолог-педагог идэтин толору баһылыыр санаалаах кыыс психология билимин кэрэхсиир, “олохпор туһалыаҕа” диэн инники олоҕун торумнуур.

“ “Перезагрузка” диэн ааттаах бырайыакпынан оскуолаҕа оҕолорго анал көмөнү оҥоробут. Бу оҕолор инникитин бэйэлэрин арыйалларыгар, майгылалын туттуналларыгар, бэйэлэрин хонтуруолланалларыгар, айар дьоҕурдарын сайыннаралларыгар баҕарабын. Бырайыак олоххо киллэриллэригэр  элбэх үп-харчы ирдэниллибэт, Сүрүнэ —  үөрэх тэрилтэлэригэр биир кэбиниэти биэрдэллэр, үлэ тахсар кыахтаах, — диэн биир эмэ оскуола өйүүрүгэр баҕа санаатын тириэртэ.

Хаҥалас улууһуттан төрдүлээх Айыына Пудова бэйэтигэр эрэллээҕэ, куруук  сырдык мичээринэн сыдьаайа сылдьара, ыйытыыларга төрөөбүт тылынан аһаҕастык хоруйдуура  истээччини, көрөөччүнү сэҥээрдэр. Бэйэтэ: “Хаһан баҕарар, ханна баҕарар эн мичээринэн сыдьаайа, үөрэ-көтө сырыттаххына чэпчэки буолар уонна ситиһии да сиэттиһэр” – диэн этиитин кини олоҕор тутуһар тускулун курдук сыаналыахха сөп.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
2 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 78% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: