Соторутааҕыта «Тэтим» араадьыйаҕа суруналыыс Туйаара Андреева сарсыардааҥҥы ыалдьытыгар олус туһалаах үлэни ыыта сылдьар киһини — наркоманияны утары реабилитация үлэтин уонна хаайыыттан босхоломмут дьону кытта үлэлэһэр “Алмаз” кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ салайааччыта Серафим Ивановы кытта кэпсэтиитин истибитим.
Онтон бу «тиэмэни салҕаатахха табыллар» диэн санаанан салайтаран, Серафим Иванову булан, кини үлэлиир тэрилтэтигэр тиийэн, олохторун саҥалыы тыынныырга толкуйдаммыт дьону кытта көрсөн кэпсэтэргэ санаммытым.
Серафим Иванов бэрт дуоспуруннаах, тыла ыйааһыннаах эдэр киһи, төһө да уустуктар баалларын үрдүнэн, аҕыс сыл устата ылсыбытын ыһыктыбакка, олох дьэбэрэтиттэн тахсарга санаммыт дьоҥҥо тус бэйэтинэн усулуобуйа тэрийэн үлэлии сылдьар. Кини бэйэтин үлэлиир киинин бүгүҥҥү олоҕун-дьаһаҕын кытта маннык билиһиннэрдэ.
Киин икки мэдиэмэннээх дьиэ. Манна эмтэнэн кэлбит дьон олорон социальнай реабилитацияны ааһаллар. Ким куоракка үлэлиир, ким дьиэ таһынааҕы үлэнэн дьарыктанар.
Бастакы этээскэ — киэҥ-куоҥ куукуна, иккис мэндиэмэҥҥэ утуйар хосторо. «Саастаахтар», «эдэрдэр» диэн хайдыһан тус-туспа олороллор. Манна тренажер, пианино, бибилэтиэкэ баар.
Граннарга араас тэриллэри ылаллар эбит. Дьиэлэрин миэбэлин бэйэлэрэ оҥороллор.
Биһиги сылдьар кэммитигэр, хата, уолаттар кыра наадаларын толуйаары, столярканы үлэлэтэн ылбыттарын устан ыллым.
Үлэһиттэр хосторугар кииҥҥэ олорор дьону кытта анаан кэпсэттим. Биллэн турар, бэйэлэриттэн көҥүлү ыллым. Онно «биһигини ким да манна күһэйэн аҕалбатаҕа. Олох дьэбэрэтиттэн тахсар кытаанах санааны ылынан кэлбит дьоммут. Табахпытын кытта бырахтыбыт. Онон муна-тэнэ сылдьар дьоҥҥо «ыраата иликкитинэ көнөр суолга турунуҥ» диэн сүбэлээри сөбүлэһэбит» диэбиттэрэ.
Кииҥҥэ араас омук дьоно кэлэллэр эбит. Ким да кинилэргэ аккаастаабат. Омугуттан тутулуга суох биир халлаан анныгар олорор, биир салгынынан тыынар дьон буоллахпыт. Барахсаттар араас кэмҥэ олох уустук кэмигэр түбэспит дьон, олохторун саҥалыы олорорго толкуйдаммыттара — кытаанах санаа.
Кииҥҥэ араас дьылҕалаах дьон кэлэллэр. Дьиктитэ баара, үгүстэрэ кыахтаахтык олорон, ыал буолан, оҕолонон баран, олохторо огдолуйбут. Ол да иһин буолуо, олох үчүгэй амтанын билбит дьон «бу хайдах буолан хааллым, тохтуохха эрэ!» диэн санааҕа кэлбиттэр. Серафим Серафимович бэйэтэ эмиэ бу кииҥҥэ олорор дьон олохторун ааспыт буолан, үлэһиттэринэн эмиэ реабилитацияны ааспыт дьону ылар эбит. Онон бэйэ-бэйэни өйдөһүү — судургу.
Юрий Юрьевич бу кииҥҥэ төрдүс сылын үлэлиир. «Дьонун ааҕа билэр, түргэнник уопсай тылы булар буолан, үлэтигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар», диэн бэлиэтиир Серафим Серафимович. Кииҥҥэ социальнай үлэһиттэрин убаастаан «Юрьич» диэн ыҥыраллар.
Геннадий, сүүрбэттэн тахса сыл хаайыыга сылдьыбыт киһи, бу киин туһунан билэр уола кини арыгылыы сырыттаҕына эппитин болҕомтоҕо ылбыт. «Олоҕум хайдах салалларынан бардын…» дии сылдьыбыт кэмэ эбит…
Бастаан утаа бу кииҥҥэ кэлэрбэр олохтон сылайбыт, иһэн-аһаан эрэйэдэнэ сылдьыбыт дьону көрүөм дии санаабытым. Арай олох атын дьон киирэн кэллилэр. Билбэт киһи олохторугар ситиһиилээх ыаллар аҕалара олороллор дии саныах курдук…
Мичили кытта кэпсэтэ олорон, суорумньуһуттар бу маннык дьоҥҥо болҕомтолорун хатаан, саҥалыы олоххо тардыһар орто саастаах эр бэртэригэр көмөлөһүөхтэрин, өйүөхтэрин сөп эбит дии санаан, кэпсэтиибитин бу тиэмэҕэ туһаайдым.
Онон, суорумньуһуттар, Мичил бу этиитин болҕомтоҕо ыларгыт буоллар.
Дьэ, ити курдук, олус туһалаах дьыаланан дьарыктана сылдьар Серафим Иванов. Дьиҥэр араас ыарахаттар олус элбэхтэр эбит. Бу олорор дьиэлэрин атыылаһан ылыахтаахтар эбит да, үптэрэ тиийбэт буолан, иэскэ сылдьаллар эбит. «Араас социальнай хайысхалаах тэрилтэлэр, министиэристибэлэр көмөлөһөн, өйөөн бу аҕыс сыл тухары тигинэччи үлэлээн кэллим» диэн кэпсиир Серафим Серафимович. Биллэн турар, бу киин үлэтин кытта билсибит киһини «ким эрэ олох кыахтаах меценат илиитин утары уунан, бу иэстэрин төлөһөн көмөлөһөрө буоллар…» санаа үүйэ-хаайа тутар. Олус наадалаах реабилитациялыыр киин аны Кэбээйи улууһугар коммуналааҕын бэлиэтээн ылыым. Манна ыанньык ынахтардаах хотоннордоохтор. Онон эмтэнэн кэлбит дьону тыаҕа таһааран, Ийэ айылҕаны кытта алтыһыннаран дууһаларын «эмтииллэр», куттарын бөҕөргөтөллөр эбит. Онтон ол дьон бу кииҥҥэ кэлэллэр. Ити курдук, бу аҕыс сыл устата сүүһүнэн киһи дьэбэрэ уонна сырдык олох икки ардыгар өйөбүл «далаһанан» буолар киин иһинэн ааспыт. Кинилэр билигин олохторун иккистээн оҥостон, толору дьолу билэ сылдьаллар.
(Бу саайтка тахсыбыт матырыйаалы сиһилии «Саха сирэ» хаһыат бэҕэһээҥҥи чэппиэрдээҕи нүөмэригэр булан ааҕыҥ).
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…
"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…
Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…
Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…
“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…
Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…