Сүрэҕи МРТ көмөтүнэн чинчийиини киэҥник туһанар санаалаахтар
Мэдиссиинэ национальнай киинигэр “Сүрэх-тымыр ыарыыларыгар сардаҥа диагностикатын уонна хирургиянан эмтээһин дьоһун суолталаах боппуруостара” научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэ буолла.
Мэдиссиинэ национальнай киинин 30 сыллаах үбүлүөйүн көрсө ыытыллыбыт тэрээһин кыттыылаахтарын Киин генеральнай дириэктэрэ Станислав Николаевич Жирков эҕэрдэлээтэ. Кини кардиология уонна кардиохирургия сулууспатыгар дьоһун суолталаах боппуруостарга тохтоото.
Байыаннай-мэдиссиинискэй академияттан ыҥырыллан кэлбит, рентгенология уонна радиология кафедратын доцена Сергей Дмитриевич Рудь миокардиты уонна сүрэх ишемическэй ыарыытын быһаарарга сүрэххэ МРТ туһаныыга дириҥ ис хоһоонноох лиэксийэни оҥордо.
Мэдиссиинэ национальнай киинин исписэлиистэрэ сүрэҕи МРТ көмөтүнэн чинчийии уустук ньыматын киэҥник туһанар санаалаахтар.
Сүрэх-тымыр киинигэр сүрэх тымырдарыгар 5-10 кыра инвазивнай үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэр күн аайы оҥоһуллаллар.
Кэмпэриэнсийэҕэ барыта 60-тан тахса быраас кытынна. Кинилэр элбэх саҥаны уонна интэриэһинэйи биллилэр. Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэлэр сытыы боппуруостары маннык киэҥ дьүүллэһиилээх уонна мультидисциплинарнай көрүҥүнэн өссө да ыытылла туралларыгар баҕардылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: