Сэтинньи 26 күнүгэр Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх Оҕо муусукатын, ускуустубатын оскуолатын кэнсиэртиир саалатыгар Иннокентий Романов айымньылаах олоҕор анаммыт ахтыы киэһэтэ буолан ааста.
Иннокентий Иннокентьевич сахалартан биир бастакы үрдүк, идэтийбит үөрэхтээх баянист, аатырбыт Новосибирскай консерватория выпускнига, саха норуотун музыкальнай култууратыгар өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээбит, талааннаах баянист, аккомпаниатор, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ буолар.
Кини олоҕун бүтүннүү саха ырыата-муусуката үрдүк чыпчаалга тахсарыгар, сайдарыгар анаабыта. Ол курдук «Күөрэгэйдиин көрсүһүү», «Кыыс Амма», «Хатыҥчааным барахсан» диэн Валерий Ноев мелодияларыгар уонна «Күрүлэс күргүөм күннэргэ» диэн композитор Марк Жирков муусукатыгар олоҕуран, баянистарга анаан тупсаран оҥорбут айымньылара күн бүгүҥҥэ дылы эдэр баянистар кэнсиэртиир репертуардарыттан түспэттэр, кинилэр бырагыраамаларын сүрүн киэргэллэрэ буолаллар.
Иннокентий Романов талааннаах мусукаан эрэ буолбакка, кыһамньылаах үөрэтээччи, уһуйааччы, педагог быьыытынан дьоҥҥо биллэр, кини үөрэнээччилэрэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар култуура, муусука эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Кини Саха сиригэр тарбахха баттанар биир бастыҥ доҕуһуолдьут, баянист-аккомпаниатор этэ. Өр сылларга Опера уонна балет тыйаатырын солистарыгар, СӨ үтүөлээх артыыската Раиса Захароваҕа уонна чуолаан ис сүрэҕиттэн олус табыллан айымньылаахтык үлэлээбит сөбүлүүр кэлэктиибигэр «Сайсары» ырыа ансаамбылыгар доҕуһуоллаабыта.
Бу буолан ааспыт Ахтыы амарах киэһэтигэр кэнсиэртиир саала тобус-толору Иннокентий Романов ыраахтан-чугастан кэлбит аймах-билэ дьонунан, бииргэ алтыһан улааппыт доҕотторунан, тэҥҥэ муусука кэрэ эйгэтигэр үлэлээбит -хамсаабыт кэллиэгэлэринэн, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх ырыаһыттарынан, үөрэнээччилэринэн, кини үрдүк талааныгар сүгүрүйээччилэринэн толору туолан көрүстэ.
Музыкальнай оскуола сырдык саалатыгар мустубут дьон үрдүк таһымнаах кэнсиэри дуоһуйа көрөн, Иннокентий Иннокентьевич олоҕун кэрчиктэригэр анаммыт презентацияны кытта билсиһэн, күндү киһилэрин ис сүрэхтэриттэн санаан-ахтан, тыл үтүөтүн анаан бу тэрээһини өрө күүрүүлээхтик атаардылар. Ахтыы киэһэтин музыковед, саха национальнай оркестрын мусукаана Валентина Колесова иилээн-саҕалаан ыытта.
Манна Опера уонна балет тыйаатырын солистара, СӨ норуодунай артыыһа Александр Емельянов, РФ үтүөлээх артыыската Анна Дьячковская, концертмейстер баянист Раиса Крылова, Коррекционнай интэринээт-оскуола учуутала Эдуард Колодезников, «Сайсары» ырыа ансаамбыла кыттыыны ыллылар. Сахалыы мелодияларга олоҕуран, баяҥҥа анаан суруйбут Иннокентий Романов концертнай обработкаларын идэтийбит баянист-виртуозтар Владимир Боярскай, Михаил Погодаев, Виктор Винокуров – Дабайаан чаҕылхайдык толордулар. Оҕо Муусукатын, ускуустубатын оскуолатын дириэктэрэ Ирина Кобзева, чуолаан Иннокентий Романов бу Саха сирин бастакы муусукаҕа оскуолатын биир бастыҥ выпускнига буоларын бэлиэтээтэ, Оскуолаларын устуоруйатын кэпсиир истиэндэлэригэр кини сырдык мэтириэтэ баарын киэн тутта кэпсээтэ. Кэнсиэри тэрийээччилэр “Саха” НКИК звукозапиһын салаатын салайааччытыгар Александра Поповаҕа, видеооператор Василий Посельскайга махталларын тиэртилэр.
Иннокентий Иннокентьевич сүүрбэ сылы быһа айымньылаахтык үлэлээбитин туоһута, кини саха ырыаларыгар олоҕуран баяҥҥа оҥорбут обработкалара икки нотнай хомуруунньуктара, көрөөччүлэр сүрүн болҕомтолорун тартылар. Ол курдук бу обработкалар билиҥҥи кэмҥэ хас биирдии тахсан эрэр талааннаах эдэр мусукаан баянистар, аккордеонистар, ону таһынан саха национальнай оркестрын репертуардарын киэргэтэр бастыҥ айымньылар буолаллар, күн бүгүҥҥэ диэри сыанаттан түспэккэ оонньуу, толорулла сылдьаллар.
Маннык үтүө киэһэни ис сүрэҕиттэн кыһаллан, сүүрэн-көтөн Иннокентий Иннокентьевич бииргэ төрөөбүт балта Дария Романова тэрийдэ. Ону тэҥэ балта Аграфена Климова, чугас аймах-билэ дьоно, оҕо сааһын уонна чугас мусукаан доҕотторо көҕүлээһиннэринэн, ахсынньы 14 күнүгэр Муусука колледжыгар Иннокентий Романов айымньыларын үйэтитэр соруктаах баянистар уонна аккордеонистар Аһаҕас куонкурустара иккис төгүлүн ыытыллаары турара, кини үлэтэ, олорбут олоҕо салҕанарын кэрэһилиир.
Валентина Колесова, СӨ култууратын туйгуна, РФ Театральнай сойууһун чилиэнэ.
Бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…
Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…
Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…
Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…
Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…