Алтынньы 11 күнүгэр Дьокуускайга Пушкин аатынан национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар и.н.к., Гуманитарнай чинчийиилэр уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар проблемаларын институтун археологияҕа уонна этнографияҕа салаатын старшай научнай үлэһитэ Василий Васильевич Ушницкай наукаҕа киэҥ далааһыннаах, дириҥ хорутуулаах үлэтин хаалларан барбыт научнай нэһилиэстибэтин туһунан аймахтарын, учууталларын, оскуолаҕа, университекка бииргэ үөрэммиттэрин, наука эйгэтигэр өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллегаларын «Сүрэҕин төлөнүн наукаҕа анаабыта» диэн ааттаах ахтыы кинигэни билиһиннэрии буолан ааста.
Кинигэни СӨ култууратын туйгуна, Эдуард Пономарев, балта Лена Кан, бииргэ үлэлээбитэ Валерий Васильев хомуйан-таҥан оҥорбуттар. Билиһиннэриини РФ суруйааччыларын, суруналыыстарын Союһун чилиэнэ, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Уус Алдан улууһун уонна Дүпсүн, Хатырык нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Иван Ущницкай салайан ыытта. «Сүрэҕин төлөнүн наукаҕа анаабыта» кинигэни билиһиннэриигэ бииргэ алтыһан үлэлээбиттэрэ, доҕотторо, аймахтара, учууталлара, Уус-Алдан Дүпсүн нэһилиэгиттэн улахан делегация, журналистар кыттыыны ыллылар.
***
В.В. Ушницкай кылгас эрээри бэрт чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта. Кини суруйбут сүрүн үлэлэринэн буолаллар: «Народ саха от века к веку: очерки истории», Этногенез и культурогенез в Байкальском регионе (средневековье)», «Якуты (Саха)», «Средневековые народы народы Центральной Азии (вопросы этнической истории и происхождения)», «Историяграфия этногенеза саха: обзор научныхгипотез и популярных версий (XXVII-XXI вв.)» // Северо-Восточный вестник. №.1 2017), «История Якутии. Археология, этнография. Т. I», «Ландшафт и культура народов Якутии: сакрализация, символические стратегии, геокультурные образы». 300-тэн тахса ыстатыйа автора. Маны таһынан Тыва, Алтай, Хакасия, Бурятия, Киргизия, Монголия, Кытай, Казахстан сирдэригэр сылдьан үгүс этнографическай матырыйааллары хомуйбута. В.В. Ушницкай үлэлэрин Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, кыраныысса таһыгар кытары улаханнык интэриэһиргииллэр. Кинигэ билиһиннэриитин салайан ыыппыт Иван Ушницкай биир бэлиэ түгэни ахтан ааста. Ол курдук Дьокуускайга ыытыллыбыт «Чыҥыс Хаан кистэлэҥэ» киинэ бэстибээлигэр кэлбит Хакасия, Тыва, Монголия, Казахстан бэрэстэбиитэллэрэ кини тыл эппитин кэннэ кэлэн, төгүрүччү туран: «Ушницкай диэн эн эбиккин дуу? Биһиги эн ыстатыйаларгын бэркэ сэргээн ааҕабыт», — диэн эппиттэрин, «ити мин буолбатах, быраатым» диэбитигэр телефонун көрдөһөн ылан суруммуттарын кэпсээтэ. Ити да түгэн Василий Васильевич бэйэтин туһаайыытыгар улахан, билиниллэр учуонай буола үүммүтүн туоһулуур. Өссө биир түгэн. Биирдэ, оҕо сылдьан, Вася уол кинигэлээх билисипиэдинэн айаннаан иһэн охтон баран, кинигэтин туппутунан сытан эрэн да салгыы ааҕа сыппытын туһунан дойдутугар кэпсэлгэ сылдьар. Ол курдук бэрт кыра эрдэҕиттэн билиигэ-көрүүгэ ураты тардыһыылаах этэ.
Кини докторскай үлэтин, чөкөтөн баран, сүнньүнэн бэлэм үлэни, көмүскээбэккэ бу олохтон барбыта хомолтолоох диэн бу киэһэ мустубут үгүс киһи бэлиэтээн эттэ…
***
Ахтыы кинигэтин таһаарыыны балта, полиция полковнига, ИДьМ үлэһитэ Лена Яковлевна Кан көҕүлээн, тэрийэн саҕалаабыт. Онтон таһаарааччылар ааттарыттан, тыл эппит СР культуратын туйгуна, Россия Ис дьыалаҕа министиэристибэтин бириэмийэтин лауреата, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Эдуард Тимофеевич Пономарев кинигэ ааҕыллымтыа буолбутун, ис сүрэхтэн суруллубутун бэлиэтээтэ, өссө да ахтыылары эбэн, научнай үлэлэрин киллэрэн салгыы кэҥэтиллэн тахсарыгар баҕа санаатын тиэртэ.
СР наукаларын Академиятын чилиэнэ, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун директора, историческай наука доктора Сардаана Ильинична Боякова Василий Васильевич туһунан эмиэ бэрт сиһилии ахтыыны оҥордо. Онтон ылан эттэххэ, Василий маҥнай аспирантураҕа киирии экзаменын туттарыыга кини тутааччы хамыыһыйаҕа баар эбит. 30 саастаах Василий Ушницкай 6 ыйытыкка, киһи сөҕүөх, нууччалыы бэрт ыраастык, толору хоруйдары биэрэн 5 киһилээх конкурсу ааһан, соһуччу эдэрдэри кэннигэр хаалларан, аспирантураҕа киирбит. Институкка кини научнай салайааччытынан Василий Николаевич Иванов бэйэтинэн буолбут. Диссертациятын суруйарыгар салайааччыта, бэрт кыра да соҕуһу көннөрөн кэлэригэр эттэҕинэ, Василий, маннык улахан учуонайдардыын маннык консультацияластым диэн сотору кэминэн, бүүс бүтүннүү атыннык, саҥалыы суруйан аҕалар эбит, оннук 5-6 хатыламмытын кэннэ, «чэ, кэбис бүтэһик варианы көмүскүүргэ» диэн быһаарбыттар. Оннук олус үлэһит этэ, үлэтигэр ирдэбиллээҕэ.
Өр кэмнэргэ биир салааҕа бииргэ үлэлээбит, Екатерина Назаровна Романова историческай наука доктора, Институт интеллектуальнай историяҕа уонна культураҕа киинин салайааччыта бэйэтин этиитигэр Василий Васильевич наукаҕа олус тардыстыылааҕа, саха төрүттэрин үөрэтиигэ биллиилээх учуонай Василий Васильевич Ксенофонтов курдук фольклорга, историческай источниктарга олоҕуран үлэлээбитэ, бэйэтэ туспа көрүүлэрдээх, тюрколог, Евразия истиэп омуктарын историятын үөрэтэр бөдөҥ учуонай быһыытынан Арассыыйаҕа тиийэ биллибитэ диэн эттэ. Кини Василий кандидатскай диссертациятын олус чаҕылхайдык көмүскээбитэ, онно билигин бэйэлэрин үлэлэригэр үгүс Арассыыйа учуонайдара сигэнэллэр, кэлин сахалар эрэ этногенезтэринэн буолбакка, тунгусо-маньчжурскай омуктар киэннэринэн эмиэ дьарыктанан барбыта, олус киэҥ билиилээҕэ, билигин Василий Ушницкай докторскайскайга анаабыт үлэтин сэргэ наукаҕа хаалларбыт атын үлэлэрэ өссө да ситэ сыаналана иликтэр, олору кэлэр өттүгэр кини научнай архивтарын кытары үлэлэһэн өссө таһаарар наадатын бэлиэтээн эттэ.
Устуоруйа билимин хандьыдаата, Институт археологияҕа уонна этнографияҕа салаатын кылаабынай научнай үлэһитэ Васильев Валерий Егорович университекка бииргэ үөрэммит табаарыһа, кэлин биир институкка үлэлээбитэ. Кини Василий Васильевич Евразия истиэптэрин, Сибиир омуктарын үөскээһиннэрин үөрэтиигэ түүр, монгол, тунгусо-маньчжур тыллаахтар, өссө Алтай тылын бөлөҕө киирээчилэри киллэрэн туран, биис уустарынан арахсыыларын үөрэтиэххэ наада, итиннэ билигин буккуур элбэх, үгүс омуктарга атын аҕа уустарын булкуһуулара элбэх этэ диэн көрүүлээҕин, учуонай ситэ тарҕамматах үгүс үлэтэ тахсара наадатын туһунан санаатын үллэһиннэ.
Аҕа саастаах табаарыһа Петров Пантелеймон Пантелеймонович – Хардыы, устуоруйа билимин хандьыдаата Ушницкай үлэлэрин историография эрэ ньыматынан ырытыахха, ол таһымҥа өссө тиийэр наадатын, саха төрүтүн үөрэтээччилэр кэлэр да өттүгэр Василий Васильевич Ушницкай научнай үлэлэригэр өрүү сигэнэ туруохтара диэн эттэ.
Салгыы тыл эппит Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университеттан филологичекай наука дуоктара Василий Васильевич Илларионов, историческай факультет деканын научнай-чинчийэр үлэҕэ солбуйааччы, историческай наука кандидата Макарова Аграфена Иннокентьевна, Уус-Алдан улууһун Сэһэн Ардьакыап аатынан кыраайы үөрэтэр музей дириэктэрэ Пермяков-Тэлэкэ Павел Васильевич, ҮӨРЭППИТ УЧУУТАЛЛАРА: СӨ үтүөлээх учуутала Сыроватская Варвара Николаевна, республика үөрэҕириитин туйгуна Сыроватская Татьяна Дмитриевна о.д.а. өссө төгүл бөдөҥ учуонай туһунан истиҥ-иһирэх тылынан ахтан-санаан аастылар, билимҥэ дьоһуннаах үлэлэрэ үйэтитиллэллэрэ хайаан да наадатын туһунан биир киһи курдук санааларын үллэһиннилэр.
Ити курдук, Гуманитарнай чинчийиилэр уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын институтун археологияҕа уонна этнографияҕа салаатын старшай научнай сотруднига, историческай наука кандидата Василий Васильевич Ушницкай бэрт кылгас эрээри, чаҕылхай олоҕун, наукаҕа киэҥ далааһыннаах, дириҥ хорутуулаах үлэтин, хаалларан барбыт научнай нэһилиэстибэтин туһунан аймахтарын, учууталларын, оскуолаҕа, университекка бииргэ үөрэммиттэрин, наука эйгэтигэр өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллегаларын ахтыыларын туһунан бэрт интэриэһинэй кинигэни булан ааҕаргытыгар сүбэлиибин.
Борис Гоголев
Э.Пономарев хартыскаларга түһэриитэ
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…