“Сүрэх хирург хараҕынан”
Бу күннэргэ ураты кинигэ тахсыбыт. Сахалартан бастакынан сүрэҕи-тымыры эпэрээссийэлииргэ туруммут, уһун сылларга аан дойду бастыҥ ньымаларын чинчийэн бэйэтигэр иҥэриммит дириҥ билиилээх, киэҥ көрүүлээх, ураты киһи — бастыҥ кардиохирург Петр Захаров хас да сыллааҕыта киһи соҕотох сүрэхтээҕин туһунан кинигэни сахалыы тылынан адьас аҕыйах ахсаанынан таһаарбыт диэн истибитим. Ымсыыран бөҕө буолбутум эрээри, кыайан булан ылбатаҕым. Ол иһин бу саҥа кинигэ сураҕын истээт, бэркэ сэҥээрэр сирбэр “Бичик+” маҕаһыыммар, сарсыардаттан аһыллыытыгар тиийдим.
Дьэ, доҕоттор сүрэҕим битир-битир тэптэ. Улахан быраас, сүдү хирург биирдэ: “Нууччалыы суруйуу элбэх, ол эрээри мин тус билиибин саха хирурдарыгар, кэнэҕэски идэ оҥостуон баҕалаахтарга, сахам боростуой дьоно туһаналларыгар анаан соруйан сахалыы тиэртим”, — диэн эппитин санаан кэлэн испиттэн долгуйдум ээ. Хайдахтаах курдук олоҕу таптыахха, киһини сыаналыахха сөбүй. Тус норуотун туһугар чахчы улахан кыһамньы!
Ол иһин атыылаһан кэлээт, кинигэбин арыйа биэрээт, уруучукалаах, кумааҕылаах олороммун икки күнүнэн ааҕан бүтэрдим. 178 бэлиэтээһини оҥоһуннум. Улахан киһи, улуу луохтуур Сахаарап сөпкө да этэр эбит: арыгы, табах сүлүһүнэ сүрэҕи сиир. Оттон киһи төрүөҕүттэн эмсэҕэлиир ыарыы буулаабыт буоллаҕына, ону хайдах эмтииргэ сыаналаах сүбэлэри биэрэр, уу сахалыы быһаарар.
Ити быраастар араастаан этэллэр, ол барыта нууччалыы, көннөрү киһи ситэн өйдөөбөт. Оттон манна, миэхэ “порок сердца”, “ИБС”, “сердечная недостаточность” диэннэри араарбат киһиэхэ, наһаа да астыктык быһааран биэрбитэ үчүгэйин. Инньэ гынан, миэхэ билигин сүрэхпэр баар уларыйыыларым туохтан тоҕо буолбутун уонна хайдах ситэри көрүнүөхтээхпин чуолкай билэммин төһө эмэ уоскуйдум. Аны, балыыһабар көрдөрүнэ тиийдэхпинэ, кардиолог бырааспыныын холкутук быһаарсар киһи буоллум. Онон бу ыалдьар, ыалдьыбат, ыарыһахтардаах дьоҥҥо тыын наадалааҕын ааһан, хас биирдии киһи сэрэнэригэр уонна туһанарыгар наадалаах эбит. Кинигэ ис өттө өҥнөөх, ол исхиэмэ курдук ойуулары арааран көрөргө, ону таба өйдүүргэ көмөлөөх эбит.
“Сүрэх хирург хараҕынан” кинигэ ханна эрэ нууччалыы суруллубуту устан ылан тылбаастааһын эбэтэр адьас наукаҕа эрэ сыһыаннаах, иирбэ-таарба тиэрминнэрдээх буолбатах. Петр Иванович Захаров өр сылларга үлэтин эйгэтигэр буолбуту ахтан ааһар, туох кэпсэтиинэн-сүбэнэн аһаҕас сүрэххэ эпэрээссийэ Саха сиригэр саҕаланыытыттан саҕалаан, билигин киһи сүрэҕин атын киһиэхэ олордууга тиийэ, чахчы буолбут уһулуччулаах кэмнэри 1-2 этиинэн ахтыбыта күндү, ааҕааччыга тиийимтиэ.
Сахаҕа “сүрэхтээх”, “сүрэҕэ суох”, “сүрэҕэр ыттарда”, “сүрэҕэ ньүөлүйдэ”, “сүрэх бааһа” диэн түҥ былыргыттан кэлбит этиилэрдээхпит. Онтубут өйдөбүллэрин араарбат эбиппит. Дьиҥэр, ити ыарыыбыт көрүҥэ сылдьар эбит ээ! Онон, бу уран тыллаах, чөкө быһаарыылаах, ыалдьары-ыалдьыбаты толкуйдатар саҥнаах үтүөкэн кинигэни болҕойуоҕуҥ уонна туһаныаҕыҥ диэн ыҥырабын!
Маҕаһыын атыыһыта эппитинэн, наһаа ылаллар үһү бу саҥа кинигэни, онон сотору арааһа бүтүүһү быһыылаах. Оннук эрэ буоллун, саха киһитэ туһаннын, аҥаардас ыарыыга эрэ диэн буолбакка, мэдиссиинэ эйгэтигэр оҕото үөрэниэн баҕалаах да ыалга “Сүрэх хирург хараҕынан” кылаат кэриэтэ күндү, экчи остуол кинигэтэ буоларыгар саарбахтаабаппын! Онон, “сүрэҕим уоскуйда”, санаа хоту “тиҥ-тиҥ” тэптэ!
Анисим НЕУСТРОЕВ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: