Сүрэх-тымыр киинэ аһыллыбыта биир сыла. Бастакы түмүктэр

Сүрэх-тымыр киинэ аһыллыбыта биир сыла. Бастакы түмүктэр

30.04.2023, 10:34
Хаартыска: Мэдиссиинэ национальнай киинин пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Кэнники сылларга сүрэх-тымыр ыарыыларын сэрэтии уонна эмтээһин нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстабылыгар биир дьоһун суолталаах хайысханан буолла. Ил Дархан Айсен Николаев уонна СӨ бырабыыталыстыбатын өйөбүллэринэн 2022 сыллаахха аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир үрдүк технологиялаах Сүрэх-тымыр киинэ аһыллыбыта.

Хаартыска: Мэдиссиинэ национальнай киинин пресс-сулууспата

Киин сүрэх уонна тымыр ыарыыларын саамай ыарахан көрүҥнэригэр көмөнү оҥорор  улахан киининэн буолар. Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, дойдуга биир сүҥкэнинэн биллэр Киин САССР 100 сылыгар, муус устар 30 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыта.

Саҥа кииҥҥэ 150 уопсай уонна 25 реанимация куойкалара бааллар. Штакка 463 мэдиссиинискэй үлэһит, ол иһигэр  142 быраас, 191,75 орто сүһүөх мэдиссиинискэй үлэһит уо.д.а. киирэллэр. Сүрэх-тымыр киинигэр: 2 дуоктар, мэдиссиинэ наукатын 7 хандьытаата,  РФ  2  үтүөлээх бырааһа, СӨ  7 үтүөлээх бырааһа, 15 РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, 43 СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна эмтэнээччилэр доруобуйаларын харыстабылыгар үлэлииллэр.
Киин быраастара үрдүк таһымнаахтар, 2020-2022 сылларга Арассыыйа Федерациятын сүрүн мэдиссиинискэй кииннэригэр уонна Корея Өрөспүүбүлүкэтин Чонна национальнай университет Хвасун госпиталыгар үөрэммиттэрэ.

Киин аһыллыаҕыттан манна 4 тыһыынчаттан тахса киһи эмтэннэ, сүрэххэ уонна тымырдарга (эндоваскулярнай) 400 кэриҥэ эпэрээссийэ оҥоһулунна.

Кардиологтар тымыр иһинээҕи ультразвугу туһанан,  артерияларга стент туруорарга 5 улахан эпэрээссийэни оҥордулар.

Эмтээһини сэргэ, Кииҥҥэ 24/7 эрэсиимҥэ ыраахтан ньыманы -– теле-мэдиссиинэнэн сүбэ-ама биэриини уонна Оройуоннааҕы киин балыыһалары кытары быһа сибээһи олохтоотулар.

Биир кэлим ыраахтан сүбэлиир-амалыыр кииҥҥэ 3128 теле-мэдиссиинэ суһал, былааннаммыт сүбэтэ-амата оҥоһулунна. Ол түмүгүнэн 1132 ыарыһах балыыһаҕа киирэн эмтэннэ.

28 мэдиссиинэ тэрилтэтигэр теле-ЭКГ 50 аппараата холбонно. Аппараат көрдөрүүтүн Сүрэх-тымыр киинин быраастара ыраахтан быһаараллар, чопчулууллар. Бу миэстэтигэр кардиологтара суох улуустарга ыарыһахтар эмтэниини кэмигэр саҕалыылларыгар улаханнык көмөлөстө.

Сүрэх-тымыр киинэ аһыллыаҕыттан үрдүк технологиялаах мэдиссиинискэй көмөнөн туһаныы 1,5 төгүл элбээтэ, хаан эргиирин ыарыытыттан өлүү 9,7%  аҕыйаата. РФ уонна Уһук Илин көрдөрүүлэрин кытта тэҥнээтэххэ, Саха сиригэр хаан эргиирин систиэмэтин ыарыыларыттан өлүү 42,8% аҕыйах.

Василий ЕГОРОВ, соторутааҕыта бу кииҥҥэ эпэрээссийэлэнэн  тахсыбыт улуус олохтооҕо:

-Мин бу Кииҥҥэ эмтэнэн тахсан, билигин сандал сааспын этэҥҥэ көрсөрбүттэн үрүҥ халааттаах аанньалларбар махтанабын. Бу сытаммын мэдиссиинэ билимин дуоктара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа Күндүл Иванович Ивановы кытары кэпсэтэн ыллым. Кини  Саха сиригэр үлэлиир доруобуйа харыстабылын бырайыагын быһыытынан,  2024 сылга өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун орто сааһа 78 сылга,  оттон сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү 100 тыһыынча киһиэхэ 364-н 279-ка тиийэ аҕыйатыллыахтааҕын туһунан эттэ. Ону ситиһэргэ күн бүгүн сөптөөх үлэлиир дьиэ-уот, үрдүк технологическай кыахтаах араас тэриллэр,  идэлэрин дириҥник баһылаабыт үрдүк кылаастаах  исписэлиистэр үлэлииллэр эбит. Ол да иһин,   ыарыһахтары дойду киин куораттарыгар эмкэ ыытааһын лаппа аҕыйаабыт. Ону бу Кииҥҥэ уонча хонук сытан дьэ, чахчы итэҕэйдим. Араас отделениеларынан 150 ыарыһах биирдэ сытар миэстэлээх эбит. Балаатаҕа биирдии-иккилии буолан сытаҕын. Хос аайы туспа санузел, тэлэбиисэр,  4 балаһыанньаҕа түһэр финскэй орон. Сытан эрэ үлэһиттэри  ыҥырар анал кунуопка, мониторнай систиэмэ. Аһылыккын хоскор аҕалан биэрэллэр. Чэ, быһата, хоту-соҕуруу мээнэ сылдьыбатах киһи көрүүтүгэр ырай олоҕо диэххэ сөп. Оттон хайдах үтүөрэриҥ хас биирдии киһиттэн бэйэҕиттэн тутулуктааҕа биллэр бөҕө буоллаҕа…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: