Сүрэх-тымыр киинигэр эмболизацияҕа сэдэх эпэрээссийэлэри оҥордулар

Сүрэх-тымыр киинигэр эмболизацияҕа сэдэх эпэрээссийэлэри оҥордулар

16.11.2022, 17:25
Бөлөххө киир:

Саха сирин эмчиттэрэ киэли миоматыгар (миома матки)  эмболизацияҕа дэҥҥэ оҥоһуллар эпэрээссийэлэри баһылаатылар.

«Эмболизация –  киэли  миоматын (миома матки) эмтиир саҥа ньымалартан биирдэстэрэ. Кыратык эрэ бааһырдар ньыма хирургия сэрэхтээхтик орооһоругар көмөлөһөр. Маннык эпэрээссийэ биир чаастан ордуга суох кэм устата, миэстэтигэр анестезия көмөтүнэн оҥоһуллар, уопсай норкуос туттуллубат. Түөрт эмтэнээччигэ эпэрээссийэлэр, былаан быһыытынан, ситиһиилээхтик оҥоһулуннулар”, — диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа – Мэдиссиинэ национальнай киинин кылаабынай бырааһа Станислав Жирков иһитиннэрдэ.

Үрдүк технологиялаах эпэрээссийэни оҥоруу Сүрэх-тымыр саҥа киинин аныгы тэрилин көмөтүнэн ситиһилиннэ.  Ол эбэтэр, эпэрээссийэни ангиографическай тэрил көмөтүнэн оҥордулар.

Маннык сэдэх  эпэрээссийэни оҥорорго эндоваскулярнай хирург,  В.И.Кулаков аатынан Акушерство, гинекология уонна перинатология  Научнай  киинин диагностикалыыр уонна эмтиир эндоваскулярнай ньымаларга отделениетын сэбиэдиссэйэ Дмитрий Акинфиев көмөлөстө.

“Бу эпэрээссийэ –  кыратык эрэ бааһырдар  уонна олус сэрэхтээхтик оҥоһуллар  ньыма. Ол курдук, элбэх дьахтар доруобуйата айгыраабатыгар көмөлөһөр”, — диэтэ кини.

Маннык эпэрээссийэлэр сыл бүтүөр диэри өссө оҥоһуллуохтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: