Саха сиригэр 2022 сыллаахха аһыллыбыт Сүрэх-тымыр киинин баазатыгар үлэлиир Биир кэлим ыраахтан сүбэлиир киин (ДКЦ) суукканы быһа тэлэмэдиссиинэ көмөтүнэн сүбэ-ама биэрэр.
Сүрэх-тымыр киинэ сүрэх-тымыр систиэмэлэрин ыарыыларыгар үрдүк технологиялаах көмөнү оҥорор. Киин биир сыл иһигэр хаан эргиирин ыарыыларыттан өлүү 9,6% аҕыйыырын ситистэ. Маннык үчүгэй көрдөрүү ылылларыгар улахан кылаатын ДКЦ киллэрэр. М.Николаев аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ национальнай киинин дириэктэрэ Күндүл Иванов иһитиннэрбитинэн, Ыраахтан сүбэлиир кииҥҥэ 2022 сыл ыам ыйыттан 2023 сыл сэтинньитигэр диэри 5 275 тэлэмэдиссиинэ сүбэтэ-амата, ол иһигэр 883 – Арктика ыраах сытар улуустарыгар, оҥоһулунна.
«Тэлэмэдиссиинэ көмөтүнэн бэриллибит 3 101 сүбэ-ама ыарыыны уонна эмтээһин ньыматын чопчулуурга ананна. Бу үлэ түмүгүнэн 1 827 ыарыһах балыыһаҕа киирэн эмтэннэ. Саахал мэдиссиинэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин көмөтүнэн Сүрэх-тымыр киинигэр 1000-тан тахса эмтэнээччини аҕалыллыбыта. Уустук килиниичэскэй балаһыанньаларга федеральнай кииннэргэ 292 тэлэмэдиссиинэ сүбэтин-аматын ыыппыппыт», — диэн Күндүл Иванов кэпсээтэ.
Ыраахтан сүбэлиир киин хаан эргиирин систиэмэтэ ыарыылаахтарга онлайн-кэрийэн көрүүнү оҥорор. Ол иһигэр, видео-кэмпэриэнсийэ сибээс көмөтүнэн «быраас-быраас» ньыматынан Арктикаҕа уонна ыраах сытар улуустарга. «Кардиологияҕа» уонна «неврологияҕа» 914 онлайн-кэрийэн көрүү ыытылынна.
ЭКГ көрдөрүүлэрин ыраахтан ааҕан таһаарыы өрөспүүбүлүкэ 27 улууһа биэрбит чахчытынан суукканы быһа оҥоһуллар. Бу тыа сиринээҕи биэлсэр-акушер пууннарыгар уонна быраас амбулаторияларыгар «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагырааматынан ылыллыбыт телеэлектрокардиографтар баалларын кытта сибээстээх. Ол эбэтэр аппараат устуутун тута Сүрэх-тымыр киинин биир кэлим ситимигэр ыыталлар. Ону таһынан Сүрэх-тымыр киинигэр эмтэммит дьон доруобуйатын хонтуруоллууллар. Сүрэх-тымыр киинигэр федеральнай кииннэргэ уонна дойду сүрүн килииникэлэригэр үөрэммит үрдүк таһымнаах кардиологтар, неврологтар, сүрэх-тымыр хирурдара үлэлииллэр.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан саҕаламмыт «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак «Сүрэх-тымыр ыарыыларын кытары охсуһуу» бырайыак сүрэх-тымыр ыарыылаах дьоҥҥо суһал уонна былааннаммыт, үрдүк төхнологиялаах көмөнү оҥорорго олоххо киллэриллэр.
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…