Салгыы
«Сүрэхпит умнуон баҕарбат» (Валерий Ноев үбүлүөйдээх сылын түмүктүүр кэнсиэр)

«Сүрэхпит умнуон баҕарбат» (Валерий Ноев үбүлүөйдээх сылын түмүктүүр кэнсиэр)

16.12.2024, 19:20
Хаартыска: ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:

“Ыллаа-туой, тыам сирэ!” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак чэрчитинэн ырыаһыт, ырыа айааччы Валерий Ноев төрөөбүтэ 85 сылын, үбүлүөйдээх сылын түмүктүүр «Мин дууһам ыллыыр» холбоһуктаах улахан кэнсиэр ахсынньы 14 күнүгэр Дьокуускай куоракка буолла.


“Ыллаа-туой, тыам сирэ!” бырайыагы Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин сүрүннүүр методиһа Любовь Шишигина 2012 сылтан ыытар. Онтон бүгүҥҥү кэнсиэри Саргы Адамова-Алтан Кыыс, Любовь Шишигина уонна Георгий Попов торумнаан бэлэмнээтилэр. Ырыа улахан түһүлгэтигэр өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан: Амматтан, Бүлүүттэн, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Чурапчыттан, Уус Алдантан, Дьокуускайтан 145 киһи кытынна.
Кэнсиэри Амма улууһун култуураҕа управлениетын салайааччыта Иван Иванов уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа управлениетын салайааччыта Анна Исакова иилээн-саҕалаан ыыттылар (тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, улуус култууратын салайааччылара бэйэлэринэн ыытыылара аан бастаан буолла).
Түмүктүүр кэнсиэр ырыа эрэ дьоро киэһэтин курдук буолбакка, саха тапталлаах ырыа айааччыта Валерий Ноев олоҕор, айар үлэтигэр эргиллии курдук, олус дириҥ ис хоһооннооҕо үөртэ. Ол курдук,  Валерий Власьевич үбүлүөйдээх сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт араас таһымнаах тэрээһиннэр тустарынан сэһэргээтилэр. Аны аҕыйах хонугунан Валерий Власьевич таптыыр Алтаныгар кини аатын сүгэр таас кулууп киирээри турарын туһунан үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдилэр. Онон, киэн туттар киһилэрин 90 сыллаах үбүлүөйүн култуура саҥа киэҥ-куоҥ Киинигэр көрсөргө бэлэмнэр.

Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ ыллаата

Самодеятельнай композитор Валерий Ноев айар үлэтин үйэтитэр араас тэрээһиннэр ыытыллан, араадьыйа уонна тэлэбидиэнньэ биэриилэрэ, кинигэлэр, диискэлэр, ырыанньыктар күн сирин көрдүлэр.
Кэннибитин хайыһан ыллахха, Валерий Ноев төрөөбүтэ 40 сылыгар Амма улууһун Алтаныгар ахтыы киэһэтин аан бастаан тэрийбиттэрэ. Онно ийэтэ Мария Васильевна, уола Валерий, чугас аймахтара, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ олус истиҥ ахтыы киэһэтин ырыанан-тойугунан киэргэппиттэрэ.
1988-1993 сылларга Афанасий Мигалкин Мэҥэ Хаҥалас оройуонун райкомолун бастакы сэкирэтээринэн үлэлии сылдьан, ырыаһыт уонна мелодист Виталий Андросовы кытары сүбэлэһэннэр, ЫБСЛКС биэс оройуоннаааҕы  райкомун бастакы сэкиритээрдэрин кытары илии баттаспыттара. Ол эбэтэр Валерий Ноев аатын үйэтитэр уонна ырыаларын киэҥ эйгэҕэ тарҕатар туһугар киин оройуоннарынан көһө сылдьар ырыа куонкурустарын: Майаҕа “Майа сайына, Аммаҕа “Кыыс Амма”, Бороҕоҥҥо “Мүрү-Мүрү барахсан”, Ытык Күөлгэ “Талыы-талба Таатта”, Намҥа “Эҥсиэли хочотугар” уонна Чурапчы Мындаҕаайытыгар “Ырыа алыптаах кустугар” ыыппыттара.
Бүгүҥҥү ырыа түһүлгэтин ыытааччылар быйыл Майаҕа Комсомольскай болуоссакка В.Ноевка мэҥэ таас олоҕо  ууруллубутун уонна эһиил ситэриллэн-хоторуллан дьон-сэргэ көрүүтүгэр арыллыахтааҕын туһунан кэпсээн, бу хамсааһыны тэрийсибит Афанасий Васильевич Мигалкиҥҥа көрөөччүлэр ааттарыттан дириҥ махталларын тириэртилэр.
Көрөөччүлэр сыана улахан экраныгар болҕомтобутун ууран, араас сыллардааҕы ырыа куонкурустарын Гран-при хаһаайыттарын билистибит. 1988 с. — Еремей Гоголев (Майа), 1989 с. – Сардаана Михайлова (Амма), 1990-1991 сс. – Клавдия Мурукова (Бороҕон), 1992 с. — Юрий Иванов (Нам), 1993 с. – Константин Иванов (Бороҕон), 1999 с. – Петр Сергучев (Хорообут), 2004 с. – Николай Прокопьев (Бүлүү), 2009 с. – Анастасия Николаева, 2014 с. – Терентий Егоров (Төҥүлү), 2019 с. – Валерий Корякин (Дириҥ), 2024 с. – Владимир Дедюкин (Амма). Кинилэртэн бүгүн Константин Иванов, Петр Сергучев, Владимир Дедюкин уо.д.а. ылбаҕай ырыаларын көрөөччүлэргэ бэлэхтээтилэр.
Валерий Ноев аатын иһиттибит да, Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма улуустарын саныы түһэбит. Чахчыта да, бу икки улуус Валерий Ноев үбүлүөйдээх сылларын көтүппэккэ, ырыа ыһыахтарын, куонкурустарын ыытан кэллэ. Ону таһынан биирдиилээн баянистарга, норуодунай үнүстүрүмүөннэр аркыастырдарыгар, ырыа айааччыларга, кини ырыатыгар үҥкүү айааччыларга, бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн толорооччуларга араас таһымнаах куонкурустары тиһигин быспакка тэрийэллэр. Ырыаһыттар, ырыа айааччылар Аркадий Алексеев доҕорун үбүлүөйдээх сылларыгар көрөөччүлэргэ ахтыы-кэнсиэр оҥорон бэлэхтиир, Степан Васильев “Истиий дуу, баяным ырыатын” тус бырайыагын иһинэн эдэр ырыаһыттары кытта эстрада артыыстарын кыттыылаах кэнсиэри тиһигин быспакка тэрийэр. Алексей Егоров салайааччылаах СӨ Ырыа айааччыларын сойууһа дьүүллүүр сүбэни иилээн-саҕалаан ыытыһар.
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуот айымньытын киинэ 2004 сыллаахха   Алтаҥҥа “Мин дууһам ыллыыр” диэн ырыа ыһыаҕын ыспыта. Онно тоҕус хайысханан элбэх улуус кыттыылаах ырыа-үҥкүү түһүлгэлэрэ түстэммиттэрэ.
2004 сылтан саҕалаан Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатырын национальнай аркыастырын мусукааннара Валерий Ноев инструментальнай айымньыларын эрэ буолбакка, ырыаларыгар оркестровка оҥорон, идэлээх мусукааннарга, мусукаалынай оскуолаларга анаан,  “Айаҥҥа даҕатан”, “Сааскы вальс”, “Иэйии ырыата” диэн үс партитура хомуурунньуктарын таһаарбыттара.
Валерий Власьевич төрөөбүтэ 80 сылын көрсө Муусука уонна фольклор түмэлигэр быыстапка уонна ахтыы киэһэтэ олус истиҥник ыытыллыбыта. Тэрээһин иннинэ уола Валерий Валерьевич аҕатын грамоталарын, авторскай быраап тэрилтэтин кытта суруйсубут суруктарын, төрөөбүтүн туһунан Туоһу суругун түмэл пуондатыгар бэлэхтээбитэ.
Муусука уонна фольклор түмэлин тэрийиитинэн муус устар 25 күнүгэр “Ырыа ыллыга” искибиэр анал ыскаамыйатыгар Валерий Ноев ырыаларын куйаару-куода турбута.
Быйыл сэтинньи 15 күнүттэн ахсынньы 10 күнүгэр диэри Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ “Сүрэхпит умнуон баҕарбат” диэн ааттаах Валерий Власьевич олоҕун, айар үлэтин кэрэһэлиир улахан быыстапка көрдөрүлүннэ. Быыстапка ону сэргэ Нам улууһугар кытта тиийэн, дьон сэҥээриитин ылла. Барыта икки аҥаар тыһыынча киһи көрөн, сөҕөн-махтайан, тапталлаах ырыаһыттарын олоҕун кытта билсэн, ырыаларын ыллаһан аастылар.

Күөрэгэйгэ анаммыт  7 ырыалаах

Валерий Ноев бэйэтин тылларыгар уонна матыыбыгар суруйбут “Кыракый кыысчааммар”, “Күөрэгэйдиин көрсүһүү” ырыалара реестргэ киллэриллибиттэрин туоһулуур Бүтүн Сойуустааҕы авторскай быраап тэрилтэтин суругун  күн сириттэн күрэниэн биир ый иннинэ туппута. Ааптар быһаарыы суругар: “Аҥаардас күөрэгэйгэ анаммыт ырыам сэттэ! Сыыһа тылбаастанан буолуо, биир эрэ ырыабын ыллыгыт!” – диэбитэ.
Бу күн көрөөччүлэр кини күөрэгэйгэ анаммыт сэттэ ырыатыттан үс ырыаны: саха национальнай аркыастырын эдэр ырыаһыта Александр Карманов «Күөрэгэйи» (М.Куличкина тыллара), СӨ норуодунай артыыһа Григорий Петров «Күөрэгэйдиин көрсүһүүнү» (Ноев тыла, матыыба) уонна В.Ноевка аналлаах биирдиилээн толорооччуларга уонна ырыа айааччыларга ыытыллыбыт куонкурус Гран-притын хаһаайына Петр Сергучев  «Ырыатын иһит» толорууларын дуоһуйа иһиттибит.
Валерий Власьевич таптыыр кэргэнин Федора Игнатьевна Санникованы кытары 1964 сыллаахха гостуруоллуу сылдьан айылҕа силигилии ситэр кэмигэр билсиһэн ыал буолбуттара. Кыыстаах уол оҕолонон, ийэ-аҕа буолар дьолун билбиттэрэ. Айар киһи бу долгутуулаах кэмин хоһуйан, «Кэргэммэр» диэн матыыбы суруйбутун аркыастыр толордо.  Валерий Ноев үксүгэр бастаан матыыбын суруйан баран, онно сөптөөх хоһооннору көрдүүр эбэтэр бэйэтэ суруйар эбит.
Быйыл муус устар 6 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуурата ырыа ансаамбылларыгар анаан, “Мин дууһам ыллыыр” куонкуруһу тэрийбитэ, онно нэһилиэктэр бука бары кини ырыатын ыллаабыттара. Ыам ыйын 21 күнүгэр Майаҕа хомсомуол болуоссатыгар “Ырыа күнүн” көрсө тэриллибит “Ырыа кырдала” тэрээһиҥҥэ 9 нэһилиэк ырыаһыт дьоно түмсэн, 100 киһилээх сомоҕо хор “Кыракый кыысчааммар” ырыаны ыллаабытын мустубут дьон улаханнык сэргээн, кэрэхсээн, тэҥҥэ ылласпыта. Улуус ыһыаҕын үөрүүлээх аһыллыытыгар “Кыракый кыысчааммар” ырыа эмиэ элбэх киһилээх хор толоруутугар ылламмыта, саҥа үҥкүү туруоруллубута.
Бу сайын от ыйыгар улуус култууратын салалтата  “Мин дууһам ыллыыр” диэн бырайыагы тэрийэн, урукку сыллардааҕы агитациялыыр биригээдэлэр курдук, 13 нэһилиэгинэн, сайылыктарынан, отчуттарынан айар айаҥҥа сылдьан, үлэ дьонун сэргэхсиппитэ. Биригээдэ үлэтин түмүгүнэн ырыаһыттар кыттыылаах видео-килиип сүрэхтэммитэ.


Сэтинньи 20 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Валерий Ноев үбүлүөйдээх сылын түмүктүүр “Мин дууһам ыллыыр” гала-кэнсиэри кини айар үлэтин үйэтитээччи Дмитрий Санников иилээн-саҕалаан ыыппыта.
Онтон Амма улууһун култуурата Олонхо ыһыаҕын чэрчитинэн ыһыах ыалдьыттарыгар анаан, Валерий Ноев ырыаларынан “Ыллыыр үс тенор” диэн улахан ырыа түһүлгэтин уонна алтынньы 12 күнүгэр Аммаҕа “Мин дууһам ыллыыр” ырыа айааччыларга уонна биирдиилээн толорооччуларга күөн-күрэһи ыытта.
“Туймаада” судаарыстыбаннай ырыа ансаамбыла “Иэйии ырыата” диэн мусукаалынай испэктээгин Дьокуускай куорат, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Нам улуустарыгар көрдөрөн, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.

Оҕо саас ыллыыр

Бүгүҥҥэ кэнсиэр оҕолор кыттыылаах буолбута көрөөччүлэри ордук сэргэхситтэ. 1962 сыллаахха Юрий Гагарин космоска көппүтүн биир сыла туоларыгар муус устар 12 күнүгэр сыымахтар улахан уруйдуур кэнсиэри оҥорбуттар. Онно Валерий Власьевич “Мин космонавт буолуом” диэн оҕолорго анаан саҥа ырыатын сүрэхтээбит. Ол ырыатын Владимир Кузьмин өйдөөн хаалан сөргүппүтүн, эбии итэҕэс куплеттарын Михаил Санников ситэрэн биэрбитин кырачаан Арылхан Касьянов толоруутугар иһиттибит. Дьэ, чахчы да космоска көтүөх курдук боччумнаахтык ыллаата эбээт, бу үчүгэйин!
Онтон  попуррины Алтаннааҕы орто оскуола үөрэнээччилэрин бөлөҕүн кыргыттара  (сал. СӨ култуураатын туйгуна Агриппина Адамова) киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллүөх толордулар. Бу оҕолору истэ олорон Валерий Ноев ырыалара сааһыттан, ким туох үлэһититтэн, омугуттан да тутулуга суох кимиэхэ баҕарар чугастарын астына бэлиэтиигин. Дьиктитэ диэн, биир ырыаны бары уратытык, ол иһигэр куоластарга арааран, толороллорун  киһи сырыы аайы долгуйан олорон истэр. Үйэлээх ырыа диэн итинник буоллаҕа… Оҕолорбут Валерий Ноев ырыаларын маннык сэргэхтик толорор, саҥаттан-саҥа үҥкүүлэринэн киэргэтэр буоллахтарына, кини ырыалара үйэлэртэн үйэлэргэ ыллана туруоҕар саарбахтаабаккын.

Ырыаһыт,  ырыа айааччы, саха норуота сүгүрүйэр киһитэ  Валерий Ноев төрөөбүт дойдутугар, кэрэ айылҕатыгар, ол иһигэр Амма Эбэтигэр, анааабыт ырыалара  толоруллубатах кэнсиэр аҕыйаҕа буолуо. Бу күн ити ырыалара Амма хатыламмат айылҕатын хаартыскаларынан ситэриллэн биэрбиттэрэ олус кэрэ.
Түмүккэ ыытааччылар: «Тапталлаах мелодиспыт, ураты куоластаах ырыаһыт, самодеятельнай композитор Валерий Ноев ырыата-тойуга саха омук баарын тухары ыллана, дьону-сэргэни үтүөҕэ-кэрэҕэ кынаттыы туруоҕа!» -– диэн алгыс тылларынан саала иһэ «Мин дууһам ыллыыр» ырыаны күргүмүөнүнэн ылласта.
Куорат көрөөччүлэрэ уонна ыалдьыттара түмүк холбоһуктаах кэнсиэркэ Валерий Ноевка аналлаах куонкурустар кыайыылаахтарын, уола Валерий Валерьевиһы, бүтүн хор ырыһыаттарын уо.д.а. улуустар ылбаҕай ырыаһыттарын, бөлөхтөрүн биир түһүлгэҕэ ыҥыран   кытыннарбыттарыгар махтана  хааллыбыт.
Эбэн эттэххэ, бүгүҥҥү  кэнсиэртэн киирбит үп эһиил Валерий Ноев ырыаларын Чаянда Кимовна Скрыбыкина ырытыыта кинигэ буолан тахсарыгар туһаныллыаҕа.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: