Сүрүн сокуоҥҥа уларытыылары уонна эбиилэри киллэриигэ аһаҕас кэпсэтии
Сэтинньи 8 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственнай мунньаҕар (Ил Түмэн) Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай сокуонугар (Төрүт сокуон) уларытыылары уонна эбиилэри киллэрии туһунан» аһаҕас кэпсэтии буола турар.
Кылгастык бу бырайыакка туох сүрүннээн киирбитин сырдатары тоҕоостоох дии саныыбын.
Бу «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституциятыгар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрии туһунан» бырайыакка СӨ Конституционнай сокуона Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын салайарын, өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын уорганнарын тиһигин уонна структуратын быһаарарын туһунан балаһыанньаны бигэргэтэргэ этиллэр.
Итини сэргэ, Судаарыстыбаннай мунньах (Ил Түмэн) боломуочуйалара чуолкайданан, нолуогу уонна хомуурдары ылыыга, нолуок ыстаапкаларын, төлүүр болдьохторун уонна бэрээдэктэрин уонна ону туһаныы төрүөтүн уонна бэрээдэгин олохтооһуҥҥа туһуланаллар.
Аны норуот дьокутаата бэйэтин боломуочуйатын болдьоҕун устатыгар государственнай гражданскай сулууспа уонна муниципальнай сулууспа дуоһунастарыгар үлэлиэ суохтаах диэн чопчулааһын киирдэ.
РФ Бэрэсидьиэнин Конституционнай Суутугар көрдөбүлүнэн, субъектарга РФ сокуонун туһаныы төһө сөптөөҕүн бэрэбиэркэлииргэ болдьоҕун иннинэ тохтотор түбэлтэ көрүллүбүт.
Конституцияҕа өссө аны өрөспүүбүлүкэ хонтуруоллуур-ааҕар органын – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Счетнай палаататын сүрүннүүр саҥа ыстатыйа киириэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: