Сүрүн сорук — көстүүлээх эйгэни тэрийии
Бүгүн киин куоракка «Саҥа үйэ: сонун көрүү, быһаарыы, бырайыак — аһаҕас кэпсэтии» диэн «Эйгэ» архитектурнай бириэмийэ чэрчитинэн үлэ уопутун уонна санаа атастаһар былаһаакка үлэтин саҕалаата.
Тэрээһин кыттыылаахтара үс тиэмэни ырытан кэпсэтэллэр.
Бастакы тиэмэ — улуустарга уонна нэһилиэктэргэ тупсарыы хайысхатын бырайыактарын олоххо киллэрии. Манна Горнай, Нам, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын, Сунтаар нэһилиэгин, Өлүөхүмэ куоратын баһылыктара ханнык-туох бырайыактары олоххо киллэрбиттэрин тэрээһин кыттыылаахтара бэркэ интэриэһиргээн иһиттилэр.
Иккис тиэмэ — куораттар уонна нэһилиэктэр уопсай архитектурнай көстүүлэрэ.
Үһүс тиэмэ — тупсаҕай оҥоһуулаах эйгэни оҥорууга каадырдары иитии-үөрэтии.
Тэрээһиҥҥэ дойду киин эрэгийиэннэриттэн Саха сирин куораттарын, улуустарын, нэһилиэктэрин кытта үлэлэһэр партнердар ыҥырыллан кэлбиттэрэ, тэрээһини олус үрдүк таһымнаата, кэрэхсэттэ.
СӨ кылаабынай архитектора Ирина Алексеева: «Элбэх ахсааннаах дьонноох куораттартан уонна сүүсчэкэ киһилээх нэһилиэктэн кэлэр салайааччылар биһигиттэн туруорсар боппуруостара биир: «Олоххо түргэнник киирэр судургу бырайыагы оҥорорго сүбэлээҥ» диэн. Онон бу маннык аһаҕас кэпсэтии, сүбэ, санаа атастаһыытын таһаарар инниттэн биһиги бу боппуруостарынан дьарыктанар анал идэлээх исписэлиистэри ыҥырдыбыт», — диэн бэлиэтээтэ.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, куорат буоллун, нэһилиэк буоллун, дьон олорор сирин тупсарыыга аныгылыы көстүүлээх архитектурнай бырайыактары интэриэһиргиир салайааччы элбээбитэ харахха быраҕыллар. Ол туоһута — бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ элбэх киһи мустуута.
Горнай сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэтээҕи олорор сиринэн бэйэни салайыныы уопсастыбаннай түөлбэлэрин ассоциациятын салайааччы Ксенья Васильева тэрээһини кэрэхсээбитин, хас биирдии улууска уонна нэһилиэккэ олус туһалаах үөрэх, уопут атастаһыыта буолбутун бэлиэтээтэ.
Сарсын «Эйгэ» архитектурнай бириэмийэ кыайыылаахтара анал бириэмийэлэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга тутуохтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: