Сүрүн сорук: тутууга олохтоох дьону элбэтии
Былырыын Саха сирин устуоруйатыгар дьиэ тутуутугар хаһан да буолбатах үрдүк көрдөрүү ситиһиллибитэ – 705 тыһыынча кв. м. иэннээх дьиэ киирбитэ. Оттон быйыл балаһыанньа хайдаҕый диэн Тутааччы күнүнэн тутуу миниистирэ Виктор Романовы кытта көрсөн кэпсэттим.
Сыл бастакы аҥаарыгар
– Виктор Дмитриевич, куораппытыгар көрдөх аайы таас дьиэ тутулла турар буолар. Сыл бастакы аҥаарыгар балаһыанньа хайдаҕый?
– Былырыын, статистика көрдөрүүтүнэн, 300-чэ млрд солк. тутуу үлэтэ барбыта, итиннэ олорор дьиэлэр, бырамыысыланнас тутуулара, бүддьүөтү таһынан тутуулар, о.д.а. барыта киирэллэр. Былырыын ити 300-чэ млрд-тан 62 млрд бүддьүөт тутуутугар барбыта, ити сөҕүмэр суума. Быйылгы былааммыт да итэҕэһэ суох – 40 млрд солк. Бу аҥаардас Тутуу министиэристибэтин нөҥүө барар суума. Ол курдук атын министиэристибэлэр бэйэлэрэ үбүлүүр тутуулаахтар. Бу көрүллүбүт үп улахан аҥаара дьону саахалламмыт эбэтэр хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүгэ барар.
Сыл бастакы аҥаарын туһунан этэр буоллахха, дьиэ тутуутугар балаһыанньа үчүгэй. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээн көрдөххө, былааммытын 40 бырыһыан аһара толорон иһэбит. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрбит көрдөрүүлэрэ үрдүк диэххэ сөп – 8 бырыһыан, ол оннугар улахан көрдөрүүнү чааһынай дьиэ тутуута биэрэ турар.
Ипотека, уларыйыылар
– Билигин дойду үрдүнэн чэпчэтиилээх ипотека тохтоото, атын бырагыраамалар уларыйа тураллар, итини тутуу ырыынага хайдах ылынна?
– Биһиэхэ Уһук Илиҥҥи ипотекабытын хааллардылар, 2 бырыһыаннааҕы. Былырыын Приморскай кыраай кэнниттэн иккис миэстэ буолбуппут, билигин да тутууну сүрүннээн бу ипотека хамсата турар. Балаһыанньа хайдаҕый диэтэххэ, былырыыҥҥыттан кырата суох көрдөрүүнү күүтэбит. Дьон икки сыллааҕыта ипотекаҕа ылбыт дьиэлэрэ быйыл дьэ тутуллан үлэҕэ киирэллэр. Бу сыл бүтүүтэ элбэх дьиэ Дьокуускайга киирээри турар, онно чааһынай секторы эбэн кэбис. Ол гынан баран, иллэрээ сылы, былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, быйыл атыыга барбакка турар кыбартыыра элбээбит.
– Тутууга ханнык-туох уларыйыылар киирэн эрэллэр?
– Билигин сири-уоту биир кэлимник сайыннарыы (КРТ — комплексное развитие территорий) диэн киирдэ, ол эбэтэр, бүтүн микро-оройуону тутан таһаарыы буолар. Туох баар социальнай эбийиэктэрин киллэрэн, тупсаҕай көрүҥнээн тутуохтаахтар. Урукку курдук ханна сир баарынан дьиэни тутан таһаарбаккын. Бу уопуту улуустарга эмиэ тарҕатыахтаахпыт. Дьокуускайга хас да тутар хампаанньа ити хайысханан үлэлээн эрэллэр, холобур “Спортивнай” уонна “Ленские высоты” түөлбэлэргэ үлэлэр саҕаланнылар.
Чааһынай дьиэни тутууга сокуоммут уларыйда. Эскроу-счет диэн киирдэ. Ити туох сыаллаах киирдэ диэтэххэ, эмиэ кэлим микро-оройуонунан тутууну киллэрэр сыаллаах. Санаан да көрдөххө, биһиги ким ханна, хайдах талбытынан туттабыт, онно суол да былааннаммат, уу да быһаарыллыбат, эгэ, социальнай эбийиэк тутуута кэлиэ дуо. Ол иһин нэһилиэнньэҕэ барыта биирдэ баар буоллун диэн ити быһаарыы ылылынна.
– Олору ханна тутар былааннааххыт?
– Бу саас 20-тэн тахса улуус баһылыктарын, солбуйааччыларын мунньан, бу сири-уоту биир кэлимник сайыннарыы тиэмэтигэр сэминээр ыыппыппыт. Бэйэлэрин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, ордук улуус кииннэригэр, итинник бырайыагы көрүөхтээхтэр. Маннык түөлбэ оҥоһуллар буоллаҕына, хайаан да маастар-былаан баар буолуохтаах. Кыбартаал иһигэр төһө дьиэ тутуллуохтааҕый, туох социальнай эбийиэк баара нааданый, тупсарыыта, дизайн-кода, архитектурата барыта киириэхтээх.
Тутуу матырыйаала
– Бу үлүгэр тутууга матырыйаал тиийэр дуо?
– ДьТК (ДСК) урукку 112-с сиэрийэнэн панеллары таһаарарын тохтотто. Билигин манна билиҥҥи архитектураҕа уонна дьон ирдэбилигэр сөп түбэһэр аныгы сиэрийэни таһаарар саҥа оборудование туруохтаах. Тутуу матырыйаалын быйыл эрдэттэн кэпсэтэн хааччыммыппыт, онон былырыыҥҥы курдук кыһалҕаны көрсүбэтибит. Чааһынай дьиэ маһа Иркутскайтан кэлэр, иккис сылын биир тэҥ сыананы тутан турар.
Каадыр, дьиэнэн-уотунан хааччыллыы
– Билигин улуустарга эдэр исписэлиис тиийбэтин кыһалҕата баар. Сүрүн төрүөтэ сөптөөх дьиэ-уот суох диэн. Итиннэ эһиги өттүгүтүттэн туох эрэ хамсааһын баар дуо?
– Эдэр исписэлиистэргэ диэн тустаах бырагыраама суох. Эдэр ыалларга, инбэлииттэргэ, тулаайах оҕолорго, 5-тэн элбэх оҕолоохторго, “Земскэй дуоктар”, “Земскэй учуутал” диэн бырагыраамалар үлэлииллэр. Холобур, тулаайах оҕолору дьиэлииргэ сыллата млрд солк. кэриҥэ үп тыырыллар. Улуустарга каадыр тиийбэт кыһалҕата баар, ону Ил Түмэҥҥэ киллэрбиппитин дьокутааттар өйөөбүттэрэ. Урут “Үтүө дьыала” бырагырааманан эмиэ тыа сиригэр тутуллар этэ, ол гынан баран, толору хааччыллыыта суох буолан, каадыр тохтообото. Ону быһаарар сыалтан ити хаарбах дьиэлэртэн көһөөччүлэр дьиэлэригэр 2-3 кыбартыыраны улуус дьаһалтатын хонтуруолугар хаалларарга диэн быһаарыллан эрэр. Итиннэ куонкурус буола турар, өскөтө хайа эрэ улуус куонкуруһу аастаҕына, дьаһалта биһиги биэрбит харчыбытынан кыбартыыра атыылаһар уонна улууска туох исписэлиис наадатынан көрөн ыҥыран олохтуур.
– Бас билиитигэр биэрбэттэр ини?
– Суох. Ити кыбартыыралар специализированнай олорор дьиэ пуондатыгар киирэллэр. Бу сыл бүтүүтэ ол кыбартыыралар үлэҕэ киирэн, үлэһит көһөн кэлэн олорор буолуохтаах. Эһиил отчуокка тиийэн хонтуруоллуохпут.
Өссө биир саҥа сүүрээн баар – дьиэни куортамҥа биэрии. Ити былырыыҥҥы ВЭФ түмүгүнэн ылыллыбыта, Уһук Илиҥҥэ үлэһит аҕалар сыаллаах. Биһиэхэ, Саха сиригэр, 800 кыбартыыра кубуотатын биэрбиттэрэ. Итинтэн 24 кыбартыыра Мархаҕа киирбитэ. Манна өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн кэлбит дьоҥҥо бастакы уочарат бэриллэр. Бырамыысыланнаска каадыр наада буолан, итини Дьокуускайга, Нерюнгрига, Мииринэйгэ, Алдаҥҥа киллэрбиппит. Дьокуускайга уопсайа 300 куортам кыбартыырата киириэхтээх. Тутар тэрилтэ быһаарыллан, сорох тутуу бара турар. Бу быйыл-эһиил киирэр дьиэлэр. Ол эрээри дьон өйдүөн наада, ол атын сиртэн кэлбит дьоҥҥо эрэ бэриллибэт, бэйэбит дьоммут эмиэ киирсэллэр. Холобур, Намтан дуу, Ньурбаттан дуу исписэлиис үлэлии кэлбит, ол гынан баран дьиэтэ суох буоллаҕына, бу кыбартыыраҕа хапсар бырааптаах. Ол куортам кыбартыыратыгар бэрт кыра сууманы төлөөн, харчы мунньунар уонна икки сылынан тахсан, бэйэтэ дьиэ ылынар кыахтанар. Ити дьиэҕэ икки сылга болдьохтоон олордобут, уонунан сыллар тухары олоруу буолбатах. Икки сыл иһигэр бу тастан кэлбит киһи эбэтэр дуогабара бүтэн төннөр эбэтэр хааларга санаммыт буоллаҕына, ипотекаҕа барар. Итиннэ биһиги сүрүн дуоһунас диэни киллэрдибит, хайа каадырга наадыйарын муниципалитет бэйэтэ быһаарар. Холобур, Дьокуускайга оптуобус суоппардарыгар, быраастарга наадыйаллар. Итиэннэ кыбартыыра уопсай ахсааныттан 20 бырыһыанын байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр биэриэххэ диэн буолла. Бу дьон эмтэниэхтэрин, көрдөрүнүөхтэрин наада. Улуустарга куортам дьиэтэ эмиэ наада. Быйыл ВЭФ-кэ кэлэн эмиэ дьүүллэһиэхтээхтэр, онно киирсэрдии оҥосто сылдьабыт, наадалаах бырагыраама диэн эбии кубуота биэрэн кэбиһиэхтэрин сөп. Оччоҕо улуус кииннэригэр биэрэрдии үлэлиэхпит.
– Тутуу хайысхата сөптөөх каадырынан хааччыллыылаах дуо?
– Быйыл этэҥҥэ курдук. Бэйэбит нэһилиэнньэбит тутууга үлэлиир мэхэньиисимин оҥоро сылдьабыт. Дьону тутуу идэлэригэр үөрэтэн баран, биригээдэлэри тэрийиэхпитин баҕарабыт. Тутуу үксүн сайынын ыытыллар, холобур, ханнык эрэ нэһилиэк хачыгаара кыһын хочуолунайга үлэлиир, сайынын куоракка биригээдэҕэ киирэн тутууга үлэлиир. Тастан киирэр үлэлиир дьоҥҥо ирдэбил кытаатан иһэр, ол эмиэ үчүгэй, бэлэм идэлээх кэлэллэригэр. Ону таһынан, үлэ көрдөөччү уонна үлэ биэрээччи бэйэ-бэйэлэрин эрэйэ суох булсалларын туһугар тустаах платформаны аһан, 2025 сылтан үлэлэтиэхтээхпит. Уопсайынан, инникитин олохтоох дьоммутун тутууга элбэтиэххэ диэн сорук турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: