Сүрүн ыстаапка солкуобайы быыһыа дуо?

Share

Арассыыйа баана сүрүн ыстаапкатын сылга 12,00% диэри үрдэттэ.

Арассыыйа Киин баанын дириэктэрдэрин сэбиэтэ сүрүн ыстаапкатын атырдьах ыйын 15 күнүттэн 12,00% диэри үрдэтэргэ быһаарда. Киин баан иһитиннэрэринэн, маннык быһаарыы сыана туруктаах буолуутугар кутталлаах быһыы-майгы үөскүөн сөбүттэн ылылынна. Тоҕо диэтэххэ, инфляция ыгыыта күүһүрэн иһэр.

Сүрүн ыстаапка диэн тугуй?

Сүрүн ыстаапка диэн Арассыыйа киин баана кэмиэр­чэскэй бааннарга биэрэр кирэдьиитин бырыһыана. Маны сэргэ киин баан бааннартан харчыларын харайа ыларыгар туруорар бырыһыана буолар.

Сүрүн ыстаапканы Киин баан дириэктэрдэрин сэбиэтэ эрэ олохтуур. Баанынан оҥоһуллар бары эпэрээссийэлэр бу ыс­­таапкаттан тутулуктаналлар.

Ону Арассыыйа Киин баана дойдуга буола турар экэнэ­миичэскэй балаһыанньаттан көрөн уларытар. Оттон бу уларыйыы сыана халбаҥнааһыныгар, солкуобай кууруһа үрдээһинигэр уонна, биллэн турар, баан бары бородууксуйатыгар дьа­­йар. Оттон биһиги күннээҕи аһыыр аспыт-таҥаспыт, туттар малбыт-салбыт, бэнсииммит барыта бу сүрүн ыстаапкаттан тутулуктаах диэн өйдүөххэ наада.

Арассыыйа Киин баанын сүрүн соруга – национальнай валюта кууруһун өйөөһүн уонна инфляцияны тохтотуу. Солкуобай намтааһынын иккис төрүөтүнэн хапытаалы тас дойдуга таһаарыы буолар.
Инфляция содула

Атырдьах ыйын 7 күнүнээҕи туругунан, сыллаа­ҕы инфляция 4,4% диэри улаап­пыт. Онуоха сыана үрдээһинин тэтимэ түргэтиир. Ааспыт үс ыйга хос ааҕыынан, сыллаа­ҕы үрдээһинэ, ортотунан, 7,6%-ҥа тэҥнэстэ. Эмиэ ити курдук базовай инфляция көрдөрүүтэ 7,1%-ҥа диэри үрдээтэ.

Оҥорон таһаарыыны кыаҕы таһынан кэҥэтии инфляция тэтимин күүһүрдэр уонна тастан киириигэ солкуобай кууруһун халбаҥнааһыныгар сабыдыаллыыр. Ол түмүгэр солкуобай сыаната түһэр уонна инфляция үрдүүр.

Онон инники ситиһиллибит таһымҥа сыана үрдээһинин тэтимин оннунан хаалларыы – 2024 сылга туруоруллубут соруктааҕар инфляция тосту үрдүүр кутталын үөскэтэр. Киин баан итинник дьаһанан инфляцияны 2024 сылга 4 %-ҥа төнүннэрэргэ уонна бигэ туруктаах оҥорорго суоттанар.

Экэниэмикэҕэ дьайыыта

Сүрүн ыстаапка үрдээһинэ экэниэмикэҕэ төттөрү сабыдыаллыыр. Ыстаапка үрдээһинин кытары кирэ­дьиит бырыһыана – бэйэ туһаныытыгар, биисинэһи кэҥэ­тиигэ уонна ипотекаҕа ылар үп бырыһыана бүтүннүү ­улаатар. Нэһилиэнньэ дьиксинэн, кирэдьиити ылартан туттунар, оччотугар баан бородууктатын туһаныы намтыыр. Бу инфляция түһүүтүгэр сабыдыаллыыр, экэниэмикэ сайдыытын бы­­таардар. Тоҕо диэтэххэ, оҥорон таһаарааччы үксэ кирэдьииккэ олорор, онон бородууксуйатын кээмэйин аччатар, сыанатын үрдэтэр.

Ол эрээри, сүрүн ыстаапканы үрдэтии сыана үрдээһинин тэтимин бытаардар диэн исписэлиистэр быһаараллар. Аны туран, уурунуулаах дьоҥҥо, ыстаапка үрдээһинэ үчүгэйдик сабыдыаллыыр, тоҕо диэтэххэ, уурунуу бырыһыана эмиэ үрдүүр.

Айманыыны таһаарбат сыалтан

Солкуобай атын тас дойдулар үптэригэр-харчыларыгар сыһыанын туһунан суру­йан турабыт. Оттон Арассыыйа Киин баанын маннык дьаһаныыта солкуобайы быыһыа дуо?

«Коммерсант» суруйарынан, Арассыыйа Киин баана сол­­куобай кууруһа халбаҥнааһыныттан айманыыны таһаарбат сыалтан сүрүн ыстаапканы үрдэттэ. Киин баан балаҕан ыйын кэтэспэккэ, от ыйыгар уонна атырдьах ыйыгар сол­куобай кууруһа биллэрдик түһэн, маннык быһаарыныыны ылынна.

Киин баан матырыйаалларыттан көрдөххө, инфляция үрдээһинэ тастан киирэр бородууксуйа сыаната ыарааһынын кытары сибээстээх, нэһилиэнньэ «импортан» аккаастаныан баҕарбатын содула диэн бы­­һаараллар.

Эспиэрдэр Киин баан ыс­­таапкатын үрдэтиитин хойу­таан ылыммыт быһаарыныынан сыаналыыллар. Кинилэр төһө даҕаны ыс­­таапканы үрдэттэллэр, көдьүүһэ кыра буолуо дииллэр. Кыһалҕа төрдө – үп-харчы тас дойдуга хоточчу тахсарыгар уонна үп үспүкүлээссийэтигэр сытар диэн быһаараллар.

Солкуобай сыанатын түһэрбэт туһуттан, валютаны тас дойдуга таһаарыыны хааччахтыахха уонна үп-харчы кууруһунан «оонньуур» дьону накаастыахха наада диэн этэллэр.

Үп кириисиһэ буолуо дуо?

Чугастааҕы кэмҥэ үп ки­­риисиһэ буолуо дуо? Манна эспиэрдэр араас санаалаахтар. Билиҥҥи солкуобай кууруһа халбаҥныы турар, туруга суох кэмигэр туох баҕарар буолуон сөп, ол эрээри экэниэмикэни анаарааччылар Киин баан хо­­йутаан даҕаны буоллар, кириисистэн тахсар суолу тобуларын бэлиэтииллэр.

Эспиэрдэр баантан иэс ­ылааччы элбэх, олор сыана халбаҥнааһыныттан, солкуобай кууруһа намтааһыныттан сибээс­­тээн иэстэрин төлүүр кыаҕа суох буолан хаалар түгэннэрэ үөскүөн, ол уһун кэмнээх үп-харчы кириисиһигэр тириэрдиэн сөп диэн бы­­һаараллар.

Оттон банкирдар, хам­паанньалар уонна нэһилиэнньэ бааҥҥа иэһин төлүү олорор, кирэдьиити ылыы сөбүгэр соҕус диэн этэллэр. Ол эрээри сорох баан үлэһиттэрэ биир идэлээхтэригэр «эрэбилэ суох» иэс ылааччыларга хааччах­тааһыннары оҥорорго ыҥыраллар. Сорохтор билигин кыра үп тэрилтэлэрин үлэлэрин кытаатыннарар наадатын итиэннэ кэмиэрчэскэй бааннар иэстэрин сүтэрэр түгэннэригэр улахан солбук уурунуулаах буолуохтаахтарын бэлиэтииллэр.

Афанасий Лугинов, «Газпромбанк» баан Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрин солбуйааччы:

— Арассыыйа баанын сүрүн ыстаапкатын үрдэтиитэ омук валютатыгар сыһыаннаан солкуобай кууруһун мөлтөөһүнүгэр хардарыыта буолар. Солкуобай мөлтөөһүнүн РФ Бырабыыталыстыбата дойдуттан атыыга таһаарыыны уонна атыылаһан киллэриини тэҥнээһининэн уонна дойдуттан элбэх хапытаал таһаарылларынан  быһаарар.

Тоҕо итинник гынарый? Мөлтөөбүт солкуобай ханнык даҕаны түгэҥҥэ сыанаҕа дьайар, тоҕо диэтэххэ, бэл, Арассыыйаҕа оҥоһуллар табаарга барытыгар кэриэтэ, омук бородууксуйата туһаныллар (бородууксуйа суута-хаата, оҥорон таһаарар оборудованиета, ингредиеннэрэ, о.д.а).

Арассыыйа Киин баанын сүрүн соруга – национальнай валюта кууруһун өйөөһүн уонна инфляцияны тохтотуу. Солкуобай намтааһынын иккис төрүөтүнэн хапытаалы тас дойдуга таһаарыы буолар. Ону учуоттаан, сүрүн ыстаапка үрдээһинэ кирэдьиит уонна бааҥҥа уурдарыы (депозит) бырыһыаннар үрдээһиннэригэр сабыдыаллыа.

Арассыыйа бүддьүөтүгэр сүрүн ыстаапка үрдээһинэ эбии ноҕуруусканан буолуоҕа, тоҕо диэтэххэ, биирдиилээн дьоҥҥо уонна юридическай сирэйдэргэ чэпчэтиилээх кирэдьииттэри биэриигэ намыһах ыстаапкалары олохтооһун араастаһыытын, ночоотун бүддьүөт толуйар. Онон бүддьүөт кыаҕа хааччахтааҕынан сибээстээн, сүрүн ыстаапка үрдээһинэ уһуннук барыа суоҕа диэн сабаҕалыахха сөп. Ыстаапка солкуобай кууруһа уонна инфляция туруктаах буолла даҕаны урукку курдук намтыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

8 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

8 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

9 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

9 часов ago