Салгыы
Андрей Находкин: «Сыспай сиэллээҕи иитиигэ үбүлээһин үрдээтэ» (ВИДЕО)

Андрей Находкин: «Сыспай сиэллээҕи иитиигэ үбүлээһин үрдээтэ» (ВИДЕО)

22.03.2023, 10:25
Хаартысканы А.Находкин ыытта
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 21 күнүгэр Амма улууһугар Сылгыһыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күнэ бэрт сэргэх буолла. 

Биллиилээх сылгыһыт, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Тимофей Спиридонович Лукин төрөөбүтэ 110 сылын уонна И.Я.Строд аатынан тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ федеральнай суолталаах сылгы собуотун аатын ылбытын бэлиэтээһин чэрчитинэн ыытылынна.

Бу үрдүк суолталаах тэрээһин туһунан СӨ Судаарыстыбананй Мунньаҕын (Ил Түмэн) норуодунай дьокутаата Андрей Находкин маннык кэпсээтэ:

-Аммаҕа сылгыһыттар түһүлгэлэрэ буолан ааста. «Сылгыһыт күрэхтэһиитигэр» 11 улуустан 19 хамаанда кыттыыны ылла. Күрэхтэһии буолан баран, үрдүк күүрүүлээх, ыһыылаах-хаһыылаах, кыһыылаах түгэннэрдээх бөҕө буоллаҕа дии. Олохтоохтор бэркэ тэриммиттэрин иһин улахан махталбын тиэрдэбин! Күрэхтэһии кэнниттэн, “Сүөһү “Кормопроизводство” бырагырааманан 11 МТЗ-82 тыраахтар күлүүһүн  Амма нэһилиэктэрин 11  хаһаайыстыбатыгар туттарыы улахан сэҥээриини ылла. Бу бырагыраама ирдэбилин быһыытынан, өрөспүүбүлүкэ 50 %,  хаалбыт 50 % улуус, нэһилиэк, хаһаайыстыба уйунар. Сири оҥоруунан дьарыктанааччыларга бэртээхэй өйөбүл, хайа баҕарар улуус бу өйөбүлүнэн туһаныан сөп.

Күн иккис аҥаарыгар үгэскэ кубулуйбут “төгүрүк остуол” тэрилиннэ. Сыралаах үлэлэрэ сыаналанан, сылгыһыттарга элбэх наҕараада туттарылынна.

Урукку өттүгэр наар тирээн турар кыһалҕалары быһаарсыы түмүгэр, хайдах эрэ биир сиргэ тэпсэҥнээһин, кэпсэтиинэн муҥурданыы, бэйэ-бэйэҕэ сытыы соҕус боппуруостары кэккэлэтэн баран, ол быһаарыыта хайдах буолуохтааҕа биллибэт курдук буолара.

Быйыл “муус оннуттан хамсаата” диэхпин баҕарабын. Бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ өртүттэн үбүлээһини лаппа улаатыннардыбыт. Былырыын сылгы иитиитигэр 259 мөл. солкуобай көрүллүбүт буоллаҕына, бу сылга — 569 мөл.солк.

Биэ төбөтүгэр барыта 94 мөл. солк.этэ, быйыл — 331 мөл.солк. Үбүлээһин үрдээбитин Сылгыһыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күнүгэр кэлбит бары кыттааччылар бэлиэтээтилэр. Кэпсэтии сүрүн ис хоһоонун түмүгэр бары көмөлөөн үлэни тэрийиэҕиҥ диэн буолла. Ити туһунан туран эппит дьон бары бэлиэтээтилэр. Сылгыны иитиигэ инники өттүгэр киэҥ кэскил, үтүө саҕалааһын баарын “Нөмүгүтээҕи килиэп собуотун” дириэктэрэ, “Дьөһөгөй» тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин тэрийбит Вячеслав Анатольевич Нестеров этиититтэн иһиттибит. 2100 сыспай сиэллээҕи 15 тыһ.га сиргэ иитэн-аһатан турарын, хайдах дьаһанан олороллорун, сылгыһыты үрдүк хамнастаабыттарын, материальнай-техническэй базаны аныгы таһымҥа таһаарбыттарын, инникитин эти оҥорууну (переработката) олус күүскэ, киэҥник, аныгылыы киллэрэр былааннаахтарын бары да сэҥээрэ, сэргии иһиттибит. Улахан биисинэс ити курдук тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар киирдэҕинэ эрэ, биллэр хамсааһыннар тахсалларын өссө төгүл итэҕэйдибит. Манна даҕатан эттэххэ, Сунтаарга “Татыйыына” атыы-эргиэн тэрилтэтин салайааччыта Нина Герасимова хороҕор муостааҕы иитиигэ ылсыбыта эмиэ үтүө түмүктэри номнуо биэрэн эрэр.

Элбэх эдэр сылгыһыт баар буолбута харахха быраҕыллар. Бу салааны өссө күүскэ өйөөтөхпүтүнэ, үлэлиэн баҕалаах дьоҥҥо, биисинэскэ утары бардахпытына, түмүктэр өссө үчүгэй буолуохтара. Мунньаҕы  ытыктыыр киһибит, үтүөлээх сылгыһыт Винокуров Николай Тимофеевич (Өймөкөөн) сүбэ-соргу тылларынан түмүктээбитэ суолталаах буолла.

Уопсайынан, бу быйыл буолбут көрсүһүү хайдах эрэ сылгы иитиитигэр хамсааһын тахсыбытын, кэскил баарын көрдөрдө.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: