Сыспай сиэллээх, ураа муостаах үөскүүр үтүө дойдута
Бэҕэһээ сарсыарда эрдэттэн суруналыыстар уонна блогердар тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров көҕүлээһининэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьоҕус уонна тэриллиилээх хаһаайыстыбаларыгар миэстэтигэр тиийэн тыа сирин олоҕун, хаһаайыстыбалар, ыччат тугу үлэлээн-хамсаан олорорун илэ харахпытынан көрөн, эт кулгаахпытынан истэн кэллибит.
Бэлиэтээн эттэххэ, тыа хаһаайыстыбата маннык элбэх киһилээх пресс-туру эрдэ оҥоро илигэ. Миниистир оптуобуһунан бииргэ айаннаан иһэн маннык ураты форматы тутуспуттарын, саҥа суоллары көрдүллээрин, тыа хаһаайыстыбатын билиҥҥи балаһыанньатын туһунан кэпсээтэ.
Кини өрөспүүбүлүкэҕэ ас-үөл баар буолуутун хааччыйар туһугар агропромышленнай комплексы сайыннарабыт, биһиэхэ оҥорон таһаарыыны саҥалыы сайыннарар, аныгы технологиялары туһанар, үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйаны ситиһиилээхтик оҥорор тыа хаһаайыстыбаларын тэрилтэлэрэ элбэхтэр диэн бэлиэтээтэ.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин көҕүлээһининэн билиҥҥи кэмҥэ туох уларыйыылар буолалларын илэ харахпытынан көрөр, күн бокуойа суох үлэлии сылдьар пиэрмэрдэри, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар үлэһиттэрин кытары миэстэтигэр тиийэн кэпсэтэр кыахтаммыппытыттан биһиги, суруналыыстар, астынныбыт.
Ол курдук бэҕэһээ, ааттаах эрдэ туран, тыҥ хатыыта айаннаан, Аллараа Бэстээххэ тиийэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын Дмитрий Тихоновы кытары көрүстүбүт. Салгыы былаан быһыытынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообутугар бастыҥ үлэлээх «Алаас-Ас», «Хорообут», «Хорообуттааҕы», Чүүйэҕэ «Чүүйэ», Хараҕа фермер сылгытын баазатын, Майаҕа эдэр миэрмэр-блогер Масаха Мэхээс хаһаайыстыбатын көрдүбүт. Аара Суола үрэхтэн тарҕанар И.Г.Тимофеев аатынан Хорообут нүөлсүтэр систиэмэтин быһытыгар таарыйан аастыбыт.
Айаннаан иһэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Иннокентий Семенов үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээтэ.
Тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта
Начаалынньык этэринэн, 2024 сыл саҥатыгар «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта» муниципальнай тус сыаллаах бырагыраамаҕа улуус бүддьүөтүттэн 55 мөл. 299 тыһ. солкуобай көрүллүбүт. Сыл түмүгэр бу сыыппара 57 мөл. 534 тыһ. солк. тэҥнэспит. Ол иһигэр улуус баһылыгын Граныгар 9 нэһилиэк кыттыбытыттан, Тараҕай уонна Тарат нэһилиэктэрэ кыайан 6-лыы мөлүйүөн солкуобай үбү ылан, бырайыактарын олоххо киллэрбиттэр.
Сүөһү иитиитинэн 10 тэрээһиннээх хаһаайыстыба, 1 көмө хаһаайыстыбата (Дьабыыл нэһилиэгин агро хайысхалаах оскуолата), 199 бааһынай хаһаайыстыба, 1861 кэтэх хаһаайыстыба дьарыктаналлар эбит. Улууска 2 хаһаайыстыба “Хорообут” ХЭТ уонна “Тумул” ТХПК дойдуга симментал боруоданы иитэр племенной репродуктордарынан буолаллар. Саха ынаҕын иитэр базовай хаһаайыстыбалар бааллар. Аркадий Дмитриев бааһынай хаһаайыстыбатыгар 84 төбө уонна Александра Игнатьева бааһынай хаһаайыстыбатыгар 54 төбө, «Саха сүөһүтэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи генофонд тэрилтэтин салаатынан буолар Өргөннөөх учаастагын хаһаайыстыбатыгар 102 төбө иитиллэн турар.
Сылгы иитиитинэн 13 тэрээһиннээх хаһаайыстыба, 3 көмө хаһаайыстыба (Хаптаҕай, Хорообут, Майа сэлиэнньэтин В.П. Ларионов аатынан агро хайысхалаах оскуолалара), 123 бааһынай хаһаайыстыба, 1030 кэтэх хаһаайыстыба дьарыктаналлар. Улууска 76 сылгы баазата баар.
Улуус үрдүнэн ынах-сүөһү уонна сылгы көрдөрүүтэ куһаҕана суох. Ол эрээри сүөһү төбөтүн ахсаана аччааһына кыралаан баар эбит. Начаалынньык Иннокентий Семенов ол төрүөтүнэн хас да биричиинэни ааттаата.
«Бастатан туран, сүөһүнү көрөр дьоммут сааһырдылар. Уопсай сүөһү ахсааныттан 63,9%-нын кэтэх хаһаайыстыбалар иитэллэр, кинилэр орто саастара 55-67 диэри. Онон бу дьоммут сааһыран, ыарахан үлэни кыайбат буолан, хаһаайыстыбаларын эһэллэр, сыллата төбө ахсаанын аччаталлар. Иккиһинэн, сүөһү иитэр эбийиэктэрбит эргэрдилэр. Үсүһүнэн, саҥа саҕалыыр пиэрмэрдэргэ от оттуур ходуһабыт тиийбэт», — диэн кини быһаарар.
Идэтин толору баһылаабыт салайааччы үлэтин бары салаатын уһуннук-киэҥник кэпсээтэ. Биир үчүгэй көрдөрүүнэн сүөһүнү буоһатыы буоларын кэпсээтэ. 2024 сылга 4250 ынаҕы буоһатыы былааннаммыт, онтон 4205 төбө сиэмэлэммит. Бу үчүгэй көрдөрүү диэҥҥэ киирсэр, инньэ гынан быланнарын 98% толорбуттар.
Саҥа сүүрээн
Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, сүөһү ахсаанын элбэтиигэ уонна сонун сүүрээннэри өйүүргэ муниципальнай уонна судаарыстыбыннай көмөлөрүнэн Тарат нэһилиэгэр 100 төбөҕө, Тиэлиги нэһилиэгэр Н.И. Данилова бааһынай хаһаайыстыбатыгар 50 төбөҕө, Нөөрүктээйи нэһилиэгэр “М.Егорова” ХЭТ-кэ 120 төбөҕө хотону үлэҕэ киллэриигэ көмө көрүллүбүт. Оттон “Хорообут” хаһаайыстыбатыгар газгольдер холбооһунугар көмө оҥоһуллубут.
Тус сыаллаах бырагарааманан улуус бүддьүөтүттэн эмиэ көмө оҥоһуллубут. Ол курдук 5 хаһаайыстыба техническэй баазатын бөҕөргөтүүгэ, өрөспүүбүлүкэ таһыттан сүөһүнү атыылаһыыга биир тэрээһиннээх хаһаайыстыбаҕа 25 төбөҕө харчы көрүллүбүт. Боруоданы тупсарыыга улууска уопсайа 25 төбө ынах сүөһү, 52 төбө сылгы атыылаһыллыбыт. 2961 кууруссаны аҕалтарыыга, кыстыкка сүөһүлэргэ 244 туонна чэпчэтиилээх комбикорму, сылгыларга 374 туонна чэпчэтиилээх эбиэһи атыылаһарга тыырыллыбыт. Ону таһынан кэнники сылларга бөрө элбээн, адьырҕа ахсаанын аҕыйатарга 700 тыһ. солкуобай көрүллүбүт, ол эбэтэр биир бултаммыт бөрөҕө 50 тыһ. солкобай төлөммүт.
Сир-уот
Мэҥэ Хаҥалас улууһун үрдүнэн 118 771 га тыа хаһаайыстыбатын сирэ баар, ол иһигэр 9582 га бааһына, 6456 га оһорбо, 51 902 га оттуур ходуһа уонна 48 330 га мэччирэҥ сирэ. Бары көрүҥ хаһаайыстыбалар ыһыыларын уопсай иэнэ 5217 га эбит. Ол иһигэр туораахтаах култуура ыһыллыбыт иэнэ 1409 гаҕа тэҥнэһэр. Оттон сүөһү эбии аһылыгар анаан ыһыллыбыт култуура уопсай иэнэ 2670 га, ол иһигэр биир сыллаах от (эбиэс) 849 га, элбэх сыллаах от – 1821 га. Хортуоппуй 570 га иэннээх сиргэ олордуллар, онтон оҕуруот аһа 135 гаҕа. Эһиилги ыһыыга бэлэмнээн 1313 га бааһына паардаммыт.
Күһүҥҥү хомуур түмүгүнэн, 1250 га бааһынаттан уопсайа 911 туонна туорахтаах култуура хомуллубут, онон былаан 58% туолбут. 6212 туонна хортуоппуй хомуллубут. Орто үүнүүтүн көрдөрүүтэ уопсайа улуус үрдүнэн 109 цн/га. Быйыл 2513 туонна оҕуруот аһа хомуллубут. От оттооһуна даҕаны куһаҕана суох. Мобильнай биригээдэлэри ааҕан туран, 39 998 туонна от оттоммут. Уопсайа 136 туонна сүөһүгэ эбии аһылык сенаж бэлэмнэниллибит. Сиилэс уопсайа 1113 туонна 56% былаантан (2200 тонна). Курааннаабыт уонна сирдэрэ тиийбэт нэһилиэктэргэ анаан 18 мобильнай биригээдэ тэриллэн 2135 туонна оту бэлэмнээбит. Мобильнай биригээдэлэргэ өрөспүүбүлүкэттэн 2 965 813 солк субсидия көрүллүбүт, улуустан 22,4 туонна убаҕас уматык бэриллибит.
Ас соҕотуопката
Улуус үрдүнэн уопсайа 5546 туонна үүт ас соҕотуопкаланара былааннаммыт. Үүтү улууска 8 тэрээһиннээх хаһаайыстыба уонна 108 бааһынай хаһаайыстыба дуогабар түһэрсэн туттараллар. Кэтэх хаһаайыстыбалар (47 хаһаайыстыба) соҕотуопкалааччыларга уопсай кээмэйинэн 63,25 туонна үүтү туттарбыттар.
Ааспыт сылга эт соҕотуопкатыгар сыл түмүгүнэн, ынах этэ 80 туонна, убаһа этэ 23 туонна былааннаммытыттан туолубут.
Хортуоппуйу атыылаһыыга уонна да атын оҕуруот аһын атыылаһыыга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субсидия көрүллүбүт.
Уопсайа 618 туонна бурдугу туппуттар. Ол курдук, «МТС» ХЭУо 374 туонна бурдугу тиэйэн, оройуон хаһаайыстыбаларыгар 12,5 солкуобайга атыылаабыт. Киилэтигэр 7 солк. субсидия көрүллүбүт. Десяткин Тимур Борисович ИП хороҕор муостаах эбии аһылыгын оҥороругар 244 туонна бурдугу ылбыт.
Тутуу
Үүтү-эти астыыр тэрилтэлэр материальнай-техническэй баазаларын тупсарыыга «Улуус агропромышленнай комплексын сайыннарыы» муниципальнай тус сыаллаах бырагырааманан «Хоту» СХПК убуойнай пууҥҥа тоҥорор оборудованиены, «Алаас Ас» СХПК ууну ыраастыыр оборудованиены, Жирков Д.К. ИП ГКФХ сэпэрээтэр ыларга, «Якутнацпродукт» СХПК морозильнай камераны атыылаһарга, «Павловскайдааҕы үүт собуота» СПК өрөмүөҥҥэ өйөбүл ылбыттар.
Ааспыт «Агростартап» көмө гранын 4 хаһаайыстыба ылбыт. Оттон “Дьиэ кэргэн фермата» куонкурска икки бааһынай хаһаайыстыба кыттан Н.И. Данилова бааһынай хаһаайыстыбата 50 төбөҕө хотон тутуутугар уонна Е.П. Иванов көтөр салаатын сайыннарыыга көмө ылбыттар.
Ити курдук Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбата сайдар, саҥа хайысхалар, технологиялар туһаныллаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: