Сыстыганнаах ыарыылар сүрэх үлэтигэр дьайаллар
Киһи сүрэҕэ үчүгэйдик үлэлиирин туһугар хаан баттааһынын сэргэ, биил кэриҥин (кээмэйин) эмиэ хонтуруолланыахха наада эбит. Араас инфекциялар сүрэх-тымыр ыарыыта үөскүүр кутталын улаатыннараллар, онуоха ханнык быраабылалары тутуһуохха сөбүн исписэлиистэр сүбэлииллэр
— Сүрэх тигинэччи үлэлииригэр элбэх чахчы дьайар. Ол иһигэр, COVID-19, гириип уонна да атын инфекциялар быһаччы сүрэх былчыҥын ыарытыннарыахтарын эбэтэр тымырдарга сүһүрүү саҕаланыан сөп. Ол аата инсульт, инфаркт, миокардит, сүрэх тэтимэ кэһиллиитин, атеросклероз кутталын улаатыннараллар. Холобур, коронавирус инфекцията тыҥа нөҥүө киирэр, ол кэнниттэн сүһүрүү барар, атеросклеротическай бляшкалар ньуурдарыгар хаан бөлөнөҕө (тромба) үөскүүр. Ол бөлөнөхтөр хорук тымыры бүөлүөхтэрин сөп, ол эбэтэр инфаркт уонна эбэтэр инсульт ыарыыларыгар тириэрдиэхтэрин сөп.
Ол эрэн, атын сыстыганнаах ыарыылар сүрэх уонна тымыр туругар арыый да мөлтөхтүк дьайаллар. Сыстыганнаах ыарыылар ордук кырдьаҕастарга кутталлаахтар — сааһыран истэх аайы хаан сүүрэр тымырдара мөлтөөһүннэрэ саҕаланар. 65 саас кэнниттэн кинилэр 80 бырыһыаннара хааннарын баттааһына үрдүүрүн (гипертониялаахтарын) билэллэр. Ити, биллэн турар, доруобуйаҕа эбии ноҕурууска.
ЫЙААҺЫН ЭБИЛЛИИТЭ
— Өссө биир куттал — ыйааһын эбиллиитэ. Ол эбэтэр, эр дьоннор 102 сантиметртан, дьахталлар 88 сантиметртан ордук бииллэнэллэрэ кутталлаах. Онтон хааннарын баттааһына 140/90 аһарыа суохтаах.
Хас биирдии сүрэх-тымыр ыарыыта биһиэхэ сэрэтии ыытар, ону «истиэххэ», сэрэхэдийиэххэ наада.
Организмҥа хаан сүүрэрэ мөлтүүрүгэр (сердечная недостаточность) аҕылааһын күүһүрүөн сөп. Сүрэх тэбиитэ кэһиллиитин туһунан сүрэх сотору-сотору эбэтэр күүскэ тэбэн, сүрэх үлэтэ тохтоон ыларын курдук туругунан биллэрэр. Хаан баттааһына үрдээһиниттэн дьиксинии төрүөтүнэн ыарыһахтар урут иһэр таблеткалара хаан баттааһынын түһэрэр көдьүүстэрэ уруккутааҕар намтааһына буолар.
Сүрэх доруобай сылдьарыгар эмчиттэр үс быраабыланы тутуһарга сүбэлииллэр.
1. Гирииптэн, COVID-19 быһыыны ылыы. Быһыы ылбыт киһи сыстыганнаах ыарыыга сыстыан сөп, ол эрэн, ыарыыны чэпчэкитик аһарар. Ол аата инфекционнай уонна сүһүрдэр процесстар күүстэрэ мөлтөх буолар, хаан бөлөнөхсүйэр куттала кыра.
2. Биилгит кээмэйин мээрэйдээҥ. Искэр баар сыа сүрэх-тымыр систиэмэтигэр ордук кутталлаах.
3. Чөл олоҕу тутуһуҥ. Тууһу уонна арыгыны хааччахтааҥ, табахтыыртан аккаастаныҥ (электроннай сигареталартан эмиэ), элбэхтик хамсаныҥ (үлэлиир былчыҥнар – хаан баттааһына үрдүүрүн утарсарга бэрэбиэркэлэммит сириэстибэ).
ЭМКИН ИҺЭРГИН ТОХТОТУМА
— Сүрэх-тымыр ыарыылара, уруккутун курдук, аан дойдуга өлүү сүрүн төрүөтүнэн буолаллар.
Кэнники сылларга сүрэх-тымыр ыарыылара элбиир кутталларын сүрүн чахчылара билиннилэр. Ону таһынан бу ыарыылары сэрэтэргэ чөл олоҕу тутуһуу, тарҕатыы көдьүүстээҕинэн сибээстээн, эмтэнии көдьүүстээх уонна куттала суох ньымалара оҥоһулуннулар.
Ол да буоллар, дойду регистра көрдөрөрүнэн, сүрэх ишемическэй ыарыылаахтара кардиология балыыһатыгар киирэллэригэр 15 % эрэ, онтон тахсалларыгар – 69 %, 4 уонна 7 сыллаах кэтээн көрүүнэн, 41 % уонна 35 % эрэ иһэллэр. Бу үксүгэр ыарыһахтар эмтэнэргэ кыһамньылара намырыырын уонна үчүгэй буоллубут дии санаатылар да препараттары иһиини тохтотоллорун кытта сибээстээх. Оттон билигин препараттары ыарыһах инсуллаабытын, инфарктаабытын эбэтэр сүрэҕин эпэрээссийэлэппитин кэннэ икки сыл устата босхо биэрэллэр. Түмүгэр соччо бэрдэ суох статистика тахсан кэлэр. Иккистээн инфарктыыллар, эрдэ инбэлииккэ тахсаллар, организмҥа хаан эргийэрэ мөлтүүр.
Сүрэх-тымыр ыарыыта үксэ – ааһан-араҕан биэрбэт ыарыы. Онон, эмтээх препараттары иһии эрэсиимин тутуһуллар. Уопсайынан, сүрэх ыарыылаахтарга оскуолалар тэриллиэхтээхтэр. Маннык оскуолалар соруктара – эмтэнээччилэр ыарыыларын туһунан иһитиннэриини күүһүрдүү, онон эмтиир уонна сэрэтэр дьаһалларга элбэхтик уонна көхтөөхтүк кыттыы.
Эмтэнээччилэр уонна мэдиссиинэ үлэһиттэрин холбоһуктаах күүстэринэн эрэ нэһилиэнньэ сүрэх-тымыр ыарыытыттан өлүүтүн көрдөрүүтүн кыччатар кыах баар.
Надежда ЕГОРОВА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: