Сүтүк тахсара тохтообот

Share

Күн-дьыл туругун көрдөххө, быйыл кыһыммыт арыый хойутаан кэлэн иһэр курдук.  Онон сорох тыа сирин дьоно идэһэлэрин хойутаан тутуннулар. “Оппутун таах барыы турабыт”, – дииллэр.   

Дьыл хойутаабытыттан сылтаан, сүөһү хойу­таан хотоҥҥо киирэн, күөл, үрэх мууһа ситэ тоҥо илигиттэн ууга түһүүтэ эҥин тахсара баар суол. Тустаахтарга орос­куот да буоллаҕа. Социальнай ситимнэринэн быйыл алтынньы бүтүүтүн эргин, онно тыһаҕастары, манна борооскулары көрдүбүт, маннык нэһилиэктэр киэннэрэ буолуон сөп диэн дьон сүтүктэрин булалларыгар көмөлөһөр ис хоһоон­ноох биллэриилэр тарҕанар этилэр.

Кыстыкка киириигэ сүөһүлээхтэр, сылгылаахтар баҕа санаалара биир буолар – кыстыгы этэҥҥэ туорааталлар диэн.

Кыстыкка киириигэ сүөһүлээхтэр, сылгылаахтар баҕа санаалара биир буолар – кыстыгы этэҥҥэ туорааталлар диэн. Ол эрээри хороҕор муостаахпытын, сыспай сиэл­лээхпитин араас моһоллор күүтээччилэр.

Быйыл федеральнай суолга олорор Аһымаҕа сүөһүнү-сылгыны түҥнэри көтүү 12 түбэлтэтэ бэлиэтэммит

Сууттамматаххына – үөрүү

Горнай улууһун Аһыма сэлиэнньэтиттэн тыа хаһаа­йыстыбатын исписэлииһэ Станислав Андреев 8 саас­таах атыыр оҕуһа бөһүөлэккэ киирэр аартыкка  өлө сытар хаартыскатын булан ыыппыта. Бу, дьиҥэ, 2021 сыллаахха тахсыбыт түгэн.

Иитэр баайын массыына түҥнэри көттөҕүнэ  буруйдааҕы булан, төлөттөрөллөрө буолуо дии саныырым. Онтум баара, хата, сүөһү хаһаа­йына бэйэтэ буруйдаах аатыран, сууттаныан да сөп эбит. Тоҕо диэтэххэ, сүөһү барыта бостууктаах буолуохтаах диэн сокуон ирдиир. Бэйэлэрэ да араас төлөбүрдэргэ, кирэ­дьиит хабалатыгар  баттатан сылдьар тыа  сирин дьоно, баҕарбыттарын да иһин, хамнас­таан бостуук туталлара ыарахан ини.

– Ааспыты аҕыннахха, аҕыс саастаах  үчүгэй атыыр оҕуспун улахан массыына үлтү көтөн турардаах. Приморьеттан кэлбит массыына этэ. Ол быһы­лаан түмүгэр оҕуспут таах сыбаалкаҕа соһуллубута, сайылыкка олорор буолан, сарсыныгар биирдэ билбиппит, хаана иһигэр баран хаалбыт, сыттаммыт этэ. Биһиги массыыналаах киһи үҥсүбүтүгэр албакааттанан эҥин… Кэнники тоҕо эрэ сүттэ, – диир оҕуһуттан ытыс соттубут Станислав Яковлевич.

Кини исписэлиис быһыытынан бэйэтэ ааҕарынан, быйыл федеральнай суолга олорор Аһымаҕа сүөһүнү-сылгыны түҥнэри көтүү 12 түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Дьэ, бу көрөргүт курдук, маннык түҥнэри көтүү түмүгэр сүөһүбүт да ахсаа­на аҕыйыыр, дьон идэһэлэриттэн да мэлийэн эрдэхтэрэ. Хата, нэһилиэктэрин баһылыга Савва Данилов суол бэлиэтин туруортарбыт, 15 км иһинэн сүөһү баар диэн. Ол бэлиэ кэм абыраан, эрэх-турах сананан эрдэхтэрэ дии саныыгын.

– Суол үлэһиттэрэ тыраас­саҕа өр сыллааҕы от сиэмэтин ыһаллар, онтуктара хойукка диэри күп-күөх үүнэр, ону сылгы,  сүөһү сөбүлээн сиэн,  куруук тыраасса кытыытынан мэччийэллэр, ол онно ыллараахтыыллар. Биллэн турар, тустаах сулууспалартан ирдэбил буолуо эрээри, атын соҕус ньыманан сир кырсын кытаатыннараллара буоллар, – диэн санаатын үллэһиннэ кини салгыы.

Онон бу Аһыма курдук суол кытыытынан олорор бөһүөлэктэргэ сүөһүгэ уонна сылгыга олус кутталлаах буолбут.

“Биэс сүөһүтүттэн ытыс соттубут”

Эмиэ бу улуус Одуну нэһилиэгэр суолга сыл аайы кэриэтэ сылгыга, сүөһүгэ сыһыан­наах саахал тахсарын туһунан тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Алена Васильева чопчулуур. Ол курдук, быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны улахан саахал тахсыбыт. Биир бааһынай хаһаа­йыстыбата сайылыкка көһөн истэҕинэ, 5 сүөһүтүн түҥнэри көппүттэр. Дьэ, иэдээн.

Быйыл Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Людмила Жиркова этэринэн, үс сүөһүнү үлтү көппүттэр. Бу курдук, төһөнү  баҕарар холобурдуохха сөп.

Дьокуускай куорат таһынаа­ҕы Тулагы-Киллэм нэһилиэгин баһылыга Егор Попов быйылгы сылга уоруу, үлтү көтүтүү тахсыбатаҕын этэн туран, ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин, чуолаан, участковайдары кытта нэһилиэнньэ ортотугар сэрэтэр үлэ үчүгэйдик ыытыллара көмөлөөҕүн бэлиэтээтэ.

Дьэ, ити курдук, идэһэ буолуох эбэтэр үөскээн-тэнийэн элбиэх  айылаах сүөһүбүт-аспыт араас моһоллорго түбэһэн, аҕыйаан иһэрэ хомолтолоох. Этэргэ дылы, сотору ыччат таптаан сиир соялаах этинэн эм­­сэхтэнэрбит буолуо.

Горнайга:

Ынах этэ –

700-750-800 солк.

Убаһа –

700-800-850 солк.

Иһин кэмпилиэгэ –

15000 солк.

Дьааҥыга:

Убаһа этэ –

1000 солк.

Мэҥэ Хаҥаласка:

Баайтаһын этэ –

800-850 солк.

Тиҥэһэ-тыһаҕас –

800 солк.

САНАА

Игнатий Колодезников, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэтэри­нээ­рийэ управлениетын салайааччыта:

–  Биһиги бары иитэр сүөһүбүт-аспыт этэҥҥэ буолуон баҕарабыт. Ол эрээри сыыппара хараҕынан кэпсээтэххэ, бу сыл 9 ыйын  түмүгүнэн 1433 төбө  ынах сүөһү өлбүтүттэн сыстыгана суох ыарыыттан 325 төбө өлбүт (ол эбэтэр, уопсай өлүү ахсааныттан 22,6 %). Атын ыарыыны кытары сибээһэ суох төрүөттэн –1108 төбө, ол эбэтэр 77,3% буолар.

 Ылан көрдөххө, 675 төбө өлбүтүн кэннэ биллэрбиттэр, ырыганнаан – 62 төбө, ууга былдьанан – 258 төбө, 17 төбөнү сыһыыга сүтэрбиттэр, 96 төбөнү ардай аһыылаах туппут.

Сылгыларга өлүү уопсай ахсаана – 1142 төбө, ол иһигэр сыстыгана суох ыарыыттан – 26 төбө ( 2,2 %)  охтубут, ыарыыны кытары сибээһэ суох төрүөттэн – 1116 төбө, ол иһигэр 32 ырыганнаан, 271 араас төрүөттэн, 292 ууга былдьаммыт, 174 сүппүт, 347 ардай аһыылаах туппут.

Сүөһүбүт чөл буолара көрүүттэн-истииттэн тутулуктааҕын умнумуоҕуҥ.

ХААРТЫСКАЛАРЫ: С.АНДРЕЕВ ТИКСЭРДЭ

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Хотугулуу-илин -43°С диэри тымныйыа

Сэрэдэҕэ, сэтинньи 13 күнүгэр, Саха сирин киин улуустарыгар кыралаан хаар түһэрэ күүтүллэр, хотугулуу-илин оройуоннарынан -43°С…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«ICL Техно» хампаанньа көмпүүтэрэ пуорум быыстапкатын киэргэттэ

Бүгүн "Үлэ кыбартаала" креативнай кластерга ыытыллыбыт “Цифровой алмаз” III федеральнай пуорум бастакы күнүгэр дойду араас…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Алдан» киинэ — саха уолаттарын хорсун быһыыларын туоһута

 “Цифровой алмаз” III федеральнай пуорум бастакы күнэ Саха сирэ уонна Запорожье уобалаһын айар кэлэктииптэрин холбоһуктаах…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ион Цыпандин Төҥүлүтээҕи госплемстанцияны салайбыта

Мин 1965 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Госплемстанция Төҥүлүтээҕи филиалыгар Мэҥэ Ханалас оройуонугар селекционер-зоотехнигынан үлэлии киирбитим.…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр 240 киһи коронавирустаабыт

Коронавируһу утары охсуһар федеральнай суһал ыстаап чахчытынан, ааспыт нэдиэлэҕэ Арассыыйаҕа 22 398 киһи ыалдьыбыт. Оттон…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоммутугар, дойдубутугар туһаны аҕалар санаа биһигини түмэр

Пригород сэлиэнньэтин дьахталларын түмсүүтэ 2022 сыллаахха дьаһалта исписэлииһин  Лена Флегонтова көҕүлээһинэн тэриллибитэ. Салайааччынан Чэмэлиинэ Скрябина…

12 часов ago