Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан бастаан ийэ буолар дьолу билбитэ өр сылларга сүрэх оспот бааһа буолан, кини олоҕор хайдах дьайыан?!.
Тохсунньу тоһуттар тымныыта, хойуу тумана Дьокуускайы саба бүрүйэн, будулуйан турдаҕына, эдэр ийэ төрүүр болдьоҕун иннинэ, 2,8 киилэ ыйааһыннаах уол оҕону кылбардык төрөппүтэ.
Оҕо тута ытаабыта эрээри, ийэтигэр биэрбэтэхтэрэ. Кыыс оҕото хоп-хойуу баттахтааҕын эрэ өйдөөн көрөн хаалбыта. Оҕону эрдэ төрөөбүт диэн, анал балаатаҕа илдьэ барбыттара. Онтон төрдүс, сэттис күнүгэр аҕалан, ыраахтан көрдөрө сылдьыбыттара. Көтөҕө сатаабытын, илиитигэр биэрбэтэхтэрэ, чугаһаппатахтара. Дьиҥинэн, кыра ыйааһыннаах, итэҕэс оҕо буолбатах этэ.
Тохсус күнүгэр “оҕоҥ туруга мөлтөх, бу киэһэҕэ диэри тиийбэт” диэн соһумар сураҕы иһитиннэрбиттэрэ… Эдэркээн ийэҕэ ити этии этиҥ буолан сааллыбыта, соҕотохто иннин-кэннин билбэккэ булумахтана түспүтэ, аймаммыта, ытаабыта. Кини билбэтэ-көрбөтө элбэх этэ, бэйэтэ да эдэркээн оҕо буоллаҕа дии. Онуоха эбии төрөөһүн кэннэ ийэни буулуур санаа түһүүтэ (депрессия) саҕаламмыта.
Үүт бөҕө киирэн, түөһэ ыалдьара, ону ыбылы баайан кэбиспиттэрэ. Ол киэһэ быраастартан, сиэстэрэлэртэн кистээн, оҕотун көрдүү сатаабыта. “Интенсивнэй терапия” балаататыгар уонна кыһыл оҕолор сытар балааталарыгар киирэн, бэйэтин араспаанньата суруллубут бииркэлээх оҕону көрдөөбүтэ да, булбатаҕа.
Ол курдук, түүл-бит курдук сырыттаҕына, сарсыныгар, оҕото өлбүтүн туһунан иһитиннэрбиттэрэ, ханна эрэ сиэстэрэ-хаһаайка хоһугар киллэрэн, өтүүктэр, биэдэрэлэр, сууллубут таҥастар быыстарыгар олордон, юриһы кытары көрүһүннэрбиттэрэ.
Нуучча дьахтара туох эрэ кумааҕылары үҥүлүтэрэ, ону хараҕын уутугар мунан, көрбөккө, аахпакка да эрэ, илии баттаан испитэ. Барыта туман быыһынан, хаҕа эрэ хаалан, атын киһи саҥарарын, хамсанарын курдуга…
– Оҕобун көрүөхпүн баҕарабын, ылан бэйэбит харайыахпыт этэ…
– Ийэҕин кытары кэпсэппиппит, кини өлүгү ылартан аккаастаммыта. Бачча тымныыга, кыһалҕа үөһэ кыһалҕа оҥосто сырыттаххытый? Эн эдэргин дии, өссө оҕолонуоҥ буоллаҕа. Ити оҕо ыарыһах, син биир киһи буолбат этэ, эрэйи көрүө этигит. Өлүгү тоҕо көрө сатаатыҥ, зачем лишний раз себя расстраивать, – диэн юрист араастаан албаһыран, алы гынан кэбиспитэ.
“Өлүк”, “киһи буолбат”, “ыарыһах”, “эрэй” диэн тыллар иин тымныытынан хаарыйан, олоҕу саҥа билэн эрэр эдэркээн ийэ сүрэҕин төһөлөөх аймаабыттара буолуой? Ол күнүгэр кыыһы төрүүр дьиэттэн таһаарбыттара.
Ийэтиттэн ыйыппытын: “Бачча тымныыга, тоҥ буору хаһан, бохоруоналыы сылдьыахпыт дуо, бэйэлэрэ дьаһайдыннар” диэн саба саҥаран кэбиспитэ. Оччотооҕу оҕо ийэтин тылыттан тахсыа дуо, төрөппүт тыла сокуон буоллаҕа…
Кыыс санаатыгар, оҕото тыыннаах курдуга. Түүн аайы түһээн көрөрө: бу сыылла сылдьар, онтон бу саҥа хааман эрэр, күлэн-үөрэн мычылыйа, даллаахтыы олорор, көтөхтөрө сатаахтыыр…
Баҕар, баҕар… Олох тургутуга тоҕо ыараханай, эриирэ-мускуура тоҕо уустугай? Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо? Эбэтэр, кини быданнааҕыта өлбүт оҕотун тыыннаах дии санаан, бэйэтин бэйэтэ эрэйдиир дуу?..
Билигин да “оҕом тыыннаах” дии саныыр. Ийэ сүрэҕэ сэрэйэн билэр дииллэр. Кыратыгар оҕотун кытары ситимэ быста илик быһыылааҕа, куруук түһээн көрөрө, ытыырын, ыалдьарын сэрэйэн билэр курдуга. Билигин уулуссаҕа кини саастыы уолаттары көрөн, куруук оҕобун көрдүүр. “Көрдөхпүнэ, билиэм этэ” дии саныыр.
Бу санаа баттыга, ахтылҕана ааспат, сылтан сыл күүһүрэн иһэр. Саҥа дьыл, тохсунньу ый үүннэҕин ахсын дьиктини кэтэһэр, күүтэр…
“Миигин “күүстээх интуициялааххын, түүллээххин” диэччилэр. Хайдах эрэ булуом, көрсүөм диэн санаа кэнники бигэтик олоҕуран, чиҥээн иһэр. Баҕар, ииппит дьонун суобастара уһуктаарай?” – диэн ийэ үөһэ тыынар.
Елена билигин 3 уол оҕолоох ыал ийэтэ, эбээтэ. Кини сиэстэрэнэн, социальнай үлэһитинэн үлэлээбитэ. Кыра уолун төрүүрүгэр эмиэ ол 2 этээстээх эргэ төрүүр дьиэҕэ киирбит. Онно уруккуттан үлэлиир кырдьаҕас акушерканы кытары кэпсэтэн, көрдөһөн, докумуону аҕалтаран, көрбүт эбит. Ол түгэҥҥэ докумуону хаартыскаҕа түһэрэр өй киирбэтэх.
Хомойуох иһин, төрүүр дьиэҕэ докумуоннар 25 сыл эрэ хараллаллар эбит, онон билигин ону булар кыах суох. Кэлин биир акушерканы кытары билсэн, кэпсэппитигэр, оҕо өллөҕүнэ, ханнык да юриһы көрүһүннэрбэттэр диэбит этэ.
Оччотугар, ол юрист дьахтар тоҕо кэлэ сылдьыбытай, быраас хоһугар буолбакка, ханна эрэ саһан олорон, туох кумааҕыга илии баттаппытай? Аны туран, балыыһаттан тахсарыгар кыыс илиитигэр оҕо өлбүтүн туһунан ыспыраапканы, туох да докумуону биэрбэтэхтэр. Поликлиника гинекологар биэрээр диэн лоскуй кумааҕы сыыһын суруйан биэрбиттэрин, илдьэн туттарбыт, ол онон бүттэҕэ.
Онон биэнсийэҕэ тахсарыгар, хат буолбатах, төрөөбөтөх, үөрэммэтэх, биир сыл таах сылдьыбыт курдук буолан тахсыбыт. Дьиҥинэн, онтон сылтаан кини үөрэҕэр “академ” уоппускатын ылбыта эбээт. Бу түбэлтэҕэ ыйытыы элбэх. Сокуон быһыытынан, тыыннаах оҕо төрөөн баран, бастакы нэдиэлэтигэр өлбүт буоллаҕына, балыыһа бигэргэтэр докумуону биэриэхтээх, ону ааһан, ЗАГС управлениетыгар биллэриэхтээх. Бу нуорма тоҕо эрэ тутуһуллубатах…
Елена оҕотун дьылҕатын билээри, көрбүөччүлэргэ, экстрасенстарга сылдьан ыйыталаһар буолбута. Биир биллэр экстрасенс: “Эйигин нуучча дьахталлара албыннаабыттар, оҕоҥ тыыннаах”, – диэбит. Чахчыта, ол юриһы сэргэ, оҕо бырааһа баара – кэлбит-барбыт, саҥарбыт-иҥэрбит сааһырбыт нуучча дьахтара. Оттон кини уутун тэспит, төрөппүт акушерка саха дьахтара этэ.
Биир калмычка көрбүөччү субу көрөн олорор курдук кэпсээбитэ:
– Биир оҕоҥ бэйэҕиттэн ыраах сылдьар. Эн орто уолгар маарынныыр эбит. Куруук күлэ-үөрэ, мичээрдии сылдьар, үрдүк уҥуохтаах, кыраһыабай уол. Кинини быраастар ылан, өлбүт диэн албыннаан баран, оҕото суох ыалга биэрбиттэр. Бэл, төрөөбүт күнүгэр атын күнү суруйбуттар. Ол ыал оҕону ылаат да, атын улууска көспүттэр, онтон кэлин куоракка төттөрү көһөн кэлбиттэр. Оҕоҥ иитиллибитин билбэт эрээри, сүрэҕинэн сэрэйэр курдук…
Дьэ, сүрдээх дии, дьон олоҕунан, оҕо дьылҕатынан эргинии диэн. Ол эрээри, дьалхааннаах 90-с сылларга барыта баара: өлөрсүү, рэкет, бандьыыттааһын, халааһын…
– 90-с сылларга, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр, оҕолорунан эргинэр буола сылдьыбыттара буолуо дуу? Эдэр кыыһы билбэтинэн туһанан албыннаан, “өлбүт” диэн баран, элбэх харчыга оҕото суох ыалга атыылаан кэбиһиэхтэрин сөп курдук буолбатах дуо? Ол да буоллар, билигин кэлэн, хайдах да дакаастыыр кыах суох.
Чахчы, мин уолаттарым бары мичээрдии, күлэ-үөрэ сылдьар идэлээхтэр. Онон ити көрбүөччү этэрин итэҕэйиэх санаам кэлэр. Мин көннөрү оҕобун көрүөхпүн эрэ баҕарабын. Ол ииппит дьонун туох да диэн буруйдаабаппын. Баҕар, кинилэр билбэттэрэ да буолуо, арыгыһыт дьахтар оҕотуттан аккаастаммыт дии саныыллара буолуо… – Елена үөһэ тыынан эрэ кэбиһэр.
Баҕар, баҕар… Олох тургутуга тоҕо ыараханай, эриирэ-мускуура тоҕо уустугай? Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо? Эбэтэр, кини быданнааҕыта өлбүт оҕотун тыыннаах дии санаан, бэйэтин бэйэтэ эрэйдиир дуу?..
Ханныгын да иһин, ийэ өр сыллаах санаа баттыгын, дууһатын мучумаанын быһааран, кырдьыгы билиэн баҕарар, эрэнэр. Бу олоххо чахчы алыптаах дьикти (чудо) диэн баара буолуо дуо?
ХААРТЫСКА HTTPS://PXHERE.COM/RU
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…